Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов

Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов


Скачать книгу
аҥаардас бильярдыыр хосторо кини квартиратын дуомуттан икки-үс бүк киэҥ. Киһи киһиэхэ тиийбэтэ, тэҥэ суох буолара диэн сүрдээх да эбит! Кэлин аҕыйах ыйга саҥа дьиэ, сонун массыына атыылаһаллар, Дина «биир төрүттээх-уустаах, бары тэҥ» дьоммут диирэ хантан кэлиэй?!

      Бэргэн үйэтигэр туох да куһаҕаны оҥорбокко, бэл биирдэ да итириэр диэри арыгылаабакка, мэлдьи илэ өйүнэн, этэллэригэр дылы, «туох да куһаҕан тахсыбат киһитэ» аатыран, көбүс-көнөтүк, сыыһа-халты хамсаммакка сылдьыбыта. Оттон Дина көртөн-нартан маппатын, күүлэйтэн да туора туран хаалбатын түмүгэ буолан, Эллээйчик үөскээн хааллаҕа, киһиэхэ албыннаттаҕа диэн наһаа аһыналлара, ол бэйэтэ «Лан крузер» массыынатын мииммитин курдук, хайдахха дылы саҥа үүммүт олох ахсым атыгар «лап» гына олорсон, сааһырбыт да буоллар, лаппа кыахтаах киһиэхэ эргэ тахсан, байыы-тайыы суолунан иннин диэки ыраах барбытын көрөн сөҕөҕүн. Бииргэ үөрэммиттэрэ да икки ардылара сир уонна халлаан курдук тэйэн, баай-дьадаҥы буола охсубуттар, кинилэрдиин тэҥнэһэр аны кыаллыбат, суол ортотугар хааллахтара… Санаа-оноо үүйэ-хаайа тутар, суох, маннык сатаан олоруо суох, таһырдьа тахсан хаамыталыы түһэн кэллэҕинэ сатаныыһы…

      Бэргэн сонун бүрүнэ быраҕынна да, таһырдьа баар буолла. Хайыы-үйэ хараҥаран эрэр. Кинилэр дьиэлэрэ дэриэбинэ кытыытыгар баар, онон тута хонууга тахсан, көнө сиринэн сирэйин хоту саллаҥнаата, иннигэр туох да көстүбэтин үрдүнэн, дьөрү сэппэрээк да үүммэтэх киллэм хонуунан хааман иһэрин билэрэ, халлаан ичигэһигэр соторутааҥҥа диэри бадараанынан баһылла сыппыт суол кэллэ, хата, тоҥмут, онон лүһүгүрэс буорга үктэнэн эрэйдэммэккэ туораата. Балачча хаамта, кэннин хайыстаҕына, дэриэбинэ чаҕыл уоттара сүр сытыытык тырымнаһаллар. Тэйиччи массыына тыаһыыр, тоҥ хонууга кини атаҕын тыаһа бүтэҥитик лүһүгүрүүр, ол курдук дэриэбинэттэн балачча ыраах тэйдэ. Ити курдук кудуххай хаамыынан баран иһэн, Бэргэн туох эрэ күрүөҕэ анньылынна, өссө тимир. Ээй, бу диэки аһаҕас хонуу ортотугар дьоннор уҥуохтара бөлүөхсэн көстөллөрө, онно тиийэн хаалбыт.

      Хаптаһын ыскамыайка баарын булан олордо, аата, кэлбит да сирэ баар дии, туох эрэ куһаҕаны биттэммиккэ дылы. Эмиэ да ити баай дьоҥҥо ыалдьыттааһын кэнниттэн манна кэлии туох эрэ ситимнээххэ дылы. Биирдэ санаан көрдөххө, хайдахтаах да бэйэлээх киһи төһөлөөх да күннээбитин-күөнэхтээбитин, киэбирбитин-киэптээбитин иннигэр, олоҕун суола манна кэлэн түмүктэнэр. Күннээҕи сиир килиэби атыылаһар харчыта да эрэйинэн көстөр кыһалҕа дьуоҕатыгар тахсыбаттыы батыллыбыт, ас-таҥас чааһынан эстибит да киһи буоллун эбэтэр халлаан хабарҕаларынан хаалбытыныы, муора тобуктарынан дьаратыйыбытыныы саныыр хаһыытыыр харчыны халыҥнык харбаабыттарынан өҥнөнөр баай-талым олохтоох да буоллун – манна кэлэр иэдээн түмүктэн син биир куоппаттар. Тиһэх чэрчи – биир, ити кэнниттэн сытыах бэйэтэ буоллаҕа киһи барахсан, бэйиэт эппитинии – «тоҥо, сытыйа, оо, ычча!..» Оттон күннэтэ ол хаһан да кэлиэ суоҕунуу олороохтуубут, дьиҥэр дьоннор бу дойдуга букатын кэлбэтэхтэрин мэлдьи саныыллара буоллар, чиэс-суобас диэни умнубакка, арыый атыннык, эйэ дэмнээхтик


Скачать книгу