Очурга оҕустарыы, кыайыыга кынаттаныы. Вячеслав Карпов

Очурга оҕустарыы, кыайыыга кынаттаныы - Вячеслав Карпов


Скачать книгу
эрдэттэн былааннаан оҥороро, уһаты-туора туттуо диэн саараама даҕаны. Тустууга аҥаардас охсуһан, сырбатыһан, күүскүнэн өттөйөн, киһини кыайбаккын, кинини албынныыр, хотор туһугар кыл түгэнэ урутуур реакциялаах, олус сайдыылаах интуициялаах буолуохтааххын.

      Оттон миигин «карповтааһын» диэн миэлиҥсэ аҥаардаах быраҕыыны айбыт киһинэн ааҕаллара да, дьиҥэр, мин ыксаатахпына абырыыр, саамай сөбүлээн туттар албаһым утарылаһааччым ыраах атаҕар киирии этэ. Аан дойду таһымнаах улахан бөҕөс олох хараҕын да быһа симэн баран эҥкилэ суох сатыыр албаһыттан куотар уустук буолааччы. Холобурга аҕаллахха, японец Осаму Ватанабэ атахха киирэриттэн көмүскэнэргэ, утары албастыырга Нодар Хохашвили үс сыл бэлэмнэммит уонна Ватанабэны утары туста киирэн баран, сонно тута атаҕын былдьаппыт, дьиэтээҕи бэлэмэ туһалаабатах.

      Тапталлаах хаан-уруу Чурапчыбар дьон байарга-тайарга улаханнык дьулуһа сатаабата, ол оннугар спорт диэн баран муннукка ытаабыт үгүс этэ. Биһиги кэммитигэр хайа да Чурапчы киһититтэн ыйыттахха, тустуунан эбэтэр дуобатынан, тенниһинэн эбэтэр волейболунан, хайыһарынан эбэтэр баскетболунан утумнаахтык дьарыктаммыт буолаллара, саамай сатамматаҕына – спорт хайа эрэ көрүҥүн эҥкилэ суох өйдүүр ыалдьааччылар бааллара.

      Эргэ, хомойуох иһин, билигин умайбыт кулууп-путугар тустуу буоллаҕына, киһи турар да сирэ ордубат гына лыык курдук дьон мустара. 1956 сыллаахха оройуон чемпионатыгар ытык ыалдьыт быһыытынан ыарахан ыйааһыҥҥа көҥүл, классическай тустууларга Россия призера, Москва куорат чемпиона Иван Васильевич Морозов ыалдьыттыы кэлэ сылдьыбыта. Атыыр оҕуһу туруору туппут курдук дыыдаллан дьэ киһи да киһи! Моой суох, төбөтүттэн санна биирдэ силтиллэн тахсыбыт, тыыллар саһаан үрдүктээх, көннөрү киһи буутун саҕа модьу илиилэрин, онтон икки бүк суон атахтарын быччыҥнара көппөрүҥнэһэн ылаллар, биир күдьүс эт лахса, чиэппэр күүстээх киһилэрэ диэн арай итинник ини. Кини ыйааһыныгар тэҥҥэ үктүүр бөҕөһө суох буолан тустубатаҕа эрээри, көрөөччүлэр көрдөһүүлэринэн сыгынньахтанан баран көбүөргэ тахсан хаамыталаабытыгар да сөп буолбуппут, «хастаабыт тиит курдук харылаах, суллаабыт тиит курдук сотолоох, сытыы кылаан сынтарыйар сымара таас түөстээх» дьиҥ чахчы нуучча бухатыыра хааман даадаҥнатара харахпар билигин да баар.

      Тустууга мин, уончалаах уол, дьон атаҕын аннынан сыыллан киирэн, адьас чугастан тутуһа сытан көрөрүм. Оччотооҕу биир хапсыһыы уон икки мүнүүтэ устата барара, ортотугар хайаан да партерга туруоруулаах. Сайыны быһа от-мас үлэтигэр эриллибит тыа уолаттара атахтара муус маҥан, курданардарыттан үөһэ өттүлэрэ күн уотугар килэриччи сиэтэн хап-хара буолан, утарыта киирэллэрэ. Маҥнай утаа улахан албаһы оҥорбокко, нөрүччү туттан баран, биир сиргэ иҥнэҥнэһэ, тэпсэҥнэһэ сылдьаллара. Ол сылдьан эмискэ холоруктаһан, хапсан ылаллара. Уһуннук, сындалҕаннаахтык барар хапсыһыы 0:0 ахсаанынан, ол аата тэҥнэһиинэн бүтэрэ аҕыйаҕа суоҕа. Ити да үрдүнэн саалаҕа мустубут эмээхсинниин-оҕонньордуун,


Скачать книгу