Ол түгэн уораана…. Арчылан
хаалан, сүрэҕэ тэбэрин тухары дөрүн-дөрүн тыынан күрдүргүүр, оччоҕо хабырыттаҕас хатан дьыбар түһэр. көҥдөй көҕүс баранан истэҕин аайы, тымныы аргыара намтаан иһэр. Оҕус этэ-сиинэ бүппүтүн, тириитэ үлтү сытыйан илдьирийбитин бэлиэтэ – оҕус түүтүн хоҕоһото хаар үрдүгэр тордох буолан ыһыллар. Тордох түстэр эрэ хаар аҕыйах хонугунан ууллан бүтэр. Тордох, киһи чугаһаатаҕына, кулахы курдук бырдаҥалыыр буоллаҕына, хаар олус күүскэ, дохсуннук ууллар. Дьэ, итинник. Эн букатын даҕаны утуйан хааллыҥ дуу? – оҕонньор братын төттөрү холбоон эмиэ тас гыннарда.
– Ама, утуйдаҕай?! Оннооҕор мин түмүгүн эрэ баттаһа киирэн, улаханнык хомойбукка дылы буоллум, – оһох иннигэр олоппоско олорор Марыына саҥа таһаарбытыгар эдэрдээх-кырдьаҕас соһуйан ходьох гына түстүлэр.
Биирдэрэ уутугар-хаарыгар киирэн кэпсээбит омунугар, атына ол абылаҥар куустаран, бүтүн киһи киирбитин букатын да өйдөөбөккө хаалбыттар.
– Суох, мин отой да утуйбатым, – Дьулусхаан төлү биэрдэ, – мин Хоноһо Хоһуун курдук буолуом этэ…
Онтон эппититтэн кыбыһынна быһыылаах, ойон туран, бэргэһэтин-сонун түүрэ харбаата да, таһырдьа тилир-талыр гынан хаалла.
– Соҥҥун-соҥҥун кэт! – кэнниттэн Марыына кыл мүччү хаһыытаан эрэ хаалла.
Оттон кириэһилэҕэ тимиччи түһэн, түннүгү тонолуппакка одуулуу олорбут Миитэрэй аан диэки хайыһан хатааһын чолбонун кэриэтэ сып-сытыытык чолбоодуччу көрбүтүгэр харахтарыттан күөх сарпа сараадыйан тахсарга дылы гынна.
Марыына Миитэрэй Ыстапаанабыс хараҕа маннык уоттаммытын, бадаҕа, уонча сыллааҕыта ракеталар тобохторо бу кинилэр улуустарыгар түһэрин утарар миитиҥҥэ көрбүтэ. Онно сөхпүтэ аҕай: бу нууччалыы саҥарара ырааһын, бу толлубатын! Оттон ол миитиҥҥэ Дьокуускай эрэ тойотторо буолбакка, муҥутуур Москубаттан тиийэ бааллара эбээт. Бэл, генерал чыыннаахтар кэлбиттэр дэһэллэрэ. Кырдьаҕас онно туох баар уордьанын-мэтээлин кэтэн тиийэн, салгыны уҥа-хаҥас хаһыйа-хаһыйа, тыл этэн хабылыннарбытыгар анараалар да сөҕө көрбүттэрэ-истибиттэрэ быһыылааҕа. Оччотооҕу Ыстапаанабыс уҥуоҕа-иҥиэҕэ бөдөҥө билиҥҥитигэр холоонноох буолуо дуо?! Дьиктитэ диэн, өссө уонна хаһан эмэ мэтээлин-уордьанын кэппитин Марыына бу диэн соччо өйдөөбөт да эбит.
– Хоноһо Хоһуун таҥара тэҥэ буоллаҕа эбээт… – Миитэрэй, арааһа, Дьулусхааҥҥа анаабыт тыллара хойутаан да буоллар, суптугур уоһуттан мүччү көтөн тахсан, салгыҥҥа тарҕаан-уостан хааллылар.
2
Миитэрэй уута кэлбэккэ эргичиҥнии сытта. Этэ-сааһа аһыллан, өйө-санаата уйуһуйан, бүтүннүү кулгаах буолан хаалбыкка дылы. Оттон таһырдьа тыал тыаһа-ууһа сүрдээх, бэтэрээнэн киһи сытта да утуйуох курдук буолбатах.
Баччаҕа мас хаардыыр тыал булгуччу түһээччи эрээри, быйыл халлаан хаһааҥҥытааҕар да ордук кыйыдыйбыт. Уопсайынан, күн-дьыл уруккутугар холооно суох. Дьэ, хаһан кыһын оройугар тыалырбыта баарай?! Оттон билигин ахсынньы буоллун – тыал, тохсунньу буоллун – тыал, тыал да тыал… Бэл, бу бүгүн кэлэн, Миитэрэй сүрэҕэр-быарыгар