Күннэй кистэлэҥ олоҕо. Любовь Васильева
курдук. Өссө бэһис киһилээхтэр диэн көрөбүн. Ол киһичээннэрэ кириэһилэ үрдүгэр ыттан туран, сурук остуолугар быардаан сытан, кыһалла-кыһалла тугу эрэ суруксуттаа да суруксуттаа буолар. Оттон атыттара киниэхэ кумааҕы таһаллар диэн көрөбүн, үлэ-хамнас үгэнэ. Быыһыгар күлэ-күлэ миигин өҥөйөн бараллар. Мин ол тухары, бырытын көрө сытар курдукпун эрээри, саҥарар да, турар да кыаҕым суох. Оннук балачча бириэмэ ааспытын кэннэ дьонум сүтэн хааллылар. Дьэ ол эрэ кэннэ уһуктан кэллим. Онно санаабытым, арааһа, оҕом аанньаллара сирдээҕи дьылҕатын суруйаары Ґөһэттэн түһэ сырыттылар быһыылаах… Уонна хайдах эрэ оннук буолуохтааҕын курдук ылыммытым…
Оҕом балтараатыгар Москва куоракка адъюнктураҕа үөрэнэ барар буолбутум. Московскай уобалас Ивантеевка куоратыгар дьиэ куортамнаан олорбуппут. Күннэйбит аан бастаан дьиэбит аттыгар баар оҕо уһуйааныгар барбыта, онно икки сылтан ордук сылдьыбыта. Оччолорго 2-тин даҕаны туола илик кырачаан киһи эбит.
Арай биирдэ саамай саастаах баспытаатала миигиттэн эһиги таҥараһыттаргыт дуо диэн ыйытан турардаах. Мин, көһүппэтэх буолан, соһуйаммын күллүм, онтон мусульманкаҕыт диэн ыйыттыгыт дуо диэн төттөрү ыйытааччы буоллум. Ону баспытаатала Кюночка наар Таҥара миигин таптыыр дуо диэн ыйытар, мин кириэспин интэриэһиргиир, түөһүн оҕотугар кириэс охсунар диэн соһутта. Кып-кыракый эрээри, наһаа дуоспуруннаах, оруннаах ыйытыылары биэрэр, сорох-сороҕор сатаан сөптөөх эппиэти булбакка хаалабын диэн күлбүтэ. Ити кэнниттэн, кырдьык, оҕом наар кириэс суолтатын ыйыталаһар, кириэс хайаан даҕаны кэтиэхтээҕин, Таҥара кинини таптыан баҕарарын этэр буолбута. Инньэ гынан 2002 сыллаахха Кириһиэнньэҕэ оҕобун Коптевоҕа баар Георгий Победоносец сиэркибэтигэр сүрэхтээбиппит. Оҕом кырачаан бэйэтэ бэлэмнэнэн, санаата өрө көтөҕүллэн ахан сүрэхтэнэ барбыта. Күннэйбин сүрэхтээбит ийэтэ, аҕата күн бүгүнүгэр диэри биһиэхэ оҕом сырдык кэриэһигэр күүс-көмө, өйөбүл буола сылдьаллар.
Москваҕа Күннэйим дойду ис-тас өттүгэр биллэр модельер Вячеслав Зайцев Москватааҕы Муода дьиэтин иhинэн үлэлиир оҕо модельнай устуудьуйатын бүтэрэн, муода тыйаатырыгар 3 саастаах кырачаан модель буолан киирбитэ. «Эдэр саас» хаhыат 2001 сыл тохсунньу 4 күнүнээҕи нүөмэригэр «Уу-чукучук» рубрикаҕа «Билсиҥ: 3 саастаах модель» диэн суруналыыс Светлана Аммосова матырыйаала бэчээттэммитэ. Бу Күннэйим туһунан ыстатыйа киэҥ эйгэҕэ аан маҥнайгы тахсыыта этэ.
2002 сыл сайыныгар адъюнктурабын бүтэрэн, юридическай наука кандидата учуонай истиэпэни ситиhиилээхтик көмүскээн, дойдубутугар көһөн кэлбиппит.
Күннэйим Дьокуускай куоракка 11-с нүөмэрдээх оҕо уһуйааныгар киирбитэ. Арай биирдэ, ол уһуйааммытыттан төннөн иһэн, маҕаһыыҥҥа сырыттыбыт. Оҕо салаатыгар оонньуур арааһа. Оҕом, онно эрэ наадыйбакка, атын салааҕа тиийэн, ат сувениры көрө аҕай турар эбит. Кырдьык, көрүөххэ үчүгэй баҕайы, таас буолбатах, гиипсэттэн дуу, туохтан дуу оҥоһуллубут. Кыыһым аты ылабыт диэн турда. Ону мин куукула эҥин көрбөппүт дуо диэн этэн