Туоһахта уонна Лэкиэс. Василий Гоголев-Уйулҕан
сиэринэн сэмэйдик бырастыыласпыттара. Ону уйгуурдумаары, бэл, кумаар да дыыгынаабат курдуга.
Күнүскү ыам саҕана били байыаннай таҥастаах киһи кэлбитэ. Холкуос дьоно, кыралыын-кырдьаҕастыын бары, хонтуора иннигэр мустубуттара. Байыаннай таҥастаах киһи чуор куолаһынан бэбиэскэ туппут, маҥнайгы хомуурга сэриигэ барааччылары биир кэккэҕэ туралларыгар бирикээстээбитэ. Хаалааччылар суугунаһан ылбыттара, саха сиэринэн улаханнык аймаммакка, уоланнарын хараастыбыт харахтарынан көрөн турбуттара. Лэкиэс ийэтэ саҥата суох былаатын төбөтүнэн хараҕын уутун сотто турбута. Лэгиэн уолун эрдээх сирэйин көрөн, уоскуйа санаабыта. Лэкиэс саастыылаахтарыттан арыый өндөс, кэтит дараҕар сарыннаах, салгын сиэн хараарбыт сирэйигэр уоттаах харахтара чаҕылыһаллара. Сэгэйик харахтарыгар санньыар санаа, долгуйуу, Дьылҕа Хаантан Лэкиэһин көмүскүүрүгэр ааттаһыы көстөрө. Холкуостарын бэрэссэдээтэлэ тыл эппитэ, бары да саҥата суох, санааҕа хам баттатан иһиллээн турбуттара. Байыаннай таҥастаах киһи сэрии туһунан кылгас иһитиннэрии оҥорбута. Ньиэмэс халабырдьыттара сэрэтиитэ суох сидьиҥник саба түһэн улахан өлүү-сүтүү тахсыбытын, ол эрээри Сэбиэскэй Кыһыл аармыйа Иосиф Виссарионович Сталин салалтатынан күүстээх утарсыыны оҥороллорун туһунан иһитиннэрбитэ. Кыһыл аармыйа күүстээҕин, өстөөҕү сотору уодьуганныаҕын туһунан эрэннэрбитэ. Онно дьэ бу эдэр буойуннар бэриниилээхтик сулууспалыахтаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Өссө «Коммуна суола» холкуостарын бэрэссэдээтэлэ Лэгэнтэй Мааркабыс Нохуоккун хоһуун үлэһиттэрин уоттаах сэриигэ хорсуннук охсуһан, сахалар ааттарын түһэн биэрбэккэ, кырыктаахтык кыргыһалларыгар алгыс тылын эппитэ. Дьэ ол кэнниттэн байыаннай таҥастаах киһи доргуччу хамаандалаан, сэриигэ барааччылар аттарын миинэн, аарыктаах айан суолун тутуһан, дьулурҕатык айанната турбуттара.
Лэгиэн сэриигэ барааччылары, сахалыы сиэринэн улаханнык аймаммакка, дьиппиэнник атаарбыта уонна ыраатан эрэр уоланнарга туһаайан:
– Саалаахтан самнымаҥ, охтоохтон охтумаҥ, – диэн алҕыы хаалбыта. Атаарааччылар, Лэкиэс ийэтэ былаатынан ыраатыахтарыгар дылы далбаатыы турбуттара. Бу уоттаах сэрии соҕотох уоланын туох-хайдах көрсүөн, тугу-тугу тускулуон саныан да куттанара. Сэгэйик ытаан дьолтойбут хараҕа кыыс оҕо килбик иэйиитин кэрэһилиирэ. Барыларыттан үөһэ уонна уһуннук кини эрэ былаата ыраахтан туртаҥныыра.
Сэриигэ аттанааччылар хас да биэрэстэни барбыттарын кэннэ, Лэкиэс Туоһахтатын үөрэ ыраах алаас үрэҕин уҥуор сылдьаллара көстүбүтэ. Айанньыттар аттара кистээн дьириһиппиттэрэ. Лэкиэс Туоһахтата сиэлэ бураллаҥнаан үөрүттэн көҥөнөн үрэх кытылыгар диэри сиэлэн кэлбитэ. Тыалга үрэллэҥниир көҕүлүн аннынан хатааһын чолбонун курдук уоттаах харахтарынан айанньыттары чочумча одуулуу турбахтаан баран, иһин түгэҕиттэн эҥсэн улаханнык кистээн дьырылаппыта. Лэкиэс сүрэҕэ мөҕүл гына түспүтэ. Кини кутун туттарбыт Туоһахтатын: «Аны көрүөм дуо?» – диэн санаа үүйэ-хаайа туппута.