Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов
тылы эттэ:
– Биһиги күндү доҕотторбутун көрсүһэр күҥҥэ маҥнай бэрт кыратык уруккуну санатар түгэннэри көрдөрдүбүт, эмиэ саҥаттан дьиэҕэ-уокка наллаан сынньанар субуота үүммүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит уонна эһиэхэ анаан, саха эстрадатын «сулустарын» күүһүнэн эҕэрдэ кэнсиэри саҕалыыбыт. Мантан ыла тылы ылар биллиилээх конферансье уонна диджей Куллугуратыы Куонаан, кини салайан ыытыа.
Хаһаайын саҥатын дорҕооно да сүтэ илигинэ, хантан эрэ баар буола охсубут муус маҥан көстүүмнээх хатыҥыр эдэр киһи кирилиэскэ наадыйбакка, сценаҕа биир ыстаныынан эрчимнээхтик ойон тахсан, кытарбыт хобордооххо үктэммиттии, биир сиргэ таба турбакка тэйиэккэлии сылдьан, маҥнай уустаан-ураннаан эҕэрдэлээтэ, бэрт элбэх үчүгэйи, ол иһигэр үрүйэ уутунуу үллэ турар үгүс үптээх буолалларыгар баҕарда уонна биллэрэн чоргутта:
– Билигин кэнсиэрбитин саҕалыыбыт – эстрада сулуһа Туналҕана Куо, дохсун ытыс тыаһынан көрсөбүт!
Бэргэн маны көрөн олорон, сүрдээҕин дьиктиргээтэ – эстрада ырыаһыттарын тыйаатыр сценатыгар хам-түм көрөр эбит буоллаҕына, ол дьоно чааһынай киһи ыҥырыытынан кэллэхтэрэ, оок-сиэ, харчы баар буоллаҕына, тугу баҕарар оҥоруохха сөп үйэтигэр үктэннэхтэрэ. Түргэнник да хаппыталыысым дойдутугар кубулуйа оҕустулар, бу артыыстар барахсаттары туох диэн буруйдуоҥуй, хамнастара быыкаайык, ол иһин аҕыйах да солкуобайы эбинэр баҕаттан, кыһалҕаттан араас бырааһынньыктарга кыттан эрдэхтэрэ.
Оттон үп-харчы эргийэр тымырдарын тутан олорооччу тойотторго билигин сиэр-майгы, чиэһинэй быһыы, сэмэй буолуу диэн өйдөбүллэр ыраах быраҕыллан, быылынан-буорунан сабыллан эрэллэр быһыылаах, Москваттан саҕалаан, кинилэр Дьокуускайдарынан түмүктээн, ханна баҕарар арыычча кыаҕырбыт киһи өйө-санаата – байарга, байарга уонна байарга эрэ диэн. «Бил баһыттан сытыйар» дииллэринии, салайааччылар судаарыстыба харчытыгар үлэлэри оҥортороллорун манньатыгар араас «откаттарынан» сирэйэ-хараҕа суох уоран-халаан тиэрэ байбыттарын көрө сылдьан, кыра да дуоһунастаах киһи үпкэ-харчыга сыстар түгэн эрэ тоҕоостор, «сатабыллаах – саһыл саҕалаах» диэн баран, уоруу суолунан бара турарыгар тиийэр. Ол киһи уоран үчүгэй олоххо тиийбит буоллаҕына, мин оннук гынарым тоҕо табыллыа суохтааҕый диэн саныыллар.
Үөһэ үрдүк мэҥэ халлааҥҥа Таҥара диэн баар буоллаҕына, маннык дьаабыттан төһө эрэ кэлэйэн-хомойон эрэр, тулуйа сатаан баран уҕараабат уотунан уматан дуу, уостубат уунан тумнаран дуу Бэстилиэнэй Тыһыынчаны аҕаллаҕына да көҥүлэ курдук…
Кэнсиэр кэнниттэн Карп сценаҕа тахсан, кэргэнигэр Динаҕа бирилийээннэрдээх биһилэҕи:
– Мин тапталбар, эдэр сааспын эргитэр кэргэммэр, үтүөккэн субуота күн үүммүтүнэн, – диэн бэлэхтээтэ, Дина саҥардыыҥҥыта кинилэр судургу үрүүмкэлэриттэн омуннаахтык үөрбүт буоллаҕына, арааһа, эриттэн күндү бэлэхтэри ыла үөрэммит быһыылаах, күндү таастаах биһилэҕи ээл-дээл тутта, суолтатыгар уураһан ыллылар. Мантан Ксеньялаах сөхтүлэр, «үтүөккэн субуота