Номох буолбут кэпсээннэр. Евсей Лугинов

Номох буолбут кэпсээннэр - Евсей Лугинов


Скачать книгу
ыараханнык таска тирэнээт, өтөх диэки хачыгырайа турда. Оҥочо тумса чэпчээбиттии эндэйдэ, оҕонньор уҥуор тахсыбытын кэмсинэ саныы, оҥочотун кытылга соһоот, балаҕан диэки харбыаласта. Ыраахтан иһэн көрдөҕүнэ: балаҕан аана аһыллан баран, сабыллан хаалла. Бэрт ыксалынан-тиэтэлинэн балаҕан аанын аһарын кытта, эмээхсин соһуйбут-өмүрбүт саҥата кутаалана түстэ:

      – Атын күтүр!.. Арахпын да-а арахпын!..

      Киирбитэ: остуолун үрдэ, иһитэ-хомуоһа ынах сааҕынан, буорунан туолбут. Ол туран көрдөҕүнэ, хаҥас диэки турар суораттаах чабычах күөрэйэн, иҥнэллэн киһи иһэрин курдук чамырҕаата. Оҕонньор итини көрөн, ааттаһан саҥарда:

      – Кырдьаҕас, онто да суох арычча олорор дьону муҥнаама. Иннибит кылгаабыт, кэннибит уһаабыт дьоммут. Кэлбит сиргэр кэбэлий, төрөөбүт сиргэр төнүн.

      Көстүбэт тугу да саҥарбакка, чабычаҕы талыр гына туора бырахта уонна тыаһа бэрт наҕыллык үктэнэн таһырдьа таҕыста. Киэһэ көстүбэттэрэ арахсар санаата суоҕун биллилэр. Онон хайыыр да кыахтара суох буолан, «сиэрдэрин-туомнарын» тутуспутунан бардылар. Кэлиҥҥинэн үөрэнэн да хааллылар.

      Көмүс күһүн тиийэн кэллэ. Хас да хонуктаах ардах кэннэ, сытыы тыаллар түһүтэлээн мастар сэбирдэхтэрин суйдаталаабытынан бардылар. Көбүө оҕонньордоох төттөрү төрүт өтөхтөрүгэр көстүлэр. Онно да көстүбэттэрэ хаалбата. Уҥуор-маҥаар туорааһыҥҥа оҥочоттон түспэккэ олорсо сырытта. Онон, Көбүөлээх Истиэ көстүбэттэрин кытта кыстыыр буоллулар.

      Төһө өр ити курдук эрэйдэнэн олоруохтара эбитэ буолла. Биир күн кинилэргэ ичээнинэн, отоһутунан, кыра ыарыыларга кыыран эмтиир арҕаа улуус киһитэ Көрбүө Ойуун тохтоото. Истиэ эмээхсин туспа ас-өлүү уурбутун көрөн, дьукаахтарын кэтэһэн ону-маны олоотоото да, атын киһи баара биллибэтэ:

      – Хайа, дьукааххыт тоҕо биллибэт? Кими кэтэһэҕит? – диэн ыйытта.

      – Ээ, ити хотоммут иччитигэр өлүүлээтибит. Быйыл сайыҥҥыттан күн аайы аһаппатахпытына, иһиппитигэр-хомуоспутугар ол-бу бөҕү-саҕы хаалыыр, сылгы, сүөһү куһаҕанынан тамнааттыыр, – диэн хардарда оҕонньор.

      Көрбүө Ойуун иччи туһунан бэркэ сэргээн сураста, ол кэннэ дьиэ эргиннээҕини сэһэргэһэн баран, Көбүөҕэ хайыста:

      – Дьэ, оҕонньоор, эһиги дойдугут булдунан-алдынан сураҕырар ээ. Онон, бу дойдуга бачча кэлэн баран, булдуттан амсайан бардахпына табыллар. Аҕыйах хонук эйиэхэ хонорбун баалаабат инигин?

      – Тыый, ама, эн курдук кырдьаҕаһы, иннинэн сирэйдээҕи хоннорбот буолуохпут дуо? Эгэ эрэ буоллаҕа дии. Хонон, өрөөн бултаан аас, – Истиэлээх Көбүө күө-дьаа буолаахтаатылар.

      Ити түүн эмиэ тарбыйахтара сөллөн сүгүн утуппата. Сарсыарда үүттэрин көрбүттэрэ: Айыы киһитэ аһыыр аһыттан ааспыт.

      Күн ортото Көрбүө Ойуун Көбүөнү сиргин-уоккун көрдөр диэн чугас эргин бытархай булт көрө бардылар. Эбэ арыытыгар түөрт куобаҕы бултаатылар. Төннөн иһэн сынньана таарыйа уу аҕалбыт нэлгэтигэр олордулар.

      – Бөлүүн дьукааххыт тыаһын-ууһун иһиттим да, бэйэтин көрбөтүм, – диэн саҕалаата Көрбүө. – Иччилэрим этэллэринэн, кыра быыс-хайаҕас


Скачать книгу