Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов
Ксенья иккистээн уопсайга кэлбитигэр: «Мин киэһэ аайы хайаан да хаамыахтаахпын», – диэн Дина Сайсары күөлгэ диэри атааран биэрбитэ. Атахтарын тыаһа хаачыргыырын быыһыгар дьүөгэтэ тугу этэрин кытта барытын сөбүлэһэн иһэрэ:
– Оҕону бэйэбит араспаанньабатынан суруйтарыахпыт… Бэргэнэбис диэн буолуо… биһиги хоту ананныбыт, оччоҕо оҕоҕун өр кэмҥэ көрбөтүҥ буолуо…
– Саатар эрэ, кинини мин хаһан да оҕом диэн эһиэхэ санатыам суоҕа, кини үөскээн хаалыыта эдэр сааһым алҕаһа буоллун, ким сыыспатаҕа баарай…
– Эн, Дина, ыалдьыбаккын, доруобайгын, онон оҕо да доруобай, чэгиэн-чэбдик буоларыгар адьаһын саарбаҕалаабаппын…
Кыргыттар арахсалларыгар куустуһан сыллаһан ылбыттара, Дина төннөрүгэр, өр кэмҥэ ыарык буолан санныттан ыга дьаакырдаабыт кыһалҕата ааһан, олус чэпчээн хаалбыт этэ, оҕону түһэртэрэ сатыыр кыһалҕаттан тахсан, наһаа үөрэн-көтөн иһэрэ, туолбут ыйдаҥа туналҕан сырдыгар тунал хаарынан сабыллыбыт сир-дойду, дьиэ-уот олус кэрэтийэн көстүбүтэ. Дьылҕа диэн эр киһи уонна дьахтар түбэһиэх түгэннэриттэн, көрсүһүүлэриттэн турар, арай Руслан атын рейсинэн көппүт буоллун эбэтэр, чэ, саатар, биир да сөмөлүөккэ эрээри, атын кириэһилэҕэ олорбут буоллун, оччоҕо бу айдаан, ыксал, кэлиэх-барыах сири булбакка, муннугу-ханныгы кэйии хаһан да тахсыа суох этэ. Оттон билсэн баран, дьолбун бу буллум, барыта иннибэр кэрэттэн кэрэ буолуо диэн ыраланыыта олус хаҕыстык, холустук үлтү барбыта. Киһи олоруон да баҕарбат курдук ыар күннэр тирээн ааспыттара…
Чэ, хата, барыта этэҥҥэ быһаарыллар суолга киирдэ. Хааман иһэн, кыыс бэйэтэ бэйэтиниин кэпсэтэ испитэ:
– Таҥара баар эбит, оҕом эрэйдээҕи, хата, үчүгэй дьон, бэйэм доҕотторум ылар буоллулар…
11
Ханна эрэ Хатыҥ Үрэххэ бүкпүт коттедж ат эккирэтэр киэҥ куукунатыгар олорон, Дина ону-маны эргитэ саныыр кэмигэр, Бэргэннээх, ыалга кыбыстан аанньа аһаабатах дьон, иккиэйэҕин эрэ арыычча батар куукуналарын дуомугар сылбархай чэйинэн дьулурутан арыылаах килиэби мэлии саахардаан сиэтилэр. Онтон Бэргэн соҕотох киэҥ хосторугар – саалаҕа киирэн, остуолга олорон, кэргэнэ биэрбит кинигэтин – Чехов кэпсээннэрин ааҕан барда. Ксенья икки чааскыны сайҕаата уонна оҕотун Эллээйчиги хайыы-үйэ ахтыбыт курдугун, сарсын сарсыарда турда да Бэргэн таайа аахтан аҕалардыы быһаарынна уонна куукунаттан тахсан, Эллээйчик хоһугар киирэн уоту уматта. Манна оҕолорун ороно, остуола, эркиҥҥэ боксерскай бэрчээккилэр ыйаммыттар, кылааһынан түспүт хаартыскалара уонна бэйэтэ сурунааллартан кырыйан ылан сыһыарбыт ойуулара – Виктор Цой, Шварценеггер, Костя Цзю, кып-кыһыл өҥнөөх омук матассыыкыла… Остуолун үрдүгэр саамай киэн туттар баайа – икки кассеталаах дьоппуон омук магнитофона. Итини хоту олорон, продснаб тойонун кытта ньымааттаһан, бэрт эрэйинэн ылбыттаахтара, оо, ону бэлэхтээбиттэригэр Эллээйчиктэрэ үөрдэ да этэ! Хаһан да төрөппүттэригэр ымманыйбатах бэйэтэ, ийэлээх аҕатын иккиэннэрин иэдэстэриттэн сыллаталаан ылбыта. Ксенья умса түһэн сыттыгы