Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов
суох норуот бас билэрин былдьааһын буолла, ол курдук «приватизация» дуу, «прихватизация» дуу диэн тылынан саптан, судаарыстыба баайын-дуолун – элбэх дьиэни-уоту, техниканы буор-босхо чааһынайга олордон ыллылар, аны эргинэбит диэн онтон-мантан тиэйэн аҕалбыт табаардарын сыанатын хас эмэ бүк ыаратан атыылаан байаллар… Мин ону чиэһинэй байыы диэхпин кэрэйэбин…
– Чэ, аны ол ылбыттарын саҥаттан өрөбөлүүссүйэ да оҥордоххуна төннөрөрүҥ саарбах, билигин ити дьонуҥ эргиэнтэн ураты харчы өлөрөр салааларынан – тутуунан да дьарыктана, суолу да оҥоро сырыттахтара.
– Ити эйгэлэргэ «откат» диэн өйдөбүл олус күүскэ киирбит дииллэр.
– Ону биһиги сурах эрэ хоту истэбит, ким да «откаттаан» ылбытын көрбүппүт суох, ханныгын да иһин, туспа уһаайбалаах дьиэлэрэ үчүгэйэ бэрт дии, хаарыаны, биһиэхэ итинник баара буоллар… – Бэргэн ымсыырбытын кистээбэтэ.
– Атын киһиэхэ ымсыырымыахха, этэргэ дылы, хас биирдии киһи дьылҕата үөһэ быалаах кинигэҕэ суруллан турдаҕа эбээт. Оттон уһаайбалаах дьиэ чааһынан… Көр эрэ, ити туһунан улуу гуманист-суруйааччы Чехов үчүгэй баҕайытык эппит эбит ээ, мин сибилигин дьиэбэр тиийэн баран эйиэхэ көрдөрүөм, биһиэхэ кинигэтэ баар, саҥардыы аахпытым.
Сулбу-халбы хаамсан дьиэлэригэр кэллилэр, подъезд иһигэр лаампа уотугар кураанах бытыылкалар ыһылла сыталлар, бөппүрүөскэ төрдүгэстэрэ өрөһөлөммүттэр, кыһын кэлэн эрэр тыына биллэн, ыччаттар хахха сир диэн, бэл маннык кыараҕас подъезка киирэн, түүн пиибэлииллэр. Тугу да харыстаабаттар, ыһаллар-тоҕоллор, оттон бу чааһынай дьиэлэрэ эбитэ буоллар, итинник дьаабыланыа суох этилэр.
Ааннарын аһан квартираларыгар киирэллэрин кытта, Ксенья саппыкытын туурута тэбиэлээт, сонун устан ыйаата уонна тута саалаҕа ааһан, долбуурга кырылаабыт кинигэлэри: «Манна баара…» – диэн ботугуруу-ботугуруу кыҥастаста, Бэргэн кэнниттэн киирэн дьыбааҥҥа олордо. Ксенья көмүс суруктаах, от күөҕэ хахтаах кинигэни хостоон таһааран арыйталаата уонна Бэргэҥҥэ хайыста:
– Бу кэллэ, дьэ иһит эрэ улуу гуманист Чехов куорат таһыгар дьиэлээх-уоттаах дьон туһунан тугу диирин – «Принято говорить, что человеку нужно три аршина земли. Но ведь три аршина нужны трупу, а не человеку. И говорят также теперь, что если наша интеллигенция имеет тяготение к земле и стремится в усадьбы, то это хорошо. Но ведь эти усадьбы те же три аршина земли. Уходить из города, от борьбы, от житейского шума, уходить и прятаться у себя в усадьбе – это не жизнь, это эгоизм, лень, это своего рода монашество, но монашество без подвига. Человеку нужно не три аршина земли, не усадьба, а весь земной шар, вся природа, где на просторе он мог бы проявить все свойства и особенности своего свободного духа».
Ксенья кинигэтин сапта уонна кэргэниттэн ыйытта:
– Хайа хайдаҕый?
– Ким билэр, Чехов саҕана атын үйэ буоллаҕа уонна аан дойду барыта наада диэбит дии, оттон биһиги үбэ-харчыта суох буоллахпытына, былааһы тутан олорооччулар кэккэлэригэр тахсыбаппыт, оччоҕо хантан аан дойдуну баһылыыбыт?
– Сарсын тураат да,