Сэһэн, кэпсээннэр. Тимофей Сметанин
диэки сыыллылар, биир тоҕо эрэ хаалла. Гурьянов үөмэн тиийэн кинини кынчаалынан аста. Немец өлөрүгэр сүрдээх хатаннык хаһыытаата.
Икки инники барбыт немецтэр автоматтарын бэлэмнээбитинэн эргиллэ түстүлэр.
– Кэндэ хох! – диэн биһиги хаһыытаатыбыт. Немецтэр ойоҕосторуттан, адьас чугастан эмиэ «Кэндэ хох!» диир саҥа иһилиннэ.
Биһигини сиирэ-халты охсон автомат буулдьалара чубугурастылар. Гурьянов саатын тыаһа хабылла түстэ. Биир немец хаһыытаабытынан олоро түстэ. Немецтэр ойоҕосторуттан эмиэ саа тыаһаата, иккис немец турбахтаан, иэҕэлдьийбэхтээн баран эмиэ оҕутта.
Олоро түспүт немец, олорон эрэн, автоматынан ытарын тохтоппот, онтон немецтэр ойоҕосторуттан хара күлүктэр нөрүс гыннылар, немецтэри саба баттаатылар. Гурьянов биһикки сүүрэн тиийэн эмиэ көмөлөстүбүт.
– Айыкка! Бу сатана быһахтаах эбит дуу? – диэн ким эрэ хаһыытаата.
«Кистэлэҥҥэ» сыппыт биһиги уолаттарбыт атахтарын булгурута ыттарбыт немец икки разведчигын плащ-палатканан оҥоһуллубут наһыылкаларга сытыартаатылар.
– Өстөөх бэриммэтэҕинэ өлөрүллэр: «Кэндэ хох!» кэнниттэн, киһилии истэн бэриммиккит буоллар, атахтаргыт бүтүн хаалар этилэр.
«Тыл» ыла кэлбиттэр бэйэлэрэ «тыл» буолар буоллулар.
Сарсыарда халлаан сырдаан барда. Туман көтөн эрэр. Үүтэ биллибэтэх сиҥэ курдук тулабыт туп-тунаархай. Салгын сииктээх уонна ханнык эрэ хабархай амтаннаах курдук.
Гурьянов биһикки сииктээх күөх отунан көмүнэн баран окуопабытыгар сытабыт. Пилотка бэргэһэбитигэр эмиэ оттору кыбыппыппыт, чугаһаабатах киһи билбэт: сири кытта сир буолан, оту кытта от буолан көстөр гына сытабыт.
– Уон биэс мүнүүтэ хаалла, – диэтэ Гурьянов, харытыгар кэтэ сылдьар чаһытын көрөн баран.
Туман көттө.
Өстөөх сытар дэриэбинэтин сэмнэҕэ харааран көстөр.
– Аҕыс мүнүүтэ хаалла…
– Биэс…
– Үс…
Эмискэччи илин өттүбүт өрө дьигиһис гынна. Биһиги үрдүбүтүнээҕи салгын суп-суһугурас, куп-куһугурас буола түстэ. Халлаан төһө эмэ сырдаабытын үрдүнэн, түүтэх-түүтэх уоттар, чаҕылхай баҕайытык күлүм-күлүм гыннылар. Тип-тигинэс, ньип-ньирилэс сири-халлааны дьигиһитэр тыас өрө сатарыйда. Ханнык күүстээх этиҥ тыаһа, туох ама тэҥнэһиэй, бу тыаска!
Ити «сэрии таҥаратынан» ааттанааччы советскай артиллерия уоту аста.
Өстөөх сытар сирин хара күдэн сапта, буор-сыыс, от-мас өрө ыһыллан тахсар, төттөрү саккырыыр, онтон эмиэ итиннээҕэр күүстээх ньиргиэр буолар.
Советскай артиллерия! Хайдахтаах модун күүһүй, хайдахтаах уордаах сэбий?!
Өстөөх атаҕын анныгар тэпсиллэн сытааччы сүүһүнэн, тыһыынчанан дьоннор кинини күүппүттэрэ өр буолла. Оҥкучахтан тахсан дьоннор илин халлааны одуулууллара. Халлаан артиллерия уотуттан кыыспыт күөнүн көрүөхтэрин баҕараллара. Дьоннор буорга умса түһэн сытан сиргэ кулгаахтарын таҕайаллара. Кинилэр советскай артиллерия тыаһын – Кыһыл Армия быыһыы-босхолуу иһэр тилэҕин тыаһын ньиргиэрин иһиллииллэрэ.
Кэм кэллэ!