Туоһахта уонна Лэкиэс. Василий Гоголев-Уйулҕан

Туоһахта уонна Лэкиэс - Василий Гоголев-Уйулҕан


Скачать книгу
хаһыйаат, саҥа аллайбыта. Онтон эмиэ да мунаара санаабыта. «Өскөтүн кулуну туппуттара буоллар, сиэҥнэригэр баар буолуохтарын сөп этэ. Эбэтэр киһи иһэрин билэн, тыаҕа түһэн чуҥнуу сыталлара дуу? Харачаас хайаан мүччү туттарбытай?» – диэн саныы-саныы, оргууй хаамтаран испитэ. Арай чугаһаары гыммыта, доҕоор, ата сиргэнэн таныытын тардырҕаппыта, өрө холоруктаталаан ылбыта. Лэгиэн атыттан ойон түһэн, үүнүн кэбиһиилээх от күрүөтүн тоһоҕотугар иилэ быраҕан, атын хаалларан, сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ ыкса чугаһаабыта.

      «Оо, ол иһин да», – диэн саҥа аллайбыта. Харачааһа обургу ардай аһыылаах баһын хампырыта тэбиэлээн өлөрбүтүн борукка балыйтаран бастаан билбэтэҕэ, онтон дьэ өйдөөн көрөн, салгын сиэн хараара килэйбит сирэйэ мүчүк гыммыта. Лэгиэн иннигэр сүүнэ атыыр бөрө ардьаллыбыт араҕас аһыыларыгар Харачаас кутуругун хара кыллара сыыйыллан быга сыталлар эбит. Лэгиэн бөрөнү бэрт эрэйинэн кутуругуттан соһон, балай да бодьуустаһан куула тыа саҕатыгар илдьэн баран, чугастааҕы чөҥөчөк хаарын хаһыйан, сынньана олордо. Табаҕын таһааран тарда олорон, Харачааһын хайгыы санаата: «Барахсаным, төһө эрэ охсуһан бураллаҥнаата буолла, дэҥнэммэтэ ини». Итинник саныы олорон көрдөҕүнэ, ата эмиэ чөрбөҥнөөн, миэстэтигэр тэпсэҥнээн ылаттаата. Лэгиэн дьаарханан бэрдээнин тымныы уоһуттан харбаан, бэлэм тутта. Арай алаас уҥуор илин бас сыырын үрдүгэр боруҥуйан эрэр халлааҥҥа туох эрэ хамсыырын көрдө. Сылгы диэҕи кыра курдук, бөрө диэҕи эмиэ атыҥҥа дылы. Онтон сыныйан көрбүтэ – хайыһардаах киһи омооно сүүрэн бурҕатан иһэр эбит.

      – Бай, бу хайалара сааланан-саадахтанан иһэр буоллаҕай? – диэн ботугураат, Лэгиэн туран саатын сүгэн, атын диэки хардыылаабыта. Хайыһардаах киһи элэҥнэччи сүүрэн бурҕачытан иһэн, тугу эрэ хаһыытыыр саҥатын истэн, Лэгиэн ытырыктата санаата. Арай өйдөөн көрбүтэ, бэйэлээтэр бэйэтин уола Лэкиэс буолан соһутта.

      – Аҕаа, Туоһахта? Туоһахта?! Тыыннаах, тыыннаах дуо? – аҕылыырын быыһыгар хаһыытаан ыйыта-ыйыта, сүүрэн сырылатан кэллэ. Лэгиэн, дьэбир, аҕыйах саҥалаах аҕамсыйа барбыт киһи, салгыҥҥа хараара килэйбит сирэйигэр мичээр оҕото сыдьаайан ылбыта. Уола саҥа төрөөбүт кулунчугу булан, кини саҕа дьолломмут киһи суоҕа. Тута Туоһахтанан сүрэхтээбитэ уонна оҕо оҕо курдук кутун Туоһахтатыгар туттарбыта.

      Лэкиэс аҕатыттан чугас хаарга туох эрэ хараара сытарын көрөн тохтуу биэрбитэ. Кэҥээбит хараҕынан ыйытардыы аҕатын көрбүтэ.

      – Бөрө, бөрө, нохоо, Харачаас обургу ити ардай аһыылаах адьарай эҥил баһын хампы тэппит.

      – Оттон Туоһахта, Туоһахта?

      – Туох ааттаах Туоһахтанан сүрэхтэтэн хааллыҥ? Тыыннаах ини. Харачаас үөрүн мээнэ былдьаппатах атыыр буолуо. Үөрүн нөҥүө алааска күрэппит.

      Лэкиэс тиийэн өлө сытар бөрөнү көрөн этэ саласта. Төһө да өлө сыттар, ыстанан туран килбэспит дьулаан аһыыларынан хабарҕаҕа түһүөхтүү, тоҥон уота өспүт хараҕынан Лэкиэһи одуулуу сытара. Лэкиэс этэ салаһан кэннинэн чинэриҥнээтэ.

      – Баччалаах сири хараҥаҕа былдьатаары


Скачать книгу