Таптал баар!. Петр Самсонов

Таптал баар! - Петр Самсонов


Скачать книгу
эмиэ да ыйытардыы, эмиэ да ааттаһардыы көрөн турда.

      Уҥуоргу тыа отун-маһын үлтү барчалаан, ынырык күүс тииттэр төбөлөрүн үмүрүччү тарда-тарда ыспахтаан, аарыма баҕананы өрө аспыт курдук сыыһы-буору хоротон, сис тыа тэллэҕиттэн туран кэллэ, бэттэх диэки сыҕарыйан барда.

      Айаал кыыһы илиититтэн харбаан ылла:

      – Сүүрдүбүт!

      Эргиллэ түстүлэр да, дэриэбинэ диэки түһүнэн кэбистилэр. Кэннилэриттэн иччилээх улуу холорук сыһыы хагдарыйбыт кэнчээрилээх кырыһын быһыта тэбэн, эккирэтэн эрэрдии бэтэрээ диэки сыҕарыйан истэ.

      Уоллаах кыыс сиэттиспитинэн, туох баардарынан түһүнэн истилэр. Бэл диэтэр, тэбэнэттээх хахыйахтар куоҕаҥнаһар үҥкүүлэрин тохтотон, уолуйа иһийдилэр. Баай лабаалаах суугунас хатыҥнар: «Көмүстэрбиэт, кытаатыҥ. Хара санаа ынырык күүһүгэр туран биэримэҥ», – диирдии, аймана нөрүстүлэр.

      Эдэр саас ыраас таптала, кытаат, сүүр, куот, бэйэҕин өлөртөрүмэ!

      – Уо-аай! – Нарыйа били саһан турбут суон хатыҥын аттыгар кэлээт, мутуктан иҥнэн умса хоруйда. – Айуу!

      Кэннилэригэр сүрдээх тыас өрө барчалаан, иннигэр түбэспити барытын үлтү мэлийэн иһэр тыаһа субу иһилиннэ. Айаал ыксаата, кыыһын холус баҕайытык икки илиититтэн өрө тарта.

      – Айаккаа! Атаҕым, – Нарыйа хаҥас атаҕынан кыайан дугуммат буолан хаалбыт этэ. Ону-маны эргитэ саныыр, дьонтон-сэргэттэн кыбыстар хайыыр түгэн суох буолла. Кыыһын эрчимирэ түспүт илиилэринэн хабан ылан, түөһүгэр ыга тутта да, иннин хоту тэбиммитинэн барда.

      Ыччат ырааһыйатыгар кэлиилэригэр, холорук олох чугаһаата. Ырааһыйаҕа ким да суох. Иҥнэри түһэн хаалбыт былыргы сэргэ аттыгар Айаал матасыыкыла турар. Сүүрэн тиийэн олоро түстүлэр, собуоттаан бирилэттилэр. Саҥардыы ыыта үөрэммит уол матасыыкылын уҥа-хаҥас хайбараҥнатан иһэн, син көнө сүнньүн булан, гаастаан бырылатан айанната турдулар. Өр гымматылар, дэриэбинэ кытыытыгар элээрдэн киирдилэр.

      Саҥа кутуллубут чиҥии илик кумах суолга матасыыкыл көлүөһэтэ батары түстэ, халты тэбиннэ, хайбас гынна. Тимир көлө суолга сытынан кэбистэ, умуллан хаалла.

      – Маамаа! – Нарыйа ытамньыйбыт саҥата иһилиннэ. Айаал маатыралаан субурутта. Буору-сыыһы бүрүммүт ынырык холорук Ыччат ырааһыйатыгар киирэн, чараҥ саҕатыгар ытыллымахтыы тураат, оргууй оннуттан хоҥнубутунан барда.

      – Оҕолоор! Кэлиҥ манна! Чээ, түргэнник! – дэриэбинэ быстар хоту уһугар олорор аҕыс уончата буолбут Бодоор Балбаара иҥнэри түһэн хаалбыт олбуорун баҕанатыттан тутуһан, умса түһэн тураахтыыр эбит. Уол бокуойа суох кыыһы көтөҕөөт, олбуор диэки сүүрдэ. Эргэ дьиэҕэ көтөн түстэ, ол-бу диэки көрбөхтөөт, остуол аттыгар турар олоппостортон биирдэстэригэр кыыһын «лах» гына олордон кэбистэ. Сүүһүн көлөһүнүн туора сотунна.

      – Нохоо, көмөлөс! – эмээхсин ыксаабыт саҥата иһилиннэ. Холорук дьиэ айаҕар кэлиитэ Айаал ааны саба тарта. Эмээхсин аанын хатыы охсоот, хоһун диэки бөкөөрөөхтөөтө:

      – Түннүктэри сап! Түргэнник!

      Айаал түннүктэри саба ыстанна.

      Бодоор Балбаара оттуллан турар оһоҕун айаҕын аһа баттаата, тугу ээ үрүт-үрдүгэр ботугураата, бакыһан хаалбыт тарбахтарынан ап-араҕас арыыны уокка бырахта. Уот күөдьүйэ


Скачать книгу