Очурга оҕустарыы, кыайыыга кынаттаныы. Вячеслав Карпов

Очурга оҕустарыы, кыайыыга кынаттаныы - Вячеслав Карпов


Скачать книгу
диэн ыйытан чап гыннарабын.

      – Хатылыга үлэлиир Миитэрэй Сэдээлиһэп диэн киһи, – диир ийэм оргууйдук.

      – Бэрт буоллаҕа дии, – диибин.

      Онуоха ийэм кууһан сыллаан ылаахтаата, арааһа, утарсыа, сөбүлүө суоҕа дии санаан баран, кэбирэхтик сөбүлэспиппиттэн үөрдэҕэ.

      Дьоппуону кытта сэрии кыттыылааҕа, иккис кииринньэҥ аҕам буолбут Миитэрэй олус бөдөҥ-садаҥ көрүҥнээҕэ уонна, бөдөҥ киһи холку буолар дииллэринии, хаһан да кыыһырбат киэҥ көҕүстээҕэ. Кэлин мин ССРС-ка бастаабыт сылбар күһүн сэтинньигэ өлбүтэ, ити тухары биирдэ мөхпүтүн, куолаһын улаатыннарбытын өйдөөбөппүн. Маҥнайгы кииринньэҥ аҕабыттан арахсан кэһэйбит буолан, кинини аҕаа диэн ааттаабатаҕым, хата, Миитэрэй оҕолордоох эбит, онон соҕотохто Аня уонна Дима диэн эдьиийдээх бырааттанан хаалбытым. Дьэ, ыал ыалынан буолан, ньиргийэ түстүбүт. Ийэм Миитэрэйдиин өлүү араартыар диэри наһаа тапсан олорбуттара. Мин оскуолаҕа үөрэнэн бүттүм да, спортивнай саала диэки ханньары таттара турабын.

      Маҥнай утаа тустуунан оонньуу-көр курдук дьарыктанан иһэн, быһа холоон 13—14 сааспыттан, хайаан да үчүгэйдик тустуохтаахпын, Саха сирин ааһан, Россия, Союз таһымнарыгар тахсыахтаахпын диэн бигэ сорук туруоруммутум. Оннук санааны тренербит Бөтүрүөбүс да иитиэхтиирэ, кини интернат-оскуола оҕолорун эрчийэр кэмигэр: «Оҕолоор, эһиги кэлин Советскай Союз чемпионнара буолуоххут», – диирэ хайаан да туолуохтааҕар адьас итэҕэйэ, инникибитигэр бүк эрэнэ истэрбит. Оттон, кырдьыгынан эттэххэ, оччолорго, 50-с сыллар ортолоругар, тустууга спорт маастарын тыыннаах бэйэтин көрбөккө да сылдьан, тиэргэммититтэн тэлэһийбэтэх, Москва, Ленинград курдук улахан куораттары түүлбүтүгэр да оҕустарбатах, Дьокуускайга да ахсааннаахтык сылдьыбыт оҕолорго, Чурапчыга локомотив күүһүнэн барбах умайар лаампатын борук-сорук саалатыгар, бааталара орҕосто сылдьар мааттарга кэккэлэһэн турар оҕолор иннилэригэр тренербит: «Эһиги Союзка бастыаххыт», – диэһинэ баһырхай былаан эбит. Бөтүрүөбүс ол ыра санаата барыта олоххо киирбитин кэннэ санаатахха, олус да ырааҕы өтө көрбүт, бэйэтин туруоруммут соругар бигэ да эрэллээхтик, күүстээх да дьулуурдаахтык барбыт уонна биһигини сирдээбит эбит.

      Итиччэ үрдүк сыаллаах-соруктаах дьон олус ымсыыран-баҕаран туран туста сатыырбыт. Тренерим үөһэ Чурапчыга икки-үс биэрэстэ курдуктаах сиргэ баар, биһиэхэ нэдиэлэҕэ аҕыйахта кэлэн барар. Ол иһин мин сылааска велосипедынан, тымныыга сатыы күөлү уҥуордаан киниэхэ тиийэн эрчиллэбин.

      Билигин алта уоммуттан тахсан олорон эргитэ санаан көрдөхпүнэ, Дмитрий Петрович учуутал да, тренер да, киһи да быһыытынан, туох да омуна суох үөһэлэртэн айдарыылаах улуу киһи кэлэн ааспыт. Бэйэтэ киһи быһыытынан олус ыраас, чиэһинэй, ханнык да көр-нар, бэл, булт-алт диэҥҥэ аралдьыйбакка, олоҕун бүтүннүүтүн тустууга анаабыта. Кини биир да дьарыгы көтүппэтэ, хайа да оҕо туох санаалааҕын, туох дьоҕурдааҕын курдаттыы билэр сүрдээх мындыр психолог этэ. Кини баарыгар оройдорунан көрбүт, уолуктарынан тыыммыт,


Скачать книгу