Номох буолбут кэпсээннэр. Евсей Лугинов
барбыт. Олоро биэрэн аанын быыһын сэгэтэн көрбүтэ: борук-сорукка биир дьуп-дьулугур синньигэс тэтиҥ ыты таба охсоору сабыы, курбуулана аҕай турар үһү. Ымыылаах ыт ол тэтиҥи, аһаран биэрэ-биэрэ, балааккаҕа чугаһаппакка үрэ сылдьыбыт. Бэрт өр оннук киирсэн баран, ыт саҥата, ханна эрэ ыраах иһиллэ-иһиллэ, сүтэн хаалбыт. Сарсыарда туран айаннаары гыммыта ыта кэлбэтэх, устунан оннук сүппүт.
Кэлин ити түбэлтэни дьоҥҥо кэпсээбитигэр, кырдьаҕастар «суол иччитэ моһуоктаабыта буолуо» дэспиттэр.
Былыр-былыргыттан Боотур Уус ыччаттара ханна тиийбэтэхтэрэ баарай?! Удьуор утумун салҕаары, кэнчээри ыччаты тэнитээри, киһи-хара буолаары, хара тыаны батан бултаан-алтаан, иитэр-аһатар Иһэҕэйдэрин, Дьөһөгөйдөрүн оҕолорун ииттинээри үрэҕи-маары баһылаан, араас кыһалҕалары ааһан, модун санааларын булгуруппакка, өркөн өйдөрүн өһүлбэккэ, «Һай-һат» диэн саха буолан сандаарыйан, урааҥхай буолан ууһаан, тоҥус буолан туругуран баччаҕа диэри үүнэн-сайдан кэллэхтэрэ. Ол былаһын тухары кэккэ сылдьар дьонноругар, оҕолоругар сайыҥҥы буһук куйаас күннэргэ от үлэтин кэннэ киэһээҥҥи сынньалаҥҥа, кыһыҥҥы умайык тымныыга дьиэ ис-тас үлэтин кэннэ уһун түүннэргэ, дойду оҥостубут сирдэригэр, көмүлүөктэрин суоһугар сыралла төрөөбүт түөлбэлэрин сэһэнин сэһэргииллэрэ.
Былыр арҕаа улуус аата-суола биллибэт биир улахан алааһыгар ааттаах-күүстээх ойуун олорбута үһү. Бу ойуун алааһа өҥ-быйаҥ буолан сылын аайы ботуччу от кэбиһиитин ылар эбит. Ол сураҕа ол эргин олорбут биир баай, тойон киһини утуппат буолбут. Хайдах гынан ол ойуун сирин-уотун бэйэтигэр ылар толкуйугар түспүт. Араас аатырбыт-сураҕырбыт ойууттары ыҥыртаран ылан абынан-хомуһунунан өлөртөрө, үтүрүйтэрэ сатаабыт да, кыайбатах.
Сааһыары биир күн тоҕус ойууну мунньан күндүлээн-маанылаан, аһатан туран ойуун кэбирэх сирин булан, өлөр нэмин билэргэ дьаһайан кыырдарбыт. Ойууттара үс түүннээх күн кыыран баран, биир күн улуулара сууллан түспүт:
– Бу ойуун көннөрү апка-хомуһуҥҥа өлбөт үөстээх эбит. Арай икки тарбыйаҕы төрөөбүт ынах сыатын сиэтэҕинэ, өлөр ыйаахтаах эбит. Оннук ынах субу сотору кэминэн бу сиртэн ырааҕа суох биир ыалга төрүө, ону атыылаһан ылан аһатан-сиэтэн уотан, аны күһүн идэһэлэнэн баран, кэһии ыыттахха түмүгэ биллиэ, – диэн үлүгүнэйбит.
Тойон иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, бары ойууттарын дойдуларыгар кэһиилээн, бэлэхтээн-туһахтаан ыыталаабыт итиэннэ чугастааҕы ыалларга араас соругунан хамначчыттарын-чаҕардарын ыыталаабыт.
Өлүү түбэлтэлээх, биир хамначчыта сарсыарда эрдэ уутун быыһынан иһиттэҕинэ, дьиэлээх дьахтар саҥата, кэргэнин уһугуннаран өттүккэ анньыалыы:
– Оҕонньоор, тур, тур! Иэдээн буолбут. Ынахпыт икки тарбыйаҕы төрөөбүт, – диэн ботугураабыт.
– Аргыый, хоноһо истиэ, ол да иһин иһэ ынайан, синньэ улахана бэрт этэ. Ыл тахсан, киһи-сүөһү уһукта, кэлэ илигинэ, биирин дьон көрбөт гына балбааҕынан таптайан кэбиһиэххэ, кэлин ханна эрэ тиэйэн илдьэн кистэниллиэ, – диэн буолбут.
Дьиэлээхтэр