Туоһахта уонна Лэкиэс. Василий Гоголев-Уйулҕан
киһийдэх киниттэн лаппа аҕа, модьу-таҕа да буоллар, ону аахсыбакка, ыстанан тиийээт, сыҥаахха хабылыннарбыта. Онто хараҕын өҥүргэһинэн көрөн тиэрэ таһылла түспүтэ. Лэкиэс сиргэ төлө түһэн эрэр хомуһу сүр хапсаҕайдык «лып» гыннаран хабан ылбыта уонна оргууй хааман тиийэн хомуһу кыыска ууммута. Сэгэйик барахсан ууламмыт харахтарыгар махтал сыдьаайа көстөн ааспыта. Ол кэмтэн ыла били уол Сэгэйиккэ сыстаҥнаабат буолбута, оттон Лэкиэс Сэгэйигиниин, бэл, ардыгар аргыстаһар буолбуттара. Сыһыаннара өссө иһирэхсийэн, сүрэхтиин-быардыын бэйэ-бэйэлэригэр курдары тардыһан, оҕо туҥуй саастара харалдьыкка үүммүт кэрэ ньургуһуннары санаталлара.
Ити хааччахха буолбут хабырыйсыы кэнниттэн ойоҕоһун тэптэрбит соноҕос, икки-хас хонук ыарыыланан баран, хата, чөлүгэр түспүтэ. Дьэ хатарыллан-баайыллан, чырбалдьыһан, соноҕостор сүүрэр кэмнэрэ тиийэн кэлбитэ.
Лэгиэннээх Уһун Эбэлэриттэн үс соноҕоһу сэтиилэнэн, күһүҥҥү добдурҕа саҕана улуустарын киинигэр, Майаҕа, аттаммыттара. Күһүҥҥү күн тиит төргүү мутугар ыйаныыта, аллаах аттар туйахтарын тыаһа чигдигэ сытыытык чыбырҕаһан кэлэн, Майа үрдүгэр тохтообуттара. Лэгиэн сыыр үрдүттэн Майа алааһын таҥнары өҥөйөн, атыгар сөҥөн олоро түспүтэ. Ким билиэй кини бу түгэҥҥэ тугу саныырын? Баҕар, Манчаары хам аччык оҕо сылдьан салааскатын соһон, абаҕатыгар Чоочоҕо от көрдөһө баран иһэн тохтоон ааспытын дуу эбэтэр түһээн түҥкүлүйбүт иччилээх түүлүгэр аан ийэ дойду уот кутаанан умайан эрэрин, Лэкиэһин хаан буолбут сымыһаҕын, «аҕаа» диэн ыҥырарын? Туох билиэ баарай…
Майаҕа тиийэннэр билэр ыалларыгар хонук сирдэрин булбуттара. Аттарын баайталаан, сыбыдахтаталаан, уоскутан сойуппуттара. Сарсыарда ааттаах эрдэ туран, аттарын сүүрдүөхтээх сирдэригэр, Хараттан чугас Куоҥ Харахха, хаамтарбыттара. Туоһахта курбалдьыйан кырыытынан дугуйан, бэрт чэпчэкитик туйахтарын өрүтэ тардыалаан, моонньутун үрдүктүк токутан, сиэлии, хаамыы былаастаан дьоруолуура. Атын икки соноҕостор да, Лэгиэҥҥэ сатабыллаахтык баайыллан, бу ыстанаары тэпсэҥэлэһэллэрэ.
Оччолорго «Живконтора» диэн тэрилтэ саҥа тэриллэн үлэтин саҕалаан эрэрэ. Инньэ гынан, ат сүүрдүүтүн тэрээһинин сөргүтүү үлэтэ барара. Ат сүүрдүүтэ өбүгэ саҕаттан урууларга эбэтэр ыһыах ыстахтарына, былыргы баайдар быһый аттары сүүрдэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ ааттарын ааттаталлара. Ол сиэр саҥа былаас олохтонуоҕуттан умнулла быһыытыйбыта. Холкуостааһын күүскэ барбыта, холкуоска ынахтарын, аттарын үчүгэйин хомуйуу буолбута. Онтон аны кулаактааһын ыар тыына сэниэ ыаллар ааннарын хайыта тардан киирэн, хара көлөһүннэрин күүһүнэн мунньуммут баайдарын уоппустаан ууга-уокка түһэрбиттэрэ. Онон ат сүүрдүүтэ холкуостар атахтарыгар турууларын, үлэ, түбүк сүпсүлгэнигэр умнулла быһыытыйбытын улууска саҥа тэриллибит «Живконтора» иилээн-саҕалаан, дьэ бу ат сүүрдүүтэ Улуу Өктөөп бырааһынньыгын көрсө ыытыллар буолбута.
Айаннаан иһэн биир соноҕос атаҕынан доҕолоҥноон хаалбыта. Онон Туоһахта уонна хабырыйсыбыт