Санатыма дуу, ааспыты…. Огдо
баран хам аччык буола түһэр, тохтоло суох ытаан бэбээрэр эрэйдээҕи кини, түбүгүн быыһыгар кистээн, булгуччу эбии аһатар. Аһынара оччо. Тыынар тыыннаах эрэйдээх сыыһа-халты түспүтэ эн ханнык да быраабылаҕар баппат. Буолаары буолан төрүү иликтэриттэн тулаайах хаалбыт бу оҕолор…
Аанчык, оҕолорун аһынан, син биир быыкаатык да буоллар быыс булан, ааһан иһэн сууларын анныгар илиитин батары биэрэн, илийбитин-илийбэтэҕин бэрэбиэркэлиир. Инчэҕэй буоллаҕына, тута иккистээн уларыта охсор. Оччоҕо эрэ ытаан мэрбэҥнээбит сирэй, «һуу» гынан, мичээрдииргэ дылы гынар. Онуоха уһуннук ымманыйан туруоҥ баарай, кураанах суоскатын айаҕар угаат, кыыс салгыы сүүрүүнэн кэриэтэ атын дьаһалыгар ыстаннаҕына эрэ барытын кэмигэр толорор, бүтэрэр кыахтанар.
Ити өссө кыра диэн манна баар саастаах сиэстэрэ кини кэлээтин кытта сэрэппитэ. Оҕолор улааталлар, хамсаан, туран-олорон бардахтарына, ирдииллэрин биллэхтэринэ, ытабыллара үксүүр, көрүллэллэрэ эбии уустугурар. Ону да кыыс өйдөөбүтэ. Биирдэ эмэ илиитигэр ылан көтөхтөҕүнэ, иһиллээбиттии ах барар кырачааны, ама, тугу да билбэт диэҥ баарай? Кимнээҕэр бэркэ илиини араараллар, кыратык да чугаһаатаргын, соҕотохто хатааста, силим курдук сыста түһэллэр уонна, туох дииргин күүппүттүү, чуумпура иһийэллэр. Кып-кырачаан тарбахтарынан түөскэр хатана түһэллэр уонна эйэргээбиттии уу-хаар баспыт харахтарынан мичээрдээн муҥнаналлар. Сып-сырдык саһархайдыҥы харах, сороҕо күөх, сороҕо хара… эрээрилэр тоҕо эрэ бары биирдик, көрдөһөр-ааттаһар курдук көрөргө дылылар. Оччоҕо, хайа да бэйэлээх дьахтар, бу кырачаан барахсаны халбарыччы анньар кыаҕыттан ааһара буолуо ээ. «Эрэйдээхтэр ийэлэрин эрэйэллэр ээ, быһыыта» дии санаатаҕына, бэйэтинэн охсон, ийэтэ суох улааппыт оҕо сааһын санаан, уйадыйан ылааччы. Ол иһин ити туһунан санаабат буола сатыырга кини кэнники ыйдарга син мээнэ үөрэннэ.
Манна үксэ ыалдьааччылар сыталлар, ол аата эмтэммэт, эбэтэр уустук ыарыылаах диэн, төрөөттөрүн кытта кинилэртэн ийэлэрэ аккаастаммыттар. Чэгиэн баҕайы кырачааннары ардыгар иһээччи, күүлэй дьон бырахпыт буолаллар. Сорохтору онтон-мантан булаллар. Олору кэтээн көрөллөр, доруобай буоллахтарына, оҕото суох ыалга ииттэрэ биэрэллэр. Онуоха халыҥ уочарат. Сороҕор быыһылаан атын куораттартан, омук дьоно эҥин кытта ылаллар дииллэр. Ол тоҕотун, төһө уустугун, көҥүллэнэрин-көҥүллэммэтин Аанчык билбэт, ыйыта да сатаабат. Иһигэр оҕолоруттан наһаа көҥөнөр, кимиэхэ да биэриэн баҕарбат да, бопсор кыаҕа, биллэн турар, суох. Кини тыын соруга – бу оҕолору күннэтэ көрүү-харайыы, хаста да аһатыы. Онон бүтэр. Ытыыр-ыгылыйар буоллахха, бириэмэҕин таах ыыттаххына, хайа эрэ оҕоҥ аччык хаалар кутталланар буолаахтаатаҕа.
Үлэтин кыһамньылаахтык уонна түргэнник толорорун иһин кыыһы хайгыыллар. Оннооҕор Саҥа Дьылга эҕэрдэни кытта бириэмийэ биэрэн турардаахтар. Эбиитин эһиил үөрэххэ киирэргэ мэктиэлиэхпит диэбиттэрэ.
Онтон Аанчык олус үөрбүтэ, бука, ити эппиттэрин хоту сөбүлэниэ даҕаны. Быйыл учуутал буолбут киһи дуу