Санатыма дуу, ааспыты…. Огдо

Санатыма дуу, ааспыты… - Огдо


Скачать книгу
Ол иһин, хаһан эрэ ылыахтаах оҕотугар туһаайан оргууй аҕай: «Чыычаах, тохтуу түһүөхпүт, бастаан оҕолонуохпут, онтон эйигин син биир ылыахпыт», – диэн бэйэтэ эрэ истэрин курдук сибигинэйдэ.

      Кыыс үлэтигэр кэлээт, муус маҥан халаатын кэттэ, эмиэ оннук туналыйбыт халпааҕын оройугар уурунна, кэтэҕэр ыга тардан баанна. Сиэркилэҕэ кини иннигэр атын Аанчык турар. Уулуссаҕа буоллар наһаа оннук киһи хараҕар быраҕыллыа суох эбит да, маҥан халаат кими баҕарар олус тупсарар. Кини симиттибиттии туттубут сэмэй баҕайы ыраас сэбэрэтинээҕэр быһыыта-таһаата ордук уурбут-туппут курдук. Орто уҥуоҕар сөрү-сөп сип-синньигэс бииллээх, көбүс-көнө атахтардаах. Онуоха эбии илиитинэн үлэлиир кыыс имигэс санныларыгар дьүөрэлии нарын илиилэрэ харахха чуо быраҕыллаллар. Хамсаныыта имэрийэн эрэр курдук сэрэхтээх, наһаа намчы буолан, оҕо эйгэтигэр айылҕаттан сыстаҕас буоларга анаммыкка дылы. Күлэн мичийдэҕинэ сирэйдиин сандаарыс гынар ис киирбэх мөссүөнэ киһи эрэ хараҕар чуо быраҕылларын бэйэтэ сэрэйээхтээбэт…

      Былырыын баччаҕа дойдутугар этэ. Аҕата суох буолбут кэмин саныырыгар наһаа ыарахан, ол иһин хаһан да оһуо суох чинчилээх бааһы тыыппакка, мэлдьи тумна сатыыр. Ордук-хос ыйыталларын эмиэ сөбүлээбэт, судургутук: «Ийэм кырабар өлбүтэ, бу диэн үчүгэйдик да өйдөөбөппүн. Оттон аҕам былырыын оһолго бараахтаабыта, онон төгүрүк тулаайахпын», – диэн быһыта биэрдэҕинэ, ким да эбии туоһулаһааччыта суох.

      Толялыын билсэллэригэр эмиэ ити курдук эппиттээх. Уол соһуйбута уонна тугу да саҥарбатаҕа. Ол күнтэн ыла кини кыыска сыһыана ордук иһирэх буолбута быһыылааҕа. Кинилэр Эргэ Саҥа дьылы атаарар саҕана түүҥҥү кулууп үҥкүүтүгэр көрсүбүттэрэ. Аанчык онно тиийиитэ соһуччу соҕуһа. Бииргэ үлэлиир кыыһын кытта таах сынньана таарыйа барсыбыта. Куорат сир ыччата сытыыта дэлэлээх дуо, уоллуун-кыыстыын тибийэн олороллоро. Онтон саллан кыыс муннукка турар остуолга турбаттыы сананан олорбута. Биир бытыылка суок атыыласпытын хороҥ от курдук өҥнөөх пластик туруупканан сыпсырыйа-сыпсырыйа, киэһэни быһа анаан үрдэрэр буруоларын быыһынан үҥкүүһүттэри одуулаабыта. Чахчы киэптэппитэ, эчикийэ хамсаналлара да эҥинин, эрийэн түһэн уустугун. Ол быыһыгар өссө өрүтэ ыстаҥалаһар эбиттэрэ. Бары да маарынныырдык хамсаналлара, онон, сэрэйдэххэ, саамай муодунай үҥкүү үгэнэ быһыылааҕа.

      Арай, Аанчык ол туһунан тугу да билбэт. Тыас-уус, дирбиэн-дарбаан киһини да кытта кэпсэтиннэриэ суох айылааҕа. Аргыс кыыһа Люба, Аанчыгы барыах диэн ааттаһа сатаан баран, доҕотторун көрсөн бииргэ үҥкүүлүү ыстаммыта. Быыһыгар кыра хаалаах суоктарын күргүөмүнэн соппойоллор, арааһа, битийэ сырыттахха итиикэтэ да бэрт буолуо. Олорор киһиэхэ оннук үлүгэр сылаас буолбатах да, үҥкүүһүттэр хамсаныыларын күүһэ сыттаҕа. Имик-самык уокка киһи сирэйэ-хараҕа дьүүллээн көстүбэт. Онуоха эбии өтөр-өтөр туох эрэ буруотун саба үрдэрэллэр, оччоҕо букатын туман быыһыгар сылдьар кэриэтэ атын турукка киирэҕин быһыылаах. Ити сыттаах буруоттан тэттэн ордук кыыс аймах үөрэн ыстаҥалаһа түһэр, күлүү-салыы


Скачать книгу