Ол түгэн уораана…. Арчылан
билигин кэлэн туох да диэбит иһин, бэйэ норуотунан, бэйэ дойдутунан, кинилэр ситиһиилэринэн дьиҥнээх киэн туттуу баара. Ол да иһин Сэмэн Сүүлүскэй эҥин курдук эр бэртэрэ, фашист адьырҕаны урусхаллааһыҥҥа кыттыбакка хаалаары гынныбыт диэн ыксаан, инньэ Күһүүр курдук сиртэн Ньурбаҕа диэри тоҥуу хаар устун сүүһүнэн көһү хайыһарынан айаннаан киирэн, бэбиэскэ туруорсан ыллахтара… Даа, Миитэрэй көлүөнэтэ оннук көлүөнэ этэ, билиҥҥи дьоҥҥо холоонноох буолуохтара дуо?! Һы-һы, букатын да били Лермонтов поэматыгар баар кырдьаҕас саллаат курдук тыллаһан бардым дуу?..
Да, были люди в наше время,
Не то, что нынешняя племя…
Оонньуута суох, арай Даайа кинини талбыт буоллун – оччоҕо барыта хайдах эргийбит буолуо этэй?
Даайа… Даайа… Даайа…
Кинилэр үһүөн биир түбэ оҕолоро этилэр. Бары оскуолаҕа бииргэ киирэн, бииргэ үөрэммиттэрэ. Уонна оннук тутуспутунан бүтэрбиттэрэ. Оччотооҕуга сэттэ кылаастаах үөрэх этэ. Хойутаан оскуолаҕа киирэр буолан, сэттэ кылааһы да сиппит-хоппут дьон бүтэрэллэрэ. Онон ол кэмҥэ Даайалара көрбүт эрэ уол сүрэҕин нүөлүтэ сэлибирэтэр кийиит кыыс бэрдэ буола силигилээбитэ. Субу көтөн хаалыахтыы тырыбыныыр уп-уһун кыламаннаах, эбиитин эдэр саас тэбэнэттээх кыымынан ыһыахтана оонньуур хап-хара хараҕа, отон уутунан сотон кэбиспит курдук кып-кыһыл обуйук уостара, такымынан охсуллар толбоннурар суһуоҕа, мөтөгөркөөн түөстэрэ, быһа тутан кэбиспиттии быакагаркаан уонна имигэстэй бииллэрэ – барыта чочуонай этэ. Оттон күлүүтэ, алыптаах музыка буолан кутуллар лыҥкынас күлүүтэ!
Холкуос-нэһилиэк дьоно бары кинини сүрдээхтик сөбүлүүллэрэ. Бэл, Мыттыкы оҕонньор: «Даайа кыыс, кырынаас курдук кылыбырыйан, кулуһун курдук дьулугураан аастаҕына, миигинньик бөөхүллэ нохтолоох сүрэҕэ көбөн, толугуруу мөхсөн ханна баарын биллэрээхтиир буоллаҕа!» – дии-дии сүрэҕин туттан, дьону-сэргэни күллэрэн мытталлара.
Даайаны хоһуйаары, нэһилиэк уон биэһиттэн отутугар диэри саастаах сулумах уолаттара түөрэ бары хоһоон суруйуутунан ыалдьа сылдьыбыттара. Миитэрэй да онтон хаалсыбатаҕа. Ол кэмҥэ кини бастакы уонна бүтэһик хоһоонун суруйбута. Оннооҕор билигин, түлүк түүн да ойутан туруордахтарына, ол хоһоонун биирдэ да кэлэҕэйдээбэккэ биир тыынынан ааҕан биэрээ ини, таптал тууспаан кутаатыгар куустара сылдьан долгуйа тиспит тыллара ол курдук кытаанахтык өйүгэр-санаатыгар хатанан сылдьаллар. Тиспит да буолан, ити тыллар бэйэлэрэ бэйэлэриттэн төрөөн тахсыбыттара эбитэ дуу?..
Миитэрэй ытыһынан сирэйин саба туттан баран, бастаан сибигинэйэ былаан, онтон устунан тэтимиртэр тэтимирдэн, улаханнык иэйэн-куойан, хоһоон ааҕан барбытын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла быһыылаах.
Сууллар сулус
Сиргэ тиийбит
Сүдү дьоллоох кыырпахтарын
Сүрэхпинэн чочуйаммын,
Сарпа уоттаах симэхтэри
Суоһалдьыйар эн суһуоххар
Сэрэнэммин кыбыттарбын,
Соһуйбучча, баҕар, ууруоҥ?
Хадаар санаам
Хаһыырбалыыр
Хаспахтарын арыйаммын,
Хостоохтообут уот