Түҥкэтэх ырай. Елена Слепцова
курдук хантан эрэ эмискэ кутуллар уунан туолла. Баар-суох баайбыт, аҕабыт үйэтин тухары муспут араас кинигэлэрин бибилэтиэкэтэ, урукку олохпут истиэнэтэ суулларыныы күр гынан, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыттан хаһыаттартан кырыйан муспут паапкалардыын ууга былдьаннылар. Арай Иосиф Сталин мэтириэтэ паапкаттан хостонон чаалыйбыт ууга дагдайа уста сылдьарын тоҕо эрэ ким да быыһыы сатаабатаҕа. Хайыахпытый, быраас идэлээх аймахпыт киһи Бүөтүр Ыстапаанабыс Сайсарыга турар дьиэтигэр көстүбүт. Кэлин санаатахха, мин куорат биир муннугар хаһан да өр олорбокко, биир кэм дуобат хараҕын ааҕардыы куорат сирэйин мэҥнээх түөлбэлэригэр күһэйиллэн көһө турар дьиэктээх эбиппин.
Сайсары. Саха дьоно үксэ манна түөлбэлээн олороллорун уруккуттан билэрбит. Бүөтүр эргэ дьиэтэ аатырбыт поэт Серафим Романович Кулаачыкап-Эллэй аатын сүктэр да, Эллэй сирэйин элээмэтэ да көстүбэт хаарбах уулуссатыгар турар. Төһө да үс хостоох буоллар, орто киһи оройунан охсуллуох намыһах өһүөлээх, өрүү тэйэ турар, мин оҕонньорум төҥкөйөн киирэр халҕаннаах, биир да мал атаҕын булбакка, мөҕүүк сылгы курдук түөрэм үктүү турар, чоху көхсүнүү инэн-манан бөлтөрүһэн тахсыбыт муосталаах икки кыбартыыралаах уһун субурҕа дьиэ биһигини атыҥырыы көрүстэ. Утуйар хоспутугар, били, ыһыллыы баайын үллэстиини туоһулуур тимир атахтаах быраас ыарыһаҕы иттэни ууран иһин-үөһүн чинчийэр тымныы, тилиргэх ороно эрэ турар. Быһыыта, оччолорго кэлбэт буолбут хамнас суотугар тыырыллан манна кэлбитигэр сөп.
Ыалбыт буоллаҕа, чобугураабыт саха дьахтара, дьиэлээх киһи быһыытынан, төтөлө суох көтөн түһэн, айдаарбаппытыгар, тиэргэни сиппийэрбитигэр, бөҕү ыспаппытыгар дьаһайда. Тахсаары туран, «киэһэ олбуору хатыыр буолуҥ» диэтэ даҕаны, бүтүннүү кэриэтэ суулла сытар олбуор ол биһиги олуйбуппутуттан ороспуойдары хааччахтыах быһыыта суохха дылы. Ол үрдүнэн этиллибитин аанньа хатаабыта буолабыт. Сайынын уулусса уу саппыкыта суох атыллаабат гына алдьархайдаах бадараанынан дьэргэччи көрөн тахсар эбит.
II
Мин үлэлиир тэрилтэм оччолорго Саха Государственнай филармонията диэн ааттанара. Сайсарыттан чугас Каландаришвили уулуссатыгар турар. Онон, хата, абыранан аҕай сылдьабын.
Биир күн театрга сүпсүлгэн бөҕөтө. «Аны филармония буолан бүтэр үһүбүт, атын ааттанар буолбуппут…» – диэн администратор Сэргэй Көстөкүүнэп ыһа-тоҕо кэпсиир. «Ол тоҕо? Оттон былыргыттан оннук ааттаах этэ дии, уларыйбытыттан туох буолуой?» – кырдьаҕас вахтер Уйбаан сөбүлээбэтэхтии ыйытар. Филармония куорат биир былыргы тутуутун пааматынньыгар, аҥаара урусхалланан сытар Троицкай собуорга, обургу сааланы бас билэн симиллэн аҕай олорор. Таҥара дьиэтэ өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн «искусство храмыгар» кубулуйан бастаан мунньахтыыр сир, онтон театр, билигин филармония буолбута. Эргэ собуор кистэнэн турар муннуктара бииртэн-биир арыллан тахсан, барыбытын соһутар. Былыргы үйэтээҕи модун истиэнэлэр тугу саһыаран туралларын ыччат билбэт, билэ да сатаабат. Арай үйэтин тухары мантан арахпакка