Дьокуускай харах уутун итэҕэйбэт. Иван Тарабукин

Дьокуускай харах уутун итэҕэйбэт - Иван Тарабукин


Скачать книгу
дьон-сэргэ махталын син биир ылбаттар. Ити барыта көлдьүн, ким да өйдүө, сыаналыа суоҕа, «баай, харчылаах буолан баран, ама, ити сыыһын оҥорторуо суоҕа дуо, бэйэтэ итинтэн төһөнү эмэ туһаннаҕа?» диэн буолуохтааҕын курдук ылыналлар, өссө эбии ыан ыла сатыыр, сиилиир, ордугурҕуур сыһыан үгүс буолар.

* * *

      Сарсыарда халлаан суһуктуйа сырдыыта хаһан да сууйуллубакка-сотуллубакка, киринэн-хаҕынан, муус кырыанан бүрүллүбүт дьиэ аннынааҕы түннүктэринэн сырдык барбах эрэ туртайда. Киирэр-тахсар аан сотору-сотору аһылларыттан-сабылларыттан, атах тыаһа араастаан тоһугурууруттан сылыктаатахха, сарсыарда буолбута билиннэ.

      – Һуу, өр да кэтэстим бу сарсыарданы, олус да өлөттөрбүппүн.

      – Этимэ даҕаны бу тастан аҕалар арыгылара улахан алдьатыылаах ас быһыылаах, чэпчэкитин аанньа ылан сордонобут ээ. Онно эбии топпоккобут түүннэри таксистартан таракаан эмин эбэн тупсаран оҥорбут сомогуоннарын ылан алдьанныбыт.

      – Оннук эбит. Олох сэниэ-сээбэс эстибит. Сүһүөхтэрим тип-титирэстэр, хап-хачыгырастар, босхо баран ыһыллан хаалбыт курдуктар.

      – Хайдах гыныахпытый, таһырдьа тахсан сүһүөхпүтүн тэнитиэххэйиҥ. Тымныы, ыраас салгынынан тыыннахпытына арыый дьэгдьийэр инибит.

      – Оннук, тахсан дьиэ таһын ыраастааччылар биригэдьиирдэригэр Бөтүрүөбүскэ баран ханнык дьиэлэр тастарын хомуйтарарын ыйытыахха, арба бэҕэһээ «Байылыат» маҕаһыын таһын ыраастаарыҥ диэбитэ ээ.

      – Сөпкө эттиҥ. Эһиги көнөтүк онно барыҥ, мин дьааһыктары кэрийэн көрө-көрө тиийиэм, баат биэрдэҕинэ тугу эмэ булуом, тардыллан хааллахпына күүтээриҥ. Тоһоҕолоон сэрэтэбин, үлэлиир маҕаһыыҥҥытыттан тугу да уорбаккыт, ылбаккыт. Сыыһа-халты саҥаран өһүргэтэ сылдьаайаххытый, тугу дьаһайалларын тук курдук толороҕут. Уора сылдьан тутулуннаххытына иэдээн, быстардахха аһыыр-таҥнар хаһаас сирэ суох хаалабыт. Ол кэриэтин көнөтүнэн сылдьан үлэлээн, бас билэр чааһынай үүттээх ынахпыт курдук күн аайы ыан ыла сылдьарбыт быдан ордук. Өйдөөтүгүт ини.

      – Оннук-оннук, көрсүөххэ диэри, барыта этэҥҥэ буоллун. Эн, Турантай, бу күн сиригэр арыый уһуннук олорбут киһи сиэринэн сөрү-сөпкө сөллөҥнөөтүҥ, бэри-бэркэ бэллэҥнээтиҥ. Кырдьаҕаһы хааһахха укта сылдьан сүбэлэт диэн ол иһин этэн эрдэхтэрэ. Хата, биһиги туспутугар үрдүк айыылартан көрдөһө хаал, саҥа үүммүт күн дьолу-соргуну тосхойдун, эрэлбит эстибэтин, модун санаабыт булгуруйбатын диэн.

      – Бээ эрэ, өссө биири этэрдээх эбиппин. Аргыый аҕай, тыаһа суох, дьон уорбалаабатын курдук, биир-биир тахсыҥ. Мин эһиги кэннигититтэн балачча буолан баран батыһыам. Араас дьон баар буолар, аны полицияҕа биллэрэн айдааны таһаарыахтара. Кими да кутуруккутугар сөрөөн манна үктэннэримэҥ. Бу эргин маннык бүөмчү сири булар саарбах, саппаас дьиэ оҥостуо этибит буоллаҕа.

      Турантай, соҕотоҕун хаалан баран, ааспыт олоҕун эргитэ санаан төбөтүн хам туттан хараастан олордо. Бастааҥҥыттан орто дойдуга оройунан түһээт, дьоллоох оҕо саас диэни билбэтэҕэ. Киһини өйдүөҕүттэн тулаайах буолан ийэ,


Скачать книгу