Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов

Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов


Скачать книгу
ылларбыт…

      – Ыарахан да кэмнэр кэлэн эрэллэр быһыылаах, тыаҕа сопхуос суох буоллаҕына дьон хайдах олорор? – диэтэ Ксенья тарбаҕын үрдүгэр кураанах бүлүүһэтин эргичитэ-эргичитэ, ол ойуутун кыҥастаһа олорон, – үөрэхпитин бүтэрдэхпитинэ, куораттан наһаа ырааппатарбыт бэрт буолуох этэ…

      – Чэ, бастаан үөрэхпитин бүтэриэххэ, уоннааҕыта бэйэтэ көстөн иһиэ этэ буоллаҕа…

      Ити курдук уку-сакы чэйдээн баран, маҕаһыыннарыгар бардылар, лаарга диэри хаста да эргийэн тиийэр уһуннаахай уочарат субуллубут, Ксенья тиийэн, ким кэнниттэн ханна турбутун булла, иккиэн уһун синньигэс уочаракка күнү быһа турардыы дьиппиэн көрүҥнэрин ылыннылар.

      7

      Бэргэн биир киэһэ дьиэтин аанын аһаат да, Ксеньята оһох иннигэр олорорун көрө түстэ. Бүгүн кэргэнэ эрдэлээбит, остуолга аһын-үөлүн тардыбытыттан сылыктаатахха, син балача өр күүппүт быһыылаах. Кэргэнэ эрдэ кэлбититтэн уол үөрдэ, үксүгэр дьуһуурустубата эҥин буолан, хайдах эрэ мэлдьи кини хойутуур буолара, онон тугу эмэ буһаран тоһуйуу үксүн Бэргэҥҥэ тиксэрэ.

      – Хайа, бүгүн дьуһуурустубаҥ суох дуу? – диэтэ Бэргэн эгэ-дьаҕа уонна таҥаһын уларытта туран Ксенья хайдах эрэ сэниэтэ суох «ыык» диэбитигэр соһуйан, болҕойон көрбүтэ – кэргэнин сирэйэ-хараҕа хайдах эрэ салбаҕырбыт, ытаабыт быһыылаах.

      – Тыый, бу хайдах буоллуҥ, ким атаҕастаата? – дии оҕуста.

      – Суох, ким да атаҕастаабата эрээри… – кыыс сүрдээх туруору хайаны дабайан тахсыбыт киһилии эмискэ күүскэ төлө биэрдэ уонна: – Биир мөлтөх сонуннаахпын, бүгүн баран дьахталлар консультацияларыгар сырыттым, ону чинчийэн көрөн баран, миигин оҕото суох буолаҕын диэн быһаардылар, – Ксенья эмискэ куолаһа титирэстээн, ытаан барда.

      Бэргэн кэргэнин аһынан, төбөтүн түөһүгэр ыга тардан баран, бокуойа суох баттаҕын имэрийэ-имэрийэ сыллаата-уураата:

      – Доҕоччуок, уоскуй даа уоскуй, ол алдьархай буолбатах, наһаа ыксаамыах, билигин эмп күүстээх, баҕар, эмтиэхтэрэ.

      Кыыс хараҕыттан ып-ыраас таммахтар тохтоло суох тобурҕастылар:

      – Мин оҕо мааткалаах үһүбүн, онон туох да быыһаабат…

      Бэргэн ыксаата уонна:

      – Оҕону ылан иитиэхпитин да сөп буоллаҕа, – диэтэ, – Чыычааҕым, ытаама эрэ, эн айманнаххына, миэхэ наһаа ыарахан буолар.

      Ксенья аһыннаран, өссө сэтэрэн, уйа-хайа суох ытаата уонна ытыырын быыһыгар бокуойа суох сипсийдэ:

      – Айбыппыт тоҕо миигин маннык хабырдык атаҕастаабыта буолла? Итинник ыарыылаах бэрт сэдэх, тыһыынчаҕа биир эмэ баар буолар дииллэр, онно мин түбэһэн хаалбыппын. Лотереяҕа массыына сүүйэр курдук, биир эмэ киһиэхэ тиксэр үчүгэй эбитэ буоллар, миэхэ түбэһэн да бэрт, оттон куһаҕантан Айбыт матарбат, ким хайа иннинэ мин тииһинэ охсубуппун… Хайа дьоллоохторго санаатылар да оҕо үөскүүрэ эбитэ буолла? Били эһигини кытта уопсайга ыаллыы олорбут Динаҕыт кылгас кэмҥэ билсибит уолуттан ыарахан буолан, онтон кыбыста ахан сылдьар, хайдах эмэ гынан улаата илигинэ түһэртэрэн кэбиспит киһи диир. Оттон биһиэхэ бу… Ким эрэ


Скачать книгу