Үс Бүлүү айдарыылаахтара. Сборник

Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник


Скачать книгу
эһэтэ буолар. Кини Анна Алексеева диэн кыыһы кэргэн ылан, 1876 с. тохсунньу 1 күнүгэр (урукку истиилинэн) кини эбэтин Кэтириинэни төрөппүттэрэ (аҕатынан эбэтин) докумуоннарга сурулла сылдьар. Эһэтэ Иван Николаевич Кондаков-Андалбаһын Уйбаан (01.08.1862 с.т.) Кэтириинэлиин оҕолоро: Михаил-Тэллэмэй, Евдокия (ийэтинэн эбэтин аата), Парасковья (аҕатынан эбэтин аата), Екатерина, Алексей-Дар (09.01.1905 с.т.) – Владимир Алексеевич аҕата.

      Эдьиий Аана кыра быраата Холохоно Ньукулай, нэһилиэккэ 1897 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ суруллубутунан, Хайыҥдаҕа олороро бэлиэтэммит. Кэргэнэ Анна Никифорова киниттэн 20 сыл аҕата ыйыллыбыт, оҕолоро суох. Кыраайы үөрэтээччи, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Н.М. Спиридонов кэпсээбитинэн, Холохоно 1930 с. диэки кыһын өлбүтүн эдьиийэ Аана Дьэҥкэҕэ кэргэнин Сыгынньах ойуун таһыгар уҥуоҕун туттарбыт.

      Аана ийэтинэн чугас аймахтара – Дыыдый удаҕан-Алексеева Мария Васильевна, кини уола Эллээһэп ойуун-Григорьев Григорий Афанасьевич, Аянитовтар, Каратаевтар, Макаровтар, онтон аҕатынан аймахтара – Сымаҕыйаан Аана удаҕан, норуот талааннаах эмчиттэрэ Е.С. Лиханова, Ф.И. Кобякова- Эдьиий Дора, Т.А. Никифорова-Тайаана, 2-с Лүүчүн Егоровтара, Михайловтара, Баҕадьа Афанасьевтара буолаллар.

А.А. Павлов, М.П. Григорьев

      Айыы ойууна Тумус Мэхээлэ

      Орто Бүлүүгэ тиийэн олохсуйбут, ытык хаҥаластарга үөскээбит, сэбиэскэй былаас кэминээҕи бүтэһик Айыы ойуунун Михаил Захарович Игнатьев-Тумус Мэхээлэ туһунан кэпсээн aahap хайаан да наада. Бастатан туран, Тумус Мэхээлэ кимтэн кииннээх, хантан хааннаах, туох-ханнык майгылаах-сигилилээх, хайдах тас көстүүлээх киһи этэй уонна төрөөбүт сиригэр-уотугар, дьонугар-сэргэтигэр туох үтүөлээҕий диэн боппуруостары кэпсэтэн ааһыаҕыҥ. Манна сыһыаран, кини ойуун быһыытынан туох уратылааҕай, тоҕо кинини Айыы ойууна диэн улаханнык ытыктаан ааттыылларай диэн өйдөбүллэри эмиэ быһаарарга кыһаллыаҕым.

      Тумус хаан-уруу буолбакка, иитиллибитинэн төрүтэ Каракан Петриков диэн аатынан нуучча докумуоннарыгар киирбит, 1765 с. төрөөбүт киһи этэ. Сахалыы эттэххэ, Бэтирик уола Хара Хаан диэн буолан тахсар. Бу киһи христианскай сүрэхтэниини ааһан Яков Николаев диэн ааттанар. Оттон дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит аата Дьаакып ойуун диэн. Бүлүүлэр уонна лүүчүттэр ойууну «ойун» дииллэр. Дьаакып улахан эмчит уонна инникини өтө көрөр ойуун этэ. Кини Куба Сиэбит диэн сиргэ Хоту Мундуҥдаҕа үйэтин тухары ыал буолан олорбута, икки уол уонна икки кыыс oҕону төрөппүтэ. Дьаакыптаах барыта сэттэ бииргэ төрөөбүттэр этилэр. Кинилэр бары үтүө-мааны ыал буолбуттара. Дьаакып кэргэнэ Анна Кононова Бастакы Toҕуc аатырбыт күүстээх киһитэ Куонаан Оконнеев кыыһа этэ.

      Дьаакып ойуун бэрт сымнаҕас киһи эбит. Былыргы дьон бары кини сымнаҕаһын, кими да кытта иирсибэтэҕин, киһини, сүөһүнү сиэбэтэҕин, алдьаппатаҕын кэпсииллэрэ. Кэлин кини уҥуоҕун ортотуттан дьоһуннаах тиит үүнэн тахсыбыт. Дьаакып, apaaha, Айыы ойууна эбит диэн сабаҕалыахха сөп. Бу боппуруоска кэлин өссө төгүл төннүөхпүт.

      Оҕонньор биир уола Сөҕөөмө Бөҕө диэн улахан күүстээх киһи үөскээбит. Apaaha,


Скачать книгу