Сырдык курус. А. К. Никифорова

Сырдык курус - А. К. Никифорова


Скачать книгу
сырыытай? Уон чаас буолан эрэр дии. Киһини куттааҥҥын!

      – Лераны көрүстүм.

      – Илиигин суунан баран кэлэн аһаа. Соркуойбун бу үһүс төгүлүн сылытан эрэбин.

      Аайа куукунаҕа киирэн, ийэтэ бэлэмнээбит минньигэс аһылыгын сытын ылан, аччыктаабытын өйдөөтө.

      – Бүгүн аҕаҥ табаарыһыгар приемҥа киирэ сырыттым. Хата, наһаа үчүгэйдик көрүстэ. Коля оҕолоро улаатан, үөрэхтэнэн эрэллэр эбит диэн үөрэр. Эдэр сааспытын элбэхтик аҕынныбыт. Коля туһунан сырдык, үтүө эрэ өйдөбүллээхпин диир. Приемнайыгар уочараппын кэтэһэн олорон көрдөхпүнэ, киниттэн киһи барыта толлор курдук туттарын-хаптарын иһин, уларыйдаҕа буолуо диэн куттаммытым, хата, Баһылай уруккутунан. Таһымнаах киһини былаас буорту гыммат эбит дии санаатым.

      – Дьиэни туох диирий?

      – Тоойуом, ити боппуруос өтөрүнэн кыаллыа суох. Эн үөрэххэ киирдэххинэ, мин дойдубар төннүөм. Манна үлэтэ да, дьиэтэ да суох хайдах олоруохпунуй? Василий Павлович быыс-хайаҕас булан, чугас доҕорум дьиэ кэргэнин дьиэлии сатыам диэн тылын биэрдэ. Улахан киһи тылынан мээнэ оонньообот буолуохтаах. Киниэхэ быһа тахсар төлөпүөн нүөмэрин биэрдэ. Онон кэтэһэрбэр эрэ тиийэбин.

      Аайа историятын, английскайын биэскэ туттаран, үөрэххэ холкутук киирдэ. Үөрэххэ киирбит оҕолор испииһэктэрин үрдүк бааллаах оҕолортон саҕалаабыттар, онно Аайа аата үһүс киһинэн киирбит. Кини иннинэ оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит икки кыыс экзаменнарын барытын биэскэ туттаран, испииһэги эрэллээхтик баһылаабыттар. История экзаменын Аайа өтөрүнэн умнубата буолуо. Билиэккэ баар үс боппуруоска барытыгар эппиэттээбитэ.

      – Үчүгэй. Билигин эбии боппуруос биэриэм, онно үчүгэйдик эппиэттээтэххинэ, биэһи туруоруом, – ачыкытын үрдүнэн көрбүт орто саастаах киһи кыыһы тургутардыы көрөр. – Коллективизация туһунан тугу билэргин кэпсээ эрэ.

      Аайа, коллективизация туһунан учебникка туох сурулллубутунан кэпсээн баран, ол политика мөкү өрүтүн эмиэ ырытта. Тыа ыала хайаан даҕаны чааһынай бас билэр хаһаайыстыбалаах буолуохтааҕын, күүс өттүнэн холбооһун тыа сирин уопсай балаһыанньатыгар, саха киһитин өйүгэр-санаатыгар хайдах охсуулааҕын туһунан санаатын эттэ. Преподавателэ, соһуйбуттуу истэн олорон баран, аны НЭП туһунан ыйытта. Аайа революция кэнниттэн дойдуга политическай эрэ өттүнэн буолбакка, экономикаҕа эмиэ саҥа сыһыан олохтонуохтааҕын туһунан ымпыктаан-чымпыктаан кэпсээтэ.

      – Биһиэхэ, историческай факультекка, киирээччилэр даҕаны маннык эппиэттээбэттэр. Андреева, историческай салааҕа киириэхтээх киһи сылдьаҕын быһыылаах. Онно киириэххин санаатаххына, миигин булаар. Бу улахан да улахан биэһи туруордум.

      Тетя Надя бүгүн Аайа үөрэххэ киирбитин бэлиэтээри түбүгүрэ сылдьар. Татьяна Иннокентьевна утаран көрбүтэ да, санаабытын оҥорон баран тэйэр майгылаах Надя ону ылымматаҕа чуолкай. Куоракка баар аймахтарын, билэр дьонун, бэйэлэрин оҕолорун, сиэннэрин түмпүттэрэ сүүрбэттэн тахса буоллулар. Даачаҕа таһырдьа остуол тардан кэбистилэр. Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн. Тетя Надя оҕуруотун аһа өлгөм, дьонун


Скачать книгу