Ийэм кэпсиир… (1 чааһа). Семен Маисов
ол эрэ кэннэ бүтэһигэр төбөтө быстан төкүнүйдэҕинэ эрэ, ол сору-муҥу көрбүт сордоох биирдэ өлөрө, күн сириттэн күрэнэрэ, энэлгэннээх эрэйиттэн арахсара. Туох да диэбит иһин ынырык кэпсэл. Мин доҕорум Элэбэһиэтэ аны ким эмит истиэ диэн, тула-мала көрө-көрө, бэл кулгаахпар саба түһэ-түһэ сибигинэйэн кэпсээбитин санаан, ис-испиттэн чахчы куттанан кэлэбин. Тыый, араҥнара аны миэхэ сыстаарай диэбиттии, Тыытыгынай Маарпаттан харахпын араарбаппын. Ол эрэн Маарпа дьүһүнэ-бодото Элэбэһиэтэ кэпсээнигэр тугунан да төрүт майгыннаабат, арай сирэй оһох тунаархай сырдыгар сирэйин тириитэ бүтүннүүтэ эбир курдук хараарар, баҕар, куттаммыт санаабар, ордук омуннанан көстөн харахпын баайан эрдэҕэ. Араҥ дьикти ыарыы. Дэҥ-дэҥ кэлээччи-барааччы ыалдьыттан, хоноһоттон иһиттэхпитинэ, онно-манна, алаас-алаас аайы арҕам-тарҕам ыһыллан олорор дьонтон биир эмит киһи эмискэ ити ыарыынан ыалдьыбыта иһиллэр. Кимтэн, туохтан сыстыбыта төрүт биллибэт. Луохтуур тахсан ол киһи чахчы араҥ ыарыынан моһуогурбутун биллэр эрэ, аны дьону сутуйуо, чэгиэн дьоҥҥо сыһыарыа диэн тута Бүлүүгэ киллэрэн, куорат таһыгар баар анал холуонньаҕа угаллар. Онтулара бэйэтэ хаайыы кэриэтэ үһү, ким да кэлэрэ-барара, киирэрэ-тахсара көҥүллэммэтэ.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «ЛитРес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.