Таптал баар!. Петр Самсонов

Таптал баар! - Петр Самсонов


Скачать книгу
күөгэтэ олорор.

      Дьиэлээх киһи ыалдьыт диэки эргиллэ түһэн, көбүөлээн эрэрдии:

      – Шака урааҥкай кэллиҥ дуу? – диэн ыйытар.

      – Сахабын. Мантан чугас икки сыллааҕыта көһөн кэлбит аҕа ууһун киһитэбин. Эһиги кимнээх диэн этигит?

      Иистэнэ олорор кыыс уолу сонурҕаабыт, бэл ымсыырбыт да хараҕынан сытыытык көрбөхтүүр. Уол эмиэ, эдэр киһи буоллаҕа, кыыс диэки кылап гына көрөн ылар. Кыыс хараҕын сытыы уота тоҕо эрэ уол түөһүн аһыппахтыыр, этин сааһын аһан «дьар» гыннарар.

      Кэпсэтэн билсибиттэрэ, киэҥ сиринэн көһө сылдьар төрүт олохтоох ыал эбит. Ийэлэрэ – саха. Бу олорооччу тоҥус хоһууна эр бэрдэ буолан, ойоҕун сүүрбэ кыһыл саһыл тириитигэр сүгүннэрэн аҕалбыта сүүрбэччэ сыл буолбут эбит. Ити иннинээҕи ойоҕун чучунаа күрүлүүр күнүс кэлэн, уоран-талаан барбыт. Ол дьахтартан биир уоллааҕа доҕотторун кытта сир кэрийэ барбыт. Сарсын-өйүүн кэлиэхтээх үһү.

      Ити икки ардыгар түлэй бараан түүн улуу өрүстэри, аар тайҕалары, арыы-сыа аллар алаастары, сыһыылары, тойон нүһэр хайалар сайыннары хаардаах төбөлөрүн көстүбэт түү суорҕанынан угуттуу сабан улугурдан, унаарытан кэбиспит. Кытыл кэрэ сибэккинэн киэргэммит көнө ньуура сылаас нуһараҥҥа бигэнэн нуурайбыт, оргууй, биллибэтинэн, кистээн өрүтэ тыыммахтаан наскыйан барбыт.

      Уолан Харалы туох да хос санаата суох ыйан биэрбит сирдэригэр утуйардыы оҥостон, түүн хотун сымнаҕас биһигэр бигэнэн эмиэ орто туруу бараан дойду уустук эрээри умсулҕаннаах олоҕуттан тэйдэр тэйэн, күөгэлдьийэн барда.

      Арай түһээтэҕинэ, Аадаҥ аҕатын ууһун ыһыаҕар сылдьар эбит. Үкчү былырыыҥҥы ыһыах курдук. Түүлүн түүл: «Арааһа былырыыҥҥы ыһыах быһыылаах», – дии саныыр. Барыта былырыыҥҥы курдук. Чоргул Доҕуй оһуохай тылын таһаарар. Мөдьөкө Бөҕө мас тардыһан мадьыктаһар, тустан биликтэһэр, Түөрэм Холорук, сылгы бэрдэ, түөрт түөрэм туйаҕа сир кырсын таарыйар – таарыйбат сүүрэн уунаҥнатар, Биэстээх Бэргэн далла мэндэйэр. Биһиги уолбут оһуохайга киирэн, бар дьону кытта тэҥҥэ күөгэлдьийэн эрэр. Аттыгар соһонон сотуллубут мааны этэрбэстээх, уһун хара сонноох кыыс кини илиититтэн тутар-туппат даҕайсан иһэр. «Ээ, Чөмөйө эбит дии», – сүрэҕэ өрүкүйбүтүнэн хаҥас диэки көрө биэрбитэ, аҕата киниэхэ ылан биэрэ сатыыр кыыһа, Намылы, уол чэрдээх модороон ытыһыттан тутуһуоҕунан тутуһан иһэр эбит.

      «Бу кыыс эмиэ хантан кэлэн хаалла. Былырыыҥҥы ыһыахха сылдьыбатаҕа ээ», – дии саныыр уол. Онтон оһуохай түһүлгэтин ортотун көрө түспүтэ, тоҥус кыыһа өһөх кыһыл өҥнөөх бытырыыстаах сонун кэтэн, туолбут ый курдук сырдаан көстөр төгүрүк дү-ҥүрү өрө тутан, хап-хара былаайаҕынан охсо-охсо, кыыран эккирии сылдьар эбит. Дүҥүрүн хас оҕустаҕын аайы, хаанынан ыһыллыбыт иччилээх холоруктар ытыллан тахсаллар. Онтон соһуйан Уолан Харалы уһуутаабытынан тэллэҕэр олоро түстэ.

      – Баттаттыҥ дуу? – били кыыс уһун баттаҕын намылытан, харахтарын уота өссө имэҥирэн, өссө сытыырхайан уолу утары көрөн олорор. Өйдөөн көрбүтэ, кыыһа ийэттэн төрүү сыгынньах эбит.

      Дьэ,


Скачать книгу