Сэһэн, кэпсээннэр. Тимофей Сметанин

Сэһэн, кэпсээннэр - Тимофей Сметанин


Скачать книгу
Шагуровпыт немец плащ-палаткатын бүрүммүтүнэн сыттаҕына, кэлэн наһыылкаҕа уураары көтөҕөн ынчыктаспыттар. Шагуров хаһыытыы түһэн баран атаҕар турар киһини тээ-эп. Тэбиллибит киһи тиэрэ барар. Оттон атыттара өлбүт киһи тиллибититтэн, соһуйан «сүрэхтэрин ырбаахыта» тэлибирии түспүт да, тэбинэн хаалбыттар. Шагуров туран били охтубут киһини плащ-палаткатыгар суулуур да, кыбынан кэбиһэр уонна бэйэтин дьонун диэки оргууй аҕай аадайа турар.

      Эмиэ кини туһунан буурдук сэһэргииллэр:

      – Арай биирдэ «тыл» ыла барар. Түүн, борук-сорук. Быарынан сыылан немецтэргэ чугаһаан иһэн көрдөҕүнэ: икки немец биһиги диэки үөмэн иһэллэр. Шагуров саһан хаалар. Бастаан иһэр немец сыылаҥхайдаан ааһар. Иккис немец доҕоруттан уонча хаамыы хаалан иһэр. Шагуровы ааһа сыылан истэҕинэ, Шагуров били аатырбыт эриэн муос уктаах быһаҕынан немеһи көхсүгэ саайар уонна немеһи кэтэҕиттэн сиргэ эпсэри охсор. Ол күн ардах түспүтэ, немец өлөрүгэр «тумса» бадарааҥҥа буола түһэр, онон өлөрүгэр «мыык» дуу, «мээк» дуу диэн хаһыытыыра иһиллибэккэ хаалар.

      Шагуров немец муостаах кааскатын ылан кэтэн кэбиһэр уонна бастакы немеһи батыһа, били өлбүт немец испитин курдук, сыылан иһэр. Бастакы немец сотору-сотору тугу эрэ «һуҥ-һаҥ» диэн саҥарар. Шагуров онуоха «гут-гут» диир. Кырдьыга кини «гуут» – «үчүгэй» диэн тылтан ураты немецтии бэрт ахсааннаах тылы билэрэ.

      Дьэ ити курдук иһэллэр. Немец тохтоон баллыгыраатаҕын аайы, Шагуров тохтоон «гут-гут» диир уонна сороҕор «дыр-дар» диэн эбии ботугуруур. Немец ити хоруйунан сөп буолбут курдук, иннин диэки сыыллар.

      Ити курдук «гуутургаһан» биһиги окуопаларбытыгар чугаһаан кэлэллэр. Немец тохтуур, Шагуров үөмэн кэлэн кэккэлэһэ сытар. Немец биһиги диэки ыйа-ыйа тугу эрэ саҥарар.

      – Гут, кэллибит, – диир Шагуров уонна туран таҥаһын тэбэнэр. Немец дьэ билэр – кини доҕоро буолбакка – «русс» кинини батыһан испитин. Хараҕын эриэнинэн көрөр, автоматын Шагуровка туһулуур.

      Шагуров автоматын киэр охсор:

      – Гут, чэ барыах, – немеһи саҕатыттан ылар да, соһон баран биһиги диэки ыадайа турар.

      Дьэ, көр, старшина Шагуров итинник разведчик. Кини биһигини кытта бииргэ ыҥырыллыбыта дьиибэ.

      Арай…

      Штаб кэллэ.

      һгүһү-элбэҕи уйгурдуу барбакка, быһа эттэххэ: биһиги разведкаҕа барар буоллубут.

      Бу анабылтан мин олус үөрдүм.

      Штабтан тахсан баран Шагуров, идэтинэн, гимнастеркатын тэллэҕиттэн аллараа баттаата, түөһүн мөтөттө. Омурдун күлтэх гыннаран баран, «буус» гына үрдэ, сабыстаҕас хааһын аннынан Ирдонов биһигини атахпытыттан төбөбүтүгэр дылы, төбөбүтүттэн атахпытыгар, онтон кириэстии көрөн кэбистэ.

      Ирдонов тугу санаабыта буолла, оттон мин, биһигини хааллараары, разведкаҕа соҕотоҕун бараары гыннаҕа дии санаан, кутталбыттан сүһүөҕүм харчы уҥуоҕа атаҕым устатын тухары сүүрэлииргэ дылы гынна.

      – Дьэ ити курдук, оҕолоор. Аһаан баран миэхэ кэлээриҥ. Разведка оҥорор сирбит картатын үөрэтиэхпит, – диэтэ Шагуров.

ӨРҮС УҤУОР

      Биһиги ити


Скачать книгу