Түҥкэтэх ырай. Елена Слепцова

Түҥкэтэх ырай - Елена Слепцова


Скачать книгу
көрөн турбут Бээгэй: «Хватит, нахал!!!» – диэн хаһыытаата. Иккиэн эргиллэ түстүлэр – ким да суох. Куттанан түргэн үлүгэрдик атахха биллэрдилэр. Ити курдук Бээгэй, кыра буолан, бары хайаҕаска барытыгар батарынан туһанан, ханна тураллар да, онно тиийэн көстүбэккэ саҥарар «абааһы» оруолун толорор идэлэннэ. Онтукатын ол киһи барбытын да кэннэ тохтоппото, оннооҕор Күөрэгэй соҕотоҕун олордоҕуна кытта дьээбэлиир. Сотору театрга уһун тыллаахтар Күөрэгэйи театр абааһыта буулаабытын туһунан сурах тарҕаттылар. Онон дьон кинини кытта бүччүм кэпсэтэртэн туттунар буоллулар.

      Балтараа сыл курдугунан Күөрэгэй соҕуруу баран үөрэнэн иһэн, ыалдьан төннөн кэлбитэ. Ол дойдуга кини ырыатын пластинкаҕа устубуттарын туһунан кэпсээн, үөрүүбүт үрдээтэ. Сотору биһиги урут харахтаабатах хап-хара лаахтаах пластинкаларбыт кэллилэр. Ону харыстаан театр ыскылаатыгар кыстыы ууран туруордулар. Бээгэй хантан эрэ патефон була охсон, Күөрэгэй пластинкатын түүннэри-күннэри истэр. Сэрэйдиҥ ини, кини ити үөлэстэр истэринэн дьиэ ханнык баҕарар муннугар тиийэрэ. Ол ыскылааттан пластинканы уорар диэн киниэхэ улахан дьыала буолбатах.

      Ити кэмҥэ Күөрэгэй ханна эрэ өрүс нөҥүө гастроллуу бара сылдьан, биир уолу таптаабыта билиннэ. Кыыспыт сотору-сотору өрүһү туораан ханна эрэ баран кэлэр. Биир күн театрга сүргэтэ көтөҕүллэн аҕай кэллэ уонна дьүөгэтигэр бүгүн кэнсиэргэ ол киһи кэлиэх буолбутун туһунан кэпсээбит. Бээгэй ону истэ охсон силбиэтэнэн аҕай киирдэ. Ити киэһэ кини эрдэттэн оһоҕун үөлэһигэр киирэн олордо. Сүүрэлэс буолбут хараҕын көрөөт, мин тугу эрэ оҥороору гыммытын сэрэйдим, онон: «Сиимэн, ону-маны гынаайаҕын. Күөрэгэй дьоллоох буолуон баҕарбаккын дуо?» – диэн сэрэтэрдии ыйыттым. Киһим буугунаан эрэ кэбистэ.

      Кэтэһиилээх кэммит дьэ үүннэ. Кэнсиэр буолуо аҕыйах мүнүүтэ иннинэ саалаҕа үрдүк уҥуохтаах, эҥкилэ суох ыраас таҥастаах, хара сэлээппэлээх сахаҕа олус интеллигентнэй киһи үрүҥ сибэкки дьөрбөтүн тутан киирдэ. Дьон бары кинини кэтии көрөллөрүттэн симиттэн, төҥкөйө-төҥкөйө, кытыы диэки баран миэстэтигэр олордо. Оччолорго сибэккилээх кэлэр киһи сэдэх этэ… Ол сибэкки сыта сааланы толорон кэбистэ. Бээгэй, үөлэс иһиттэн ону сытырҕыы-сытырҕыы, сиргэ силлээмэхтээтэ. Хараҕа күнүү биитинэн кынчыатыыр. Күөрэгэй ол киэһэ хаһан да ыллаабатаҕын ыллаабыта. Кини абылаҥнаах куолаһыгар таптал нарын иэйиитэ бигэнэргэ дылыта. Хаһан да умнуллуо суохтаах истиҥ тыллар атын киһиэхэ ананалларыттан хараҕын үүтэ көстүбэт буола күнүүлээбит Бээгэй сүр баҕайытык тоһугур гынан хаалбыта. Мин кини тугу эрэ куһаҕаны оҥоруохтааҕын сэрэйдэрбин да, Күөрэгэй тиһэх ырыатын дуоһуйа истээри батыспатаҕым. Күөрэгэй бүтэрин кытта, били киһи дьон бары көрөн олордохторуна холкутук хааман тиийэн сибэккитин туттарбыта. Долгуйбут көрөөччү хабыллар ытыһын тыаһынан доҕуһуолланан мин чуулаантан подвалга тахсыбытым, туох эрэ хампырыта барар тыаһа бу баардыы иһиллэ түстэ. Тыас ыскылааттан кэлэрин истэн онно ойдум. Тиийбитим, Бээгэй Күөрэгэй


Скачать книгу