Туоһахта уонна Лэкиэс. Василий Гоголев-Уйулҕан

Туоһахта уонна Лэкиэс - Василий Гоголев-Уйулҕан


Скачать книгу
Эбэ халдьаайы саҕаҕын аннынан, эбэ мууһун кыйа, буулуур харатын иһин Харачааһынан сүрэхтэммит атыыр, үөрүн үүрэн аҕалан, хаһан аһыы сылдьар. Былыр дьаам саҕана соҕурууттан кэлэн хаалбыт атыыртан хаан буккуһан, төрөөбүт буолан, Харачаас үрдүк арҕастаах, сааллаах, бөҕө-таҕа көрүҥнээх, ыас хара арбаллыбыт уһун сиэллээх, кутуруктаах, киһи хараҕа ханан да туолар, «Коммуна суола» холкуос биир бастыҥ атыыра. Ыаллыы холкуостар ыһыахтарыгар баайан, сүүрдэн кыайыы көтөллөнөрүн уонна үөрүн олус үчүгэйдик көрөн-истэн илдьэ сылдьар, үтүө төрүөхтээх атыыр буолан, холкуостаахтар астыналлар. Түбэһэ түстэхтэринэ, хайаан да бары тохтоон Харачаастарын хайгыы, астына көрөн ааһаллара. Харачаас үөрүгэр баар эмиэ киниэхэ ханыылаах, үрүмэччи маҥан бастыҥ биэтин сиэлин, кутуругун сэллээбэккэ, Сиэллээх биэ гыммыттара. Харачаас Сиэллээх биэни атын биэлэртэн ордорон, ыксатыгар илдьэ сылдьан маанылаан, баҕарбытынан таптаһан бастакынан хоруотаабыта[1]. Уон биир ый сүрэҕин анныгар сылааһынан угуттаан, бүөбэйдээн илдьэ сылдьыбыт кырачаана улаатан, хаатын иһигэр баппакка, көҥүлгэ тахсаары мөхсүбүтэ. Сиэллээх биэ төрүүр кэмэ чугаһаан, ыарыыланан, үөрүттэн арахсан тэйэ хаампыта. Харачаас төбөтүн өндөтөн, арбаллыбыт көҕүлүн быыһынан сургуччу көрөн турбута. Бу түгэн эмиэ биир күүтүүлээх кэм этэ. Сиэллээх биэ халыҥ хаары кэһэн, алаас куулатын туһаайан бара турбута. Кэмниэ-кэнэҕэс алааһы туораан, соруктаах сиригэр, ойуччу үүммүт талахтар кэтэхтэригэр киирэн сүппүтэ. Харачаас эҥил баһын дьоһуннаахтык үөһэ-аллара булкуйан, хойуу сиэлинэн илгистэммэхтээт, иҥэрсийэн ылбыта.

      Сиэллээх биэ үөртэн дьалты баран, бөлкөй үөт аттыгар дулҕа ото быкпыт сымнаҕас сири булан, ыарыытыттан тыбыыра-тыбыыра, талыыта киирэн, илин атахтарын туйаҕынан халыҥ хаары хаһыйбахтаабыта. Сүрэҕин анныгар амырыын кыһыҥҥы тымныыларга тоҥорбокко, бүөбэйдээн илдьэ сылдьыбыт оҕотун туйахчааннара сытыытык тобулута анньыалаабыттара. Оо, бу атааннаах-мөҥүөннээх Орто туруу бараан дойдуга саҥа олох, кып-кыракый кулун, хаалыын баҕастыын оройунан, анаан тэпсиллибит хаар олбоххо икки илин атахтарын туйахчааннарынан аллара ньылбырыс гыммыта. Хаарга түһээт, кулунчук Орто дойду чэлгиэн салгынын кыракый, оҥоспут таныыларын тардырҕатан, тыын былдьаһан мөхсүбүтэ. Оо, сааскы ылааҥы күн чэбдик салгынын кыракый таныычааннарынан иҥсэлээхтик агдакатын толору тыынан, мэйиитэ эргийэн ылбыта. Биэбэйдэммит сарыы хаатын саҥа муостуйа кытаатан эрэр дьэҥкир туйахтарынан хайыта тэбиэлээбитэ. Биэ барахсан эргиллэн, кыракый бэйэтигэр барсыбат олуона уһун атахтарынан тэбиэлэнэ, үнүөхтүү сытар оҕотун инчэҕэй тириититтэн хаатын, хатыылаах тылынан иҥэрсийэ-иҥэрсийэ салаамахтаан, муннутун-хараҕын ыраастыыр аатыгар түспүтэ.

      Сүүһүн ортотугар туоһахталаах тураҕас кулунчук: «Бэйи бу, ханна-ханна кэллим?» – диэбиттии, төбөтүн уҥа-хаҥас көнтөрүктүк илгистээмэхтээн ылаттаабыта. Тымныы хаарга ийэтэ туйаҕынан хаһан, тэпсэн бэлэмнээбит дулҕа баһа оттоох олбоххо, инчэҕэй тириититтэн күн уотугар паар тахсан


Скачать книгу

<p>1</p>

Хоруотаабыт – биэ төрүүрэ биллибит.