Өлбөт үөстэниэҕиҥ. Иннокентий Колосов

Өлбөт үөстэниэҕиҥ - Иннокентий Колосов


Скачать книгу
кэннилэринээҕи этэрээт саллааттара сааларын түһэрэн, бары суолу бүөлүү кэккэлээн тураллар эбит. Иннилэригэр утары иһэр этэрээккэ чугаһаан истэхтэринэ, үрүҥнэр кэккэлэриттэн нэлим сиэллээх кыһыл улаан аты мииммит баараҕай улахан киһи инники таҕыста.

      Кини уҥа илиитин үөһэ көтөхпүтүгэр, дьоно тохтоон аара турдулар.

      – Ребята, стойте здесь и ждите меня, – дьонугар эппитигэр, тохтоон, көһүтэн турдулар.

      Икки өстөөх этэрээттэр хамандыырдара утары көрсөрдүү, суол устун аа-дьуо хаамтаран истилэр. Петровка үрүҥ этэрээтин хамандыыра аттыын-бэйэлиин олоҥхо бухатыырын дуу, былыргы кыргыс үйэтин боотурун дуу курдук көһүннэ. Тымныы буолан халыҥнык таҥныбыта дуу, бэйэтэ оннук баараҕай таһаалааҕа дуу – бухатыыр курдук моһуоннаах, туттунуулаах киһи! Туттара-хаптара нүһэр баҕайы киһи, Петров иннигэр кэлэн атын тохтотон, тэһиинин тардан туран сөҥүдүйдэ:

      – Чыкаа чулуута Бөтүрүөп! Бу аата тугу гына сылдьар быһыыгыный?! – Петров бэркэ билэр сөҥ куолаһын дорҕоонноруттан соһуйан ходьох гына түстэ.

      Анарааҥҥыта кинини дьөлө үүттүүрдүү батары көрбүт харахтарын бэркэ билэр курдук:

      – Миигин билэр хайаларынаҕыный? – утары ыйытта.

      Онуоха киһитэ арбайбыт түүлээх бэргэһэтин сэгэччи аспытыгар биирдэ өйдөөбүтэ – кини иннигэр биир дойдулааҕа, урут Төҥүлү оскуолатыгар биир кэмҥэ үөрэммит киһитэ – Баишев Гавриил Васильевич кэлэн турар эбит!63

      – Хабырыыскын эбит буолбат дуо?! Хата, бу эн тугу гына сылдьаҕын? Ханналаатыҥ? Кэпсээниҥ?

      Кинилэр Хабырыыстыын биир нэһилиэктэр, кыра эрдэхтэриттэн миннэрин билсибит аҕай дьон. Николай Васильевич киһитин майгытын-сигилитин бэркэ билэр: көнө, үчүгэй киһи буолан баран, үксүгэр олус туруору, көнө саастаах маһы хайытар курдук майгылаах ыччат. Ол иһин кыыһырдыбакка, ньуолбардык кэпсэтэргэ быһаарынна.

      – Бөтүрүөп! «Олус улахан тойоҥҥо тиийэ үүнэн-үрдээн киһини билбэт буолбут дуу?» дии саныы сыстым ээ! Көрөрүҥ курдук, син обургу бастаанньа этэрээтин баһа буолан сылдьабын. «Саҥа» дэнэр былааскыт оллур-боллур дьаһалларын, уһуну-киэҥи санаабакка, ырыҥалаабакка, эһиги – чыкаалар, нэктэл кулуттуу толороргутун тулуйбакка, бар дьоҥҥут уордайыытын ситэ билэ иликкит! Билэн иһиэххит! Биһигини сэнээн маннык түүннэри-күнүстэри суксуруһаҕыт! Билигин – манна биһиги тойотторбут! Эн урукку сырыыларгын истэн: «Манан өссө да ааһыаҕа», – диэн бу тоһуур оҥордум. Маҥнай, тоһуйан барыгытын тоһурҕаттаран кэбиһээри гынан баран, бэркиһээн, туоххун-ханныккын билээри: «Кэпсэтэн көрүөххэ» диэн бу айах атан сэлэһэ турабыт. Ханныгын да иһин биир Мэҥэ улууһун Дьабыыл нэһилиэгин ыччаттара этибит буоллаҕа. Оннук дуо!? Оннук буолбатах дуу!? – киһитэ тымтан барыах курдук буолбутуттан Петров хап-сабар:

      – Оннук, оннук! Хабырыыс, сөрү-сөпкө этэҕин! – дии оҕуста. – Хара маҥнайгыттан кыыһыран барыма, доҕоор! Биһиги, эмиэ, норуот туһугар, бар дьон туһугар кыһаллабыт ээ…

      – Ол кыһалларгытыгар аҥаар кырыытыттан, үүнэ-тэһиинэ суох халаан-талаан, арыый сэниэ-баай уонна көрөн-харайан


Скачать книгу