Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов
сылдьыах курдук санаабыттара да, хайа-хайалара бииргэ үөрэнэр оҕолорун ортолоругар киирэн, кэпсэтэн-ипсэтэн уһаатылар, дьиэҕэ-уокка наллаан көрсүбэтэхтэрэ да ырааттаҕа. Төннөллөрүгэр, таһырдьа тахсыбыттара, тымныы арыый сыһыйбыкка дылы, туман арыый дьэҥкэрэн, бэл үөһэ будулҕан быыһынан туолбут ый көстөр. Тымныы да, хойут да буолан, биир эмэ тиэтэйбит киһи күлүгүлдьүйэн ааһар уонна туох да баара биллибэт, арай ханна эрэ ыт үрэн ньаҕыйан иһэн ах барда.
– Хайа, Дина туох диэтэ? – Бэргэн тымныы салгыны эҕирийимээри, иллэҥ илиитинэн саал былаатын сирэйигэр өрө тарда-тарда ыйытта.
– Чэ, дьиэбитигэр тиийдэххэ сиһилии кэпсиэм, манна киһи кыайан саҥарбат, тыыным хаайатарар…
Ол иһин атахтарын эрчимнээхтик тэҥҥэ үктээн, хоннохторун анныттан тутуһан күөллэрин устун балачча өр хааман хаачырҕатан, син сыыры дабайдылар, кэмниэ-кэнэҕэс олбуордарын ааныгар кэлэн, хатаммыт кэлииккэни аһан, дьиэҕэ киирдилэр, ити тухары биир да тылы бырахсан кэпсэппэтилэр.
Ааннарын аһан иһирдьэ атыллыылларын кытта, сирэйдэригэр сылаас салгын ил гына охсулунна, электрическэй лаампа умайан күндээрэ түстэ.
– Дьэ маннык, – диэтэ Ксенья сонун устаат да: – Мин маҥнай Динаттан туруга хайдаҕын туоһуластым, кыыһым: «Оҕом улаатан хаалла быһыылаах, түһэрээри эмп иһэн көрөбүн да – билиммэт уонна эми сөбүлээбэккэ дуу – сүрэҕим-быарым эриллэр», – диир. Мин олох туһугар охсуһан муҥнанар оҕо эрэйдээҕи наһаа аһынным: «Дина, оҕоҕун түһэртэримэ, төрөө, биһиги эйигиттэн ылан иитиэхпит», – диэтим. Кыыһым наһаа соһуйда да, үөрдэ да быһыылаах, маҥнай ытамньыйда, ол курдук өр кэпсэттибит, кини оҕотун аҕатын – аанньа билбэт киһитин кытта быстах билсэн ааспыттарын, ол түмүгэр оҕо үөскээбитин, ону төрөттөҕүнэ, соҕотох бэйэтэ оҕо чэҥкээйилэнэн олорор кыаҕа суоҕун, өссө үөрэнэр уонна ыал буолар санаалааҕын эттэ. Чэ, онон сөбүлэстибит, арай ол эмп испитэ оҕо доруобуйатыгар охсубат ини.
– Оо, эрэйдээҕи, оҕо муҥнаах тыыннаах хаалар туһуттан төһө эрэ куттанан, олох туһугар охсуһан эрдэҕэ, киһи аһыныах…
– Акаарычаан, кини билигин тугу да билбэт быыкаайык үөскэх эрэ буоллаҕа.
– Син биир, тыыннаах дууһа диэн тыыннаах дууһа.
Иккиэн да төрүү илик оҕону аһыйан ах бардылар, устудьуоннарга аһаан кэлбит буоланнар, чэйдээбэккэ эрэ баарыан тиэтэйэн хаалларбыт иһиттэрин хомуйдулар уонна тута утуйаары сыттылар. Уу чуумпу. Ыалларын остуолбаҕа ыйаммыт лаампаларыттан түннүк сабыытын быыһынан сырдык кутуллар, ол биир дьирбиитэ хартыынаҕа бугул тэллэҕэр олорор уоллаах кыыһы сырдатар. Аны санаатахха, тоҕо кинилэр бэйэ-бэйэлэригэр көхсүлэринэн буоллулар? Арааһа, иирсибиттэр быһыылаах. Оок-сиэ, олох обургу уустук даҕаны, Толустуой эппитигэр дылы, хас биирдии дьоло суох ыал уратылаах. Билигин кинилэр эмиэ атын сири көрөллөр, Ксенья улаҕа хайыһан мунна сурдургуур, кэм да ытыыр быһыылаах, оттон Бэргэн икки илиитинэн кэтэх тардыстан тиэрэ түһэн, өһүө боруоран көстөрүн одуулаһар.
Кэргэнин аһынарыгар буолан, оҕо үөскээбэт буолбутун туһунан сонуну аан маҥай хайдах эрэ кулгааҕын таһынан аһарбыта, билиги