Туоһахта уонна Лэкиэс. Василий Гоголев-Уйулҕан
гыммыттара. Инньэ гынан, сүүрэн испит уоҕар буолан, биэс-алта хаамыы холобуру халтарыйан тас иэнинэн сырылаабыта. Онтон өй ылан ойон тураат, иннин диэки ыстаммыта. Били моонньугар эриллибит быа хам ылан, тыынын бопторон өссө иэдэйбитэ. Сэниэтэ дэлби эстэн барбыта. Оттон икки өттүттэн ыга астаран кэлбит эккирэтээччилэр ситэн, иннигэр түһэн, ойутан испиттэрэ. Онтон бытааран сиэллэрэн барбыттара. Туоһахта өһөстөҕүнэ, өссө хам тардылларын билэн, тэҥҥэ сиэлсэргэ эрэ тиийбитэ. Ол гынан, сотору били хааччахха чугаһаабыттара, кэтэһэн турар биир харамай суон сиэрдийэлэри нэһиилэ иҥиннэрэ-иҥиннэрэ субуйан ааны аһан биэрбитинэн Лэгиэннээх обургулар Туоһахтаны мөҕүһүннэрбитинэн, соһо былаастаан, хааччахтарыгар киллэрбиттэрэ. Ол киирээт да, эдэрэ атыттан ойон түһэн, Туоһахта баайылла сылдьар быатын чугастааҕы баҕанаҕа эрийэ тардыбыта. Туоһахта быатын өссө быһа түһүөх санаата киирэн тиргиллэн көрбүтэ да, били мааҕыҥҥы уоттуйбут хатыстан атын бөҕө-таҕа, оҕус тириититтэн тэлиллэн оҥоһуллубут хатыс быа быстыахтааҕар өссө хам ылбыта. Лэгиэннээх Туоһахтаны уоскута түһэргэ, бэйэлэрэ да тыын ылан сынньанарга быһаарыммыттара.
Лэгиэн табах уурунан мохуоркатын соппойо олорон, уола баайыллан турар соноҕоһу астыммыттыы одуулуурун бэлиэтии көрөн, арыттаах араҕас тиистэрэ атыгыраан, мүчүйэн ылбыта. Кини иннигэр икки күннэригэр сылдьар эдэрдэр: уола, оҕотук бэйэтэ уолан, уолҕамдьы уонна саҥа быаламмыт, сүүһүн ортотугар туоһахталаах күндүл-хаҥыл соноҕос. Боҕуу быатыттан иҥнэн, тула холоруктаан, икки илин туйахтарынан сири табыйбахтаан, харалҕаннык кистээн дьириһитэр соноҕоһу көрөн, улаханнык астыммыта. Бу икки эдэр сүрэхтэр биирэ – айааһаары, хатыс быаны лаппыйан, баҕанаҕа эпсэри тардыбыт, иккиһэ онно сөпсөспөт мөккүөрүгэр тыын былдьаһан, үрүҥүнэн көрөн, мөхсөн бураллаҥныыра. Дьэ ол бэйэлэрэ имнэрин билсэр, ким кыайыылаах тахсара быһаарыллар түгэннэрэ тирээн кэлбитэ. Туоһахта уоскуйа быһыытыйбытын кэннэ, Лэгиэн уолугар Лэкиэскэ:
– Чэй, – диэн кылгас саҥа аллайыы кэннэ Лэкиэс сыбдыйан кэлэн, тыҥаан турар быаны харбаан ылан тардан барбыта. Лэгиэн уонна өссө биир киһи буолан көмөлөөн, Туоһахтаны баҕанаҕа сыһыары тардыбыттара. Сиэрдийэ быыһынан кутуругуттан эрийэ тардан хааччах бөҕө-таҕа сиэрдийэлэригэр хам тардан кэбиспиттэрэ.
Туоһахта мөхсөн да туһа суоҕун сэрэйэн турунан кэбистэ. Тугу эрэ эҥил баһыгар кэтэрдэн эрдэхтэринэ, соһуйан, өрүтэ ходьоҥолоон тиргиллэн көрдө да, кыаллыбата. Баһын ыга тардан сулары кэтэртилэр. Оо, аны айаҕар тугу эрэ кылыгыратан-халыгыратан симтилэр. Тымныы тимир дьабадьытын таарыйбытыгар сөбүлээбэккэ, баһын илгистээри гыммыта табыллыбата. Аны арҕаһын, уорҕатын имэрийбэхтииллэр, тугу эрэ үлүгүнэһэллэр. Хаар-сиир эрэ талбытынан дьапталанар уорҕатыгар тугу эрэ саба ууран баран, иһин курдуу экчэччи хам тартылар. Туоһахта туохха-туохха түбэспитин билбэккэ, атаҕынан сири табыйа-табыйа тыбыырар, хаһыҥырыыр эрэ аатыгар турда. Сүрэҕэ тахсан барыах курдук биллиргиирэ, ордук моонньун хам ылбыт хатыс быа тууйар