Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
ыҥыртарбытым… Сиэммин көрбөт, аппар мэҥэһиннэрэн, сирбин-уоппун көрдөрбөт быстах дьылҕалаах эбиппин, – Мукучу Хоһуун үөһэ тыына, бычалыйан тахсыбыт харахтарын уутун ытыһын таһынан соттубута.
– Тарҕаан?! – Туоҕа Боотур саҥа аллайбыта. Эмискэ халҕан тэлэллэ түспүтэ, бөдөҥ-садаҥ, бөҕө-таҕа таһаалаах, таба сонноох киһи тыастаахтык баадаҕаччыйан киирбитэ. Туоҕа Боотуру тургутардыы көрө, Мукучу Хоһуун сытар сыҥаһатын атаҕар быар кууста турунан кэбиспитэ. Кинини тилэх баттаһа, халҕаны сэрэнэн саба, ортону үрдүнэн уҥуохтаах уолан киһи тыаһа-ууһа суох киирэн кэлбитэ. Туоҕа Боотуру көрөн, бэргэһэтин уһулан, нөрүйэн ылбыта. Мукучу Хоһуун сүүһүгэр ытыһын даҕайа, күкээрийбит баттаҕын сытыара сатыырдыы имэрийбэхтээбитэ. Кини уолаттары эр-биир көрүтэлээбитэ.
– Ити Үҥкүр. Таптал аата эн иниҥ курдук Дагдаҕар диэн, оттон бу турааччы Кэмпэрэ, – Мукучу Хоһуун уҥа илиитин ыараханнык көтөҕө уунаҕалаабыта. Уолаттарын көрө, тыын ылардыы эппэҥэлии, иһийэн сыта түспүтэ. – Дьэ, уолаттарым көрүҥ. Бу кэпсиир Туоҕа Боотурум… Былыр диэххэ дуу, Тыгын Тойон дуоҕа тутааччыта этэ. Билигин Кучан Эбэ аҕа ууһун бас-көс киһитэ. Кинини тутуһаарыҥ… Төһө даҕаны аҕыйахтарын иннигэр, кэннилэригэр дурда-хахха буолар Тыгын Тойон үтүмэн элбэх дьоно бааллар… Эһиги онтон силистээххит-мутуктааххыт… Ыарахан күҥҥүтүгэр көмөлөсүһэн, көмүскэһэн, эйэлээх буолаарыҥ, – Мукучу Хоһуун хараҕын быһа симэн, илиилэрин туора-маары тутан, түөһүгэр уурбута. – Үҥкүр, түөлбэни миэхэ хаалларбата диэн, хом санааҕын хам баттаа… Сылгыны, сүөһүнү анаабытым. Сөбүлээбэтэххинэ онтуктаргын үүрэн, атын сиргэ олохсуйуоҥ буоллаҕа… Ол гынан баран, төрөөбүт түөлбэҕин көрө-истэ, билсэ тураар. Соҕотох бардаххына, эрэйи эрэ көрсүөҥ… Чэ, эһиэхэ Туоҕа Боотуру билиһиннэрээри ыҥыртарбытым. Хайдах дьаһанаргытын эппитим… Ситигирдик… Элэтэ, – диэн сэниэтэ эстибиттии оргууй саҥара, сапсыйбахтаабыта. Үҥкүр тугу эрэ этиэхтии көхсүн этитэн ылбыта, онтон сапсыйан кэбиспитэ. Тыастаахтык хааман, халҕаны тэлэйэ баттаан, таһырдьа ойбута.
– Аҕаа, бүгүн аматыйбыккын, быдан сэргэхсийбиккин дии, барыта этэҥҥэ буолуо… – Кэмпэрэ аҕатын илиитин имэрийэн ылбыта, сэрэнэн таптайбахтаат, этэрбэһин төбөтүгэр дыгыйан, тахсан барбыта.
– Дьэ, ити… Дьоммор-сэргэбэр Тарҕаан дьаһайыа диэн эппитим. Үҥкүр онтон кыыһырбыта ааспакка сылдьар. Кэмэ кэллэҕинэ, түспэтийдэҕинэ өйдүүр ини… Тарҕаан ойоҕум суруһа. Бу дойду төрүт олохтооҕо. Элбэх сырыыларга бэйэтин көрдөрөн турар. Хоһууннар кинини билинэллэр. Хайа уонна хантан, хайдах тугу мэнэйдэһэри, булары-талары билэр. Ээ, арба даҕаны, бу дойду үтүөтэ-мааныта, булда биһигини эрэ угуйбат, умсугуппат. Туспа сиэрдээх-туомнаах атын омуктар харахтарын далыгар эмиэ хатаммыт… Тоҕо анньан кэлиэхтэрин сөп.
– Ол туох дьонуй, ханна олохтоохторуй? – Туоҕа Боотур үчүгэйдик истээри, олох маһы сыҕарыҥната, чугаһаан биэрдэ.
– Бээ, ыксатыма… Саҥарар даҕаны ыарахан буолбут. Кэпсиэҕим… Бастаан кэриэс-хомуруос тылбын этэн кэбиһиим… Ылыныа, бүк