Үс Бүлүү айдарыылаахтара. Сборник
өссө толуутуйан, хотун-хаан дьүһүннэнэн олорор эбит. Дьиэҕэ аҕыйах чаҕар дьон баалларын көрбүт. Хотун кинилэри дьаһайан, ас астаан мааны остуол тэриттэрбит, күндү арыгы туруортаран хоннорбут. Айанньыт сарсыарда эрдэ туран, суолун ыйдаран айаннаабыт. Киэһэлик эрдэ биир киэҥ дьиэлээх ыалга кэлбит. Атын сэргэҕэ баайан баран, дьиэҕэ киирбитэ – бөлүүн хоммут ыалыгар киирэн турар үһү. Дьиэлээх хаһаайка кыратык мүчүк гынан баран остуолун тартарбыт. Ыалдьыт саҥата суох тото-хана аһаан утуйбут. Сарсыныгар айаннаан киэһэлик эмиэ Ааналаахха кэлбит. Дьэ улаханнык ыксаабыт. Киэһэ аһыы олорон Аанаттан улаханнык көрдөспүт. Онуоха биирдэрэ эппит: «Тоҕо урут ыалга сиилии олорбуккун кэпсэппэккэ, уруккуну ахтыспакка ааһаары соруммуккунуй? Миигин умнубута буолуо дии санаабытыҥ дуо? Мин барытын үчүгэйдик өйдүүбүн ээ. Ол урукку түбэлтэҕэр эдэриҥ, үчүгэйиҥ бэрдин иһин тыыппатаҕым». Уруккуну-хойуккуну ахтыһан уһуннук кэпсэппиттэр, улахан эйэлээх доҕордуу буолбуттар. «Дьэ мантан антах үчүгэйдик айанныаҕыҥ. Дьокуускайга баран иһэр соругуҥ ситиһиилээх буолуоҕа. Аны бу диэкинэн аастаххына кэһиилээх таарыйан ааһар буолаар», – диэбит. Хоноһо салгыы айана-сырыыта барыта табыллыбыт. Ааналаахха куруук кэлэр, сүбэлэтэр буолбут (В.А. Кондаков).
Онус түбэлтэ. Буоккалаах Түмэпий эмээхсинэ Мотуруона ытык буолан ыалдьан, сор хаанын көрөн, ыксаан, үрэх уҥуор Кырыкыйга Аана эмээхсиҥҥэ тахсыбыт. Халлаан сааскытыйан эрэр кэмэ эбит. Эмээхсин ыалдьан, суорҕаннаах-тэллэххэ сытар үһү. Ол гынан баран өйө чоҥ курдуга үһү.
– Оҕом, кэлээхтээбит эбиккин дуу? Мин өлөр охтуубун охто сытабын. Бу күн сириттэн арахсан абааһы эрбэр барарым бу ыган кэллэ. Оҕолор, өйөөн олордуҥ эрэ. Көмөлөһөбүн дуу, суох дуу? Кыах бүтэн сытабын.
Икки киһи икки өттүттэн өйөөн олордубуттарын кэннэ, Мотуруона илиитин ылан көрөн баран:
– Манна абааһы аҥаара да, чиэппэрэ да суох эбит. Илииҥ ытык буолбут, – диэбит. – Курууска ортотунан ыраас уута кутан аҕалыҥ эрэ.
Куруускаҕа уу аҕалан тутан турдахтарына, туттар малын – бөдөҥ көтөр уҥуоҕун киһинэн ыллартаран хаста да төхтүрүйэн ыраас хаан кэлиэр диэри оборбут.
– Айыы-айа. Ити куруускалаах ууну түннүккэ илдьэн күн уотугар көрөн баран, уокка кутан кэбиһиҥ. Илин Өлөксөй оҕонньор эмиэ өлөр охтуутун охто сытар. Мин инникилиир буоллум, ол гынан баран аргыстаһан анараа дойдуга барар буоллубут. Мин кэннибиттэн бу дойдуга дүҥүр тутан дүрбүйэр киһи үөскүө суоҕа. Мин ааппын ааттаан кыырар киһи баар буоллаҕына, ыт аһыыр иһитигэр аһатаарыҥ. Чэ, тоҕойум, аны бу дойдуга көрсөр суох. Сайбарыыннаһыах, – диэбит.
Били эмээхсин туттубут куруускалаах уутун күн уотугар илдьэн көрбүттэрэ – кылы кырбаабыт курдук үөн бөҕө кыймаҥныы сылдьар үһү.
Бу түһүмэҕи Буоккалаах улахан уола Прокопий Тимофеевич Прокопьев кэпсээбитэ. Ийэтин кини атынан таһаара сылдьыбыт.
Ити бириэмэҕэ илин Лүүчүҥҥэ Мөлөкө ойуун, Алексей Андреев, өлөр охтуутун охто сыппыт. Үөлээннэхтэрэ кэлэн көрсөн бараллар эбит.