Сайсары күөлгэ түбэлтэ. Егор Неймохов

Сайсары күөлгэ түбэлтэ - Егор Неймохов


Скачать книгу
уу анныгар маска охсулуннаҕа диэн быһаарбыттара. Оо, билигин эбитэ буоллар… Кытылга, бука, туох эмэ суол-иис хаалбыта буолуо ээ – ону итинниккэ түбэһэ илик дьон омуннанан үөмэхтэһэн кэлэн, барытын үлтү тэпсэн кэбиспиттэрэ. Сарсыныгар оройуон кииниттэн кэлбит милииссийэ үлэһитэ сельсовет бэрэссэдээтэлэ оҥорбут түмүгүн кытта сөбүлэспитэ: «Балыктыы сырыттаҕына, тыыта түөрэ эргийбит…»

      Санаатыгар буолан, фара уотун сырдыгар суол кытыытыгар ГАИ инспектора эриэн маһынан далбаатыы турарын дьэ өйдөөн көрдө: «Чочур Мураан анныгар кэлэн эрэр эбиппин, ГАИ поһа, тоҕо тохтоттохторой?»

      Элиэнэп мунаахсыйда, массыынатын бытаарта. Сайын даачаттан иһэр чааһынай массыыналаахтары харса суох тохтотон бэрэбиэркэлиир буолаллара – арыгы испит дуу, суох дуу, массыынатын туруга хайдаҕый…

      Старшина эбит, чугаһаан кэлэн чиэс биэрдэ:

      – Бырастыы гыныҥ, силиэдэбэтэл Захар Захарович Элиэнэпкин дуо? Баһаалыста, биһиги вагончикпытыгар киир, силиэстийэ управлениетын начаалынньыга Хомподоев эйигин собуоннаатын диэбитэ.

      Элиэнэп дьиибэргээтэ: «Биир чаас анараа өттүгэр көрсүбүппүт дии, ол икки ардыгар туох суһал дьыалата көһүннэҕэй…» Старшинаны батыһан вагончикка киирдэ, рация аттыгар олорор младшай сержант формалаах кыыстыын кэҕис гынан дорооболосто.

      – Бу – силиэдэбэтэл Элиэнэп, Хомподоевы холбоо эрэ, – диэтэ старшина кыыска.

      – Хомподоев истэр, – бэркэ билэр куолаһа дуораһыйбытыгар, Захар Захарович ыйытардыы старшинаны көрдө, анарааҥҥыта, рация диэки кыҥнах гынаат, сипсийдэ: «Саҥар…»

      – Бу мин, Элиэнэппин, миэхэ наадыйдыҥ дуо?

      – Оо, Захар Захарович, мунньахтаары эйигин кэтэһэ олоробут, биир дьыаланы эйиэхэ биэриэхтээхпин, мааҕын көрсөрбөр этиэх буола олорон таһыччы умнан кэбиспиппин, сарсын бэйэм командировкаҕа көтөбүн, сибилигин кэл. Дьиэҕэр төлөпүөннүү сатыы олорбутум, хата, даачалаабыккын Мальцевтан истэн… Чэ, күүтэбин…

      – Сөп, сотору тиийиэм…

      Силиэстийэ управлениетын начаалынньыга Хомподоев хоһуттан күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ таҕыстылар, прокуратураҕа өр кэмҥэ силиэдэбэтэлинэн үлэлиир Харлампьевич оҕонньор Захар Захаровиһы батыһан кини кабинетыгар кииристэ:

      – Сахаар, – диэтэ кини, үгэһинэн, сахалыы унаарытан. – Маҥнайгы силиэстийэ түмүгэ, өлөрүөхсүтү була охсуу түргэнэ, кэбэҕэһэ сүрдээх. Итинниги саарбаҕалыыр баҕайы. Маннык түгэҥҥэ өрүү сэрэхтээхтик, итэҕэйэр-итэҕэйбэт иккэрдинэн сыһыаннаһар куолу, – оҕонньор эдэр силиэдэбэтэл тулуйбатах-тэһийбэтэх быһыынан кэҕиҥниирин көрөн эбэн биэрдэ. – Итини бэйэҥ да бэркэ билэриҥ чахчы, мин уруккута үөрэппит оҕом буоларгынан эрэ этэбин. Бастакы силиэстийэ олус көтүмэхтик оҥоһуллубут. Өлөрүөхсүтү тута буллубут диэн уоскуйан хаалбыттар. Дьиҥэр, мунаах ыйытыылар элбэхтэр. Давыдов тоҕо, туох соруктаах итиччэ түүн Александровалыын Сайсары күөлүгэр кэллэ? Кинилэрдиин ким эмэ сылдьыспыта дуо? Хаар түүнү быһа түһэр. Суолу-ииһи симэлиппит диэн быһаарыы


Скачать книгу