.
үҥүүнэн өтөрү түһүөлээбиттэрэ. Эккирэтэ сылдьан далла мэндэйэн, сиирэ-халты ытыалаан, ууга-уокка түһэрбиттэрэ. Алдьархай тахсыаҕын эмиэ Түннүбэ ойуун тохтоппута. Тургутууну, холоон көрүүнү ааспыт боотуру, хоһууннар оонньууларыгар киллэрбиттэрэ. Мукучу Боотур дүҥүрдэр лүҥсүүрдэриттэн, кыа хаантан илбис туругар киирбитэ. Кыргыс хамсаныытыгар кыттыһан, дьиэгэнийэн, өрө эккирэспитэ. Далла мэндэйиитигэр, кэккэлээн турар табалары үрдүлэринэн көтүүгэ, сарыы нөҥүө үҥүүнэн өтөрүтэ түсүһүүгэ ордуктара буолбута. Соһо сотуулаах кыһыл сонноох хоһууннар кинини төгүрүччү туран, модьу, кылгас үҥүүлэрин өрүтэ уунаҕалыы алыкылаан хаһыытаспыттара. Табалаах саха хоһууна куйаҕын, батаһын, алаҥаатын төннөрбүтэ. Мукучуну сонно тута Хоһуун диэн ааттаабыттара.
Күн бастакы сарадахтара түөлбэ тордохторугар түһүүтэ, кыргыс мэнэгэйин туппут хоһууннар Түннүбэ ыйбыт сиригэр табаланан, сатыылаан, илиэһэйдэри тоһуйа айаннаабыттара. Кинилэр ортолоругар Мукучу Хоһуун эмиэ баара. Ойуун ыйбыт сиригэр үһүс күннэрин туруора тиийбиттэрэ. Түннүбэ ойуун көрөн турбуттуу, тоһуйарга анаабыт курдук сири ыйбыта сөхтөрбүтэ. Өрүс икки кытылынан халлааҥҥа харбаспыт таас хайалар күүстээх сүүрүгү куолайдыы ыган, ох саанан ытарга, үҥүүнэн быраҕарга табыгастаах этэ. Кыһыл сонноох туматтар уу аҕалбыт сылбаҕыттан дүлүҥнэри ууга анньан киллэртээн, Бүк Бүлүү уҥуоргу кытылыгар уста турбуттара. Табалаах саха хоһууннара бэттэх хаалан, таас хайалар чомоҕойдоругар, быардарыгар хорҕо сирдэргэ кирийбиттэрэ. Төһө даҕаны дьорҕооттук туттуна сатааталлар, сирэйдэригэр-харахтарыгар куттал күлүгэ түһэн ылара. Күн оройо уот куйаас сатыылаабыта. Итии салгынтан, күн уотун суоһуттан хатыҥ сэбирдэхтэрин кытыылара саһара, бүүрэ тарпыттара. Бэл, быыстала суох сабыта түһэр бырдах мэлийбитэ. Хаан тахсарын биттэммит суордар айахтарын аллаччы атан, түүлэрин сахсатан, тиит мутукчатыгар хаххалана кирийэ хараарыҥнаспыттара. Мукучу Хоһуун сонун таһынан кэппит таҥалай куйаҕа илиинэн таарыйбат буола итийбитэ. Тохтоло суох тахсар көлөһүнүттэн сарыы соно сиигирэн, харааран тахсыбыта. Куйаҕын устуон санаталаабыта эрээри, атаҕын быһа ыттарбыт, хаанынан устубут хоһуун мөссүөнэ хараҕар көстөн, тулуйарга тиийбитэ. Дуулаҕатын ыксары тардына, күн уотуттан күлүмүрдүү мэндээрэр Эбэ киэҥ иэнин кыҥастаспыта. Өтөр буолбатаҕа, манабылга хаалбыт табалаах хоһууннар тыаһа-ууһа суох тамаһытан кэлбиттэрэ. «Иһэллэр!» – диэн сибигинэйбит саҥалара этиҥ эппитинии дуораһыйбыта. Өрүс ортотунан, куоҕас устан иһэринии, туох эрэ кыра хара көстүбүтэ. Бэттэх уһуннаҕын аайы, сүтэ-сүтэ күөрэйбэхтии, улам улаатан испитэ. Биллэр-биллибэт утары илгийэр салгыҥҥа өрө уйдараары гыммыттыы даллаахтаннаҕына, икки өттүнэн көмүс мөһүүрэ уу кылабачыйа саккырыыра. Эмиэ даҕаны модун, кэтит түөһүнэн эрэһэ долгуннары хайа тыыран, күөгэҥнии устан ньолбойоро. Чугаһаатаҕын аайы, атын күтүр багдайан испитэ. Сытыы кынаттара эрдии салбаҕар кубулуйан, үөһэ-аллара күөрэҥнээбиттэрэ. Эмискэ сөрүүн