Утатыы. Андрей Геласимов
сылдьара. Киһи уҥуоҕун билиитэлэрин уурар хосторугар утуйар эбит этэ.
Онон, туох да саҥа суоҕун кэриэтэ этэ. Ол эрээри Генка – Серега саҥаһа адьас дьиҥнээх аймалҕаны тарта диэбитэ. Киниэхэ үстэ эрийэ сылдьыбыт уонна наар ытыыр үһү. Кинилэр аймахтан ким эрэ Москваҕа кэлэ сылдьыбыт уонна киниэхэ Серега дьиэтигэр атын дьон олороллор диэбит. Ааны аспатахтар уонна Серега туһунан төрүт кэпсэтиэхтэрин баҕарбаттар үһү.
– Быһата, киниэхэ Сереганы өлөрбүттэр эрэ диэн санаа киирэр. Кырдьар сааһыгар өйө хамсаан эрэр быһыылаах. Кинилэргэ өрүү араас солуута суох санаалар дьэ киирэллэр. Эмээхсин оҕуруокка олус үлэлээбит быһыылаах. Көлөпүнэни үүннэрэн атыылыыра буолуо.
– Бастаан киниэхэ барбаппыт дуо? – диэбитим мин. – Кини хаһан бүтэһигин Сереганы көрсүбүт үһүнүй?
– Ээ чэ, балыыҥкалаама! Сарсын Москваҕа барабыт. Мин эйиэхэ – арыгы баар дуо диибин ээ? Халадыынньыкка туох да хаалбатах.
Фрязиноҕа уон биир саҕана тиийбиппит. Халлаан дьаабы этэ, ол иһин айаммыт бытаарбыта. Эмиэ да ардыыра, эмиэ да хаардыыра. Хаста да тохтуурга тиийбиппит.
Пашка дьиэтин таһыгар Генка миэхэ төлөпүөнүн үҥүлүппүтэ.
– Эт киниэхэ, эмэһэтин түргэнник хоҥнордун.
Биэс мүнүүтэнэн Пашка саҥата суох кэнники олбоххо олорбута, миигин санныга охсубута уонна тута таһырдьаны одууласпыта. Ити иннинэ хаһан да олбуорун иһин көрбөтөх киһиэхэ дылы. Адьас олоҕун тухары да көрбөтөх курдуга.
– Дьонуҥ хайдахтарый? – олбохпор эргиллибитим.
Кини саннын эрэ хамсаппыта.
Ити харчы туһуттан айдаан кинилэр икки ардыларыгар улахан тыҥааһыны үөскэппитэ. Кинилэр Генкалыын бэл биисинэстэрин үллэстэргэ быһаарбыттара. Адьас көрсүбэт буолбуттара. Арыгыны да атын-атын хампаанньаҕа иһэллэрэ. Ол гынан баран – бу Фрязиноттан иккиэн ханна барыахтарай? Хампаанньаларыгар да бары биир дьон этилэр. Ол иһин, эмискэ көрсө түспэт туһуттан, барытын эрдэ билиэхтэрин наада этэ. Онто суох ол тугунан түмүктэрин ким билиэ баарай. Пашка сөбүлээбэппин диир даҕаны, арыгыны олус элбэҕи иһиэн сөп. Икки бытыылканы баҕас иһэр. Сороҕор үһү даҕаны.
Итирэн баран миэхэ кэпсииллэриттэн өйдүүрбүнэн, ханнык эрэ биэс уон тыһыынча баксаттан сылтаан дьыала итинник эргийэн тахсыбыт. Биллэн турар, элбэх харчы, ол эрээри манныкка тиийэр сөп үһү дуо? Миэхэ тиийэн олоппоско иэҕэҥнии олорон биири мээрилииллэр: эн билэҕин дии, мин кинини хайдах да албынныыр кыаҕым суоҕун? Билэҕин буолбат дуо? Чэ, эт эрэ?
Миэхэ итинник кэпсэтиилэр наадалаахтар этэ! Тоҕо диэтэххэ, кинилэртэн хайалара да уоскуйан биэрбэт этэ. Миэхэ кэлэллэр уонна өссө мин арыгыбын иһэллэр. Уонна оттон, саамай сүрүнэ, мин хайалара харчыны ылбытын билбэппин эбээт. Кинилэр бастаан биирдии бэйэлэригэр кыраныысса таһыгар икки дьиэ атыылаһаары гыммыттар этэ. Тоҕо диэтэххэ, босхо кэлбит, халлаантан түспүт харчы этэ, ким даҕаны, уопсайынан, маннык буолуо диэбэтэх – биир дьыала наһаа табыллан хаалбыт. Онтон биэс уон тыһыынча икки дьиэҕэ тиийбэт, биир эрэ дьиэни атыылаһыахха сөп диэн