Сайсары күөлгэ түбэлтэ. Егор Неймохов
үктэнэн хомус кумаламмыт сирин өҥөйдө уонна сымыһаҕын быһа ытырда – илиитин сүөргүтүк быластаан эдэркээн дьахтар иттэни сытар. Түөһүгэр баар кытархайы маҥан таҥаһынан саба бырахпыт курдук. Өссө болҕойон көрдө, кыһыл өҥнөөҕө – тэрэпиискэ буолбатах, хаан халыйбыта тоҥмута эбит. Давидян кэннинэн чугуруҥнаан иһэн сүүрэр-хаамар икки ардынан массыынатыгар барда, оҕолору бүлгүннэриттэн харбаталаан массыынаҕа анньыталаата:
– Киириҥ, түргэнник, – күөмэйэ титирэс, кэһиэҕирэн хаалбыт курдук. «Өлөрүөхсүттэр чугас кэтээн сытар буоллуннар, түргэнник, түргэнник, милииссийэҕэ…» – сытыытык кыламныыр санаа чыбырҕаччы кэйиэлиир.
«Волга» хоҥнон, орулуу түһээт, муҥ кыраайынан иннин хоту ыстанна.
Соһуччу сорудах
Силиэдэбэтэл Захар Захарович Элиэнэп прокуратура дьиэтин туруору кирилиэһинэн аллара түһэн иһэн, ааҥҥа сыһыарыллыбыт биллэриини көрөн аһарда: «Арба да, сарсын субуотунньук этэ дуу, бэйи, даачабар тахсан бараан истээх соммун аҕаллахпына сатаныыһы, – дии санаата уонна чаһытын көрдө. – Алтаны ааһан эрэр, Марианна үлэтиттэн кэлэрэ өссө чаас курдук баар, онуоха диэри эргийиэхпин сөп эбит…» – халтаҥ сонун тимэхтэнэ-тимэхтэнэ, тахсар aaҥҥa чугаһаан эрдэҕинэ:
– Захар Захарович! – диэн кэнниттэн ыҥырбыттарыгар эргилиннэ – прокурор көмөлөһөөччүтэ Мальцев кирилиэс биттэҕиттэн тутуһан тиэтэйэ-саарайа түһэн эрэр. – Захар Захарович, хайа, бэҕэһээҥҥи партиябытын ситэрбэппит дуо, мин дьиэбэр ырытан, хотор барыйааны буллум дуу дии сылдьабын.
– Оо, бүгүн бириэмэм кэмчи ээ, билигин даачабар бара сылдьыахтаахпын, – Элиэнэп тоҕо эрэ эмиэ чаһытын көрүннэ итиэннэ мичээрдээтэ. – Чэ, сарсыҥҥа диэри көһөрүөххэ, тайм-аут ыларбын көҥүллээ.
Мальцев күллэ, сапсыйан кэбистэ:
– Сөбүлэһэбин, бачча хойут ол тоҕо даачалаатыҥ?
– Сарсыҥҥы субуотунньукка кэтэр таҥас-сап ылыныа этим.
– Аа, чэ, сарсыҥҥа диэри.
– Пока, – Захар Захарович уҥа илиитин күөрэс гыннарда уонна кытаанах куруһуналардаах ааны сэгэтэн таһырдьа атыллаата.
Тымныйбыт xapaҥa уулуссаҕа электричество лаампаларын уоттара сандаарсаллар. «Бырааһынньык кэнниттэн массыынаны туруоруллуо, ыал гарааһын күөнтүүр сатаммат» – Элиэнэп дипломат-суумкатын кыбынан, филиал иннинээҕи уулуссаны туораан «Север» ресторан кэтэҕэр олбуор иһигэр киирдэ. Хаһан эрэ, маҥнай бу проспекка хастыы да этээстээх дьиэлэр тутуллалларын саҕана оҥоһуллубут уонча тус-туспа хостоох, намыһах эрээри уһун таас гараж биир аанын тэлэччи аста. «Запорожеһа» күлүүһү эрийэ тутарын кытта собуоттанан бирилээтэ. Аргыый аҕай кэннинэн астаран таҕыста, гараж аанын хатаата итиэннэ проспектан Петровскай уулуссатыгар салайан айаннаан сирилэттэ. Хатыҥ Ypэx, Сэргэлээх даачаларыгар миэстэ ордубакка, аны Бүлүү суолунан сири биэрэр буолбуттара.
Захар Захарович силиэдэбэтэл буолбута ыраатта да, баччааҥҥа диэри даачаҕа эрэ кыһаллыбат этэ, кэмниэ кэнэҕэс Бүлүү суолугар даачаланан эрэр. Кырдьык, сайын үлэлээн,