Үс Бүлүү айдарыылаахтара. Сборник
оҕонньор Аанаттан чугас сиргэ үөскээбит, кинини элбэхтик көрбүт киһи этэ. Аана 87 саастааҕар өлбүтэ докумуон быһыытынан дакаастанар, ол аата Иосиф 27 саастаах туруу эр киһи буолбутун кэннэ. Иосиф Мальцев кырдьыбыт Аана тас дьүһүнүн маннык ойуулаан хаалларбыта: «Улахан толуу көрүҥнээх. Икки миэтэрэ дуу, арыый кыайбат дуу үрдүктээх, онно сөп суон уҥуохтаах, бөдөҥ мүһэлээх харылаах, сүрдээх улахан илиилэрдээх эмээхсин этэ. Кэтит үрдүк сүүстээҕэ, киэҥ арылхай харахтааҕа, үрдүк кырыылаах, биллэ-биллибэт сүһүөхтээх муруннааҕа. Дьүһүнүгэр киһи булар омсото диэн айаҕа киэҥ этэ уонна аллара уоһа тэллэҕэрдиҥи соҕуһа. Эдэригэр бэрт сырдык, ыраас, кэрэ сэбэрэлээх эбит быһыылааҕа. Элбэхтик удаҕаннаабыт буолан, хаана-сиинэ сүрдээҕин дьэбидийбит этэ. Эдэр дьон кыайан кэпсэппэт этибит, ыйыттаҕына эрэ эппиэттиирбит. Кырдьаҕас дьон да бэркэ дьулайа-дьулайа кэпсэтэллэрэ. Тугу эмэ сыыстара, омсолуу иһиттэҕинэ, хараҕын кырыытынан кынчарыйар курдук көрөр идэлээҕэ. Хараҕа киэҥэ да, сытыыта да дьулаана бэрдэ. Аргыый көллөҥнөөн хаамара (кырдьан буолуо. – В.К.), олус дуоспуруннаахтык туттара. Саҥардаҕына тыла-өһө киттиэннээх, саҥата-иҥэтэ наһаа ньиргиэрдээх этэ. Хайдах эрэ көхсүн иһиттэн кирдьигинээн тахсар бөдөҥ куоластааҕа».
Буоккалаах уола Прокопий Прокопьев эмиэ Аананы көрбүт, кэлин, Аана өлөрө үс хонук иннинэ, ийэтин илиитэ көрөр буолбутун эмтэппит киһи, Аана дьүһүнүн: «Кырдьыбытын кэннэ көрбүтүм. Үрдүк, көнө уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх дьахтар кырдьыбыта этэ. Дьэ, арылы дьэргэлгэн киэҥ уоттаах харахтааҕа. Хараҕа, кырдьыбытын да кэннэ, сытыы этэ. Сырдык, ыраас хааннаах, бэрт үчүгэй дьүһүннээх дьахтар кырдьыбыта көстө-биллэ сылдьара», – диэн ойуулаабыта.
Аана оҕо сааһа кыһалҕата суох ааһан, сүрдээх мааны, дьон барыта хараҕа иҥнэр кыыһа буола улааппыта. Сэһэҥҥэ кэпсэнэринэн, Миитэрэйдээх Огдооччуйа ыал улахан оҕолоро буолан атын сирдэринэн тарҕанан олохсуйбуттара. Аана улаатан эрдэҕинэ, быраата Холохоно Ньукулай кыратыгар аҕалара Миитэрэй өлөн, бу дьон тулаайах хаалбыттара. Сотору Аана биллибэт ыарыыга ыалдьан хаалбыт. Огдооччуйа аймаҕыттан Микииппэр кинээстэн, Никифор Николаевтан, көрдөспүт. Никифор Лүүчүҥҥэ 1865–1866, 1875–1876, 1879–1880 сс. кинээстээбитэ, 1851–1854, 1859–1861 сс. Орто Бүлүү улууһугар кулубалаабыта, оттон 1840–1844 сс. быыбарынай кулуба этэ. Дьэ, улахан үлэһит киһи диэтэҕиҥ! Микииппэр эдьиийигэр Огдооччуйаҕа, сиэн балтыгар Аанаҕа элбэхтик көмөлөспүтэ, бэйэтигэр олордубута. Аана удаҕан буолаары ыалдьарын билэн, Огдооччуйалыын сүбэлэһэн баран, Хаарпа ойууну уонна кутуруксутун Уллук Уйбааны кыырдарбыттара. Бастакы түүннэригэр Аллараа дойдуга түһэн кыыра сылдьыбыттар. Онтон бэрт түргэнник төттөрү ойон тахсан, бастакы уонна иккис түүннэригэр Үөһээ дойдуга тоҕус олох тухары кыырбыттар. Үс түүн кыыран баран, Хаарпа ойуун: «Үөһээттэн туттарыылаах удаҕан буолуоҕа. Орто дойдуга эмиэ хабааннаах. Оттон дьэ аллараа дойдуга суох эбит. Онно кыырар анала суох. Биир кыыс оҕо сырыытын сылдьыыһы. Билигин да суолу билэрэ буоллар, иннибитигэр түһэ сылдьыах эбит. Билигин Дохсурума удаҕан диэн ааттанар. Үөһээ дойдуга