Дьокуускай харах уутун итэҕэйбэт. Иван Тарабукин

Дьокуускай харах уутун итэҕэйбэт - Иван Тарабукин


Скачать книгу
сирин булбатахтыы, төбөтө лэкээриҥнии түстэ.

      – Көстөн турар дьыалаҕа сымыйанан мэлдьэһэ турбуккун, хата, үчүгэй аҕайдык уоптарыам ээ. Хатыы сылдьар күлүүспүтүн эһиги алдьаппыт эбиккит! Ааны аһыллыбат да, сабыллыбат да гына кэбилээбиккит.

      – Быладьыымырабыс, тугу кэпсэтэ тураҕын! Бу дагдайбыт кыылы уонна хатаччы хаппыт үөнү төбөлөрүн хаһа түһэн, аны хаһан да манна кэлэн өҥөҥнөөбөттөрүн курдук сахсыйа түһэн биэриэххэ!

      – Кэбис-кэбис, бэйэбит да быста-ойдо сылдьар дьоммут, эйэ дэмнээхтик арахсыахха, – үскэл киһи этии киллэрдэ.

      – Этэҥҥэ эчэйэ иликкитинэ иэскитин төлөөҥ! – Күөх Харах кыра киһини уолугуттан ылла.

      – Туох иэһин этэҕин?

      – Өссө эн, үөн, иэстээххин билиммэккэ тураҕын дуо?! Күлүүһү алдьаппыккыт, ааны аһыллыбат гына мууска хам тоҥорбуккут! – диэт, кыратык далайан сирэйгэ оҕуста.

      – Айыка, убаай! – кыра киһи өрө мөхсө түстэ, сирэйин кистии сатаата.

      – Бээ эрэ, тохтооҥ!

      – Тугу орооһо тураҕын, хата, төбөҥ сиигинэн бу маһы түһэрээйэхпиний! – Турантай, маһын күөрэччи туппутунан, дагдайбыт киһиэхэ ыга хаамта.

      – Биһиги ол ха-ха-йаатыбыт? – анараа киһи кэннинэн чинэрийэн истиэнэҕэ сыһынна, үтүлүктэрин сиргэ быраҕан баран көмүскэнээри илиитин утары уунна.

      – Хайа, ыт баара өссө охсуһаары ыстаҥалыыр дуу, дьэ итинник буоллаххына көрүлээтэхпит! – Күөх Харах сиэбиттэн бүк тутар быһаҕын ылан туруорда. – Эһигини баҕас, ханнык эрэ хаамаайылары, үнтү сынньан, өлөртөөн да кэбистэхпитинэ, ким ирдэһэн биһигини буруйга-сэмэҕэ тардыаҕай?

      – Тохтооҥ! – Кэриспэндиэн, дьонун иннигэр киирэн, муннукка көмүскэнээри бэлэм турар киһиэхэ туһаайан эттэ.

      – Ыччат, эрэй элбии, үлүгэр үөскүү илигинэ аны манна кэлимэҥ. Бүгүн ааны оҥорон хатыахпыт, ону алдьатыаххыт даҕаны холуобунай дьыала тэрийтэрэн оннугутун буллаттарыахпыт. Куотан, саһан туһа суох, биһиги илиибит уһун, син биир булуохпут! Билигин биһигини кытта хонтуораҕа барсаҕыт. Ыстараап төлүүргэ харчылааххыт дуо?

      – Суох. Кыра баарын барытын ити ас оҥорбуппут.

      Кырбаныыттан төлө туттарбыт киһи быһыытынан чэпчээбиттии өрө тыынна, сүүһүттэн бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн туора сотунна.

      – Төлүүр харчыгыт суох буоллаҕына, ити суумкаҕытын хаалларан баран, элэс гынан хаалыҥ. Бастакы сырыыгыт буолан, бырастыы гынабыт.

      – Өйдөөтүбүт.

      Кыра киһи дьон быыһынан сылыпычыйан кэлэн киһитигэр үтүлүгүн ылан биэрдэ, уонна, хайдах киирбитин курдук, аан быыһынан түргэн баҕайытык элэс гынан хаалла. Киһитэ саҥата суох кэнниттэн, кыбылла сыһа-сыһа, тахсан барда.

      Хаарга атахтарын тыаһа хоочугураан сүтэрин истэ олорбохтоон баран, бэйэ-бэйэлэрин саҥата суох көрсөөт, күлсэн тоҕо бардылар.

      – Дьэ, саамай улахан өҥөлөөх Кэриспэндиэн обургу, булбут-талбыт суумкаҕын баһаалыста аһан көрдөр эрэ.

      Киһилэрэ тэскэйбит суумка иһиттэн биир-биир суулааҕы таһааран табаар дьааһыга остуолларыгар уурталаата.

      – Һок, буокка, тоҥ убаһа быара, киилэ аҥаара буолар


Скачать книгу