Туоһахта уонна Лэкиэс. Василий Гоголев-Уйулҕан

Туоһахта уонна Лэкиэс - Василий Гоголев-Уйулҕан


Скачать книгу
чугастааҕы тумулга аҕатын Харачаас курдук бөҕө-таҕа атыыр үрдүгэр урут көрөн аһарбыт икки атахтаах харамайа аны иккиэлэһэн көстүбүттэрэ. Харачаас иҥэрсийэн ылбытыгар анараа ат эмиэ кистээн дьырылаппыта. Аттаахтар ол кэлэн чочумча тохтоон, тугу эрэ даллаахтаһан, кэпсэтэр дорҕоонноро сааскы дьыбардаах киэһэ быһыта-орута иһиллэн ааспыта. Туоһахта туох да куттал суоһаабатын, ийэтин майгытыттан эндэппэккэ билэргэ үөрэммитэ.

      Чугаһаан иһэн Лэгиэн Харачааһа кистиирин истэн долгуйан ылбыта. Хата, онто кини иһэрин билэн кистиир эбит. Лэгиэн Харачааһын хаста да баайан сүүрдэн, ыһыахтарга мүһэ ылаталаан тураллар. Онон миннэрин бэркэ билсэллэр. Оо, Дьөһөгөй оҕото барахсан өйүн оҕото сыттаҕа дии. Харачаас кулунуттан төрөлкөйө харахха быраҕыллан, кыра эрдэҕиттэн маанылаан, борсоон улаатыннарбыта. Кырдьаҕастар үтүө атыыр оҕото утумнуур, онон кэлин дьоһун атыыр тахсар чинчилээх диэн сабаҕалаабыттара оруннаах буолбута. Үөрүн энчирэппэккэ бу илдьэ сырыттаҕа. Лэгиэн, Харачааһын хайгыы саныы-саныы, үөрүн аахпыта. Оттон Лэкиэс Туоһахтата тыыннааҕыттан олус үөрэн, оҕотук сүрэҕэ сылааһынан битийэ тэппитэ.

      Оччолорго биэни мээнэ ыабат этилэр, ыһыахтарга анаан кымыска эрэ ыыллара. Ол иһин кулуннар сайыны быһа ийэлэрин эмсэхтэнэн, күһүн бэркэ төлөһүйэллэрэ. Туоһахта дьылыгыр уһун атахтардаах күөкэйбит үрдүк моойдоох, сытыы туйахтарын үрдүгэр чэпчэкитик дугунан, кырыытынан оонньохолуурун киһи эрэ астына көрөрө.

* * *

      Лэкиэс үөрэҕин быыһынааҕы уһун өрөбүллэригэр Лэгиэн айааһаабыт сиэр соноҕоһунан, аҕатыгар көмөлөһөн, алаастары, үрэхтэри сыыйсара. Ол сылдьан түгэн көһүннэҕинэ, Туоһахтатын көрөн, хараҕын сымнатан ааһара. Тоҕотун бэйэтэ да билбэтэ. Туоһахтаҕа кутун олус туттарбыта. Ол баҕар, Туоһахта саҥа төрөөн күн сирин көрөр түгэнигэр туоһу буолбутуттан эбитэ дуу? Эбэтэр инники олохторун тоҕооһуннаран тургутар туску тардыыта эбитэ дуу? Туох билиэ баарай. Ол да буоллар, Лэкиэс биир бүччүм санаалаах. Ол – сиппит-хоппут Туоһахтатын миинэн, ыһыахха ат сүүрдүүтүгэр биэтэккэ тыал курдук маҥнайгынан сүүрдэн кэлэр ыратын сүрэҕэр бүөбэйдээн, иитиэхтии сылдьар.

      Кэм-кэрдии ааһан испитэ. Туоһахта чөрөгөр сытыы кулгаахтардаах, көҕүлүн аннынан кэлтэгэй ый курдук туоһахталаах, уһулу ойуох курдук дьэргэлдьийбит өйдөөх харахтардаах, тардырҕас киэҥ таныылардаах, киһи эрэ умсугуйа көрөр кулуна буолбута. Дьылыгыр уһун атахтарын түөрт түөрэм сытыы туйахчааннара эрчимнээхтик иһэҕинэн бырдааттанан, быыппаста сүүрэр идэлэммитэ. Кулун бэйэтэ, күһүн хаар түһүүтэ, убаһаҕа кубулуйбута. Харачаас үөрүн убаһаларыттан саамай төрөлкөйдөрө буола улааппыта. Оччолорго убаһалары араарбат этилэр, онон үөргэ дьаалаларынан бүөбэйдэнэллэрэ. Туоһахта ити курдук балтараа сааһыгар тый, үс сааһыгар соноҕос буолан, тыыллан-хабыллан тахсыбыта.

      Лэкиэс эмиэ оҕо эрдэҕиттэн хара үлэҕэ миккиллэн, эриллэн, буутун этэ буһан, сиһин этэ ситэн, төрөлүйэ улааппыта. Үрдүкү кылаастарын уһун сынньалаҥнарыгар холкуоһун күүстээх, түбүктээх үлэтигэр


Скачать книгу