Чиҥ туруктаах оҕону иитии. Кулан хан
отуора уларыйбытыттан буолар. Былыргы курдук иҥэмтэлээх төрүт аһылыктаах, ыраас салгыннаах, уулаах, биир тылынан эттэххэ сатарыйбатах айылҕалаах олохтоох, ону тэҥэ үлэлээн-хамсаан өрө мөхcө сылдьарбыт буоллар, турукпут быдан чөл буолуо этэ. Өбүгэбит сүрдээх кытаанах усулуобуйаҕа олорбута, оттон билигин биһиги сылаас, сымнаҕас эйгэҕэ олорор дьон аны кыылбытын мөлтөппөт туһугар дьулуһуохтаахпыт.
Киһи кыылын туһунан этэбин. Баҕар, соһуйа истиэҥ. Быһаарыым. Хайа баҕарар киһи үс эйгэттэн турар: кыыл, киһи уонна үрдүкү (Айыы). Маны киһиэхэ бэйэтигэр көрдөхпүтүнэ: аллараа өттө – төрүүр-ууһуур уорганнара – кыыл таһыма, сүрэх – киһи таһыма уонна өй – Айыы таһыма. Ол күүстэр тэҥҥэ сайдыахтаахтар, үрдүкү өй кыылы көрө-истэ сылдьыахтаах, ол гынан баран сабан, баттаан кэбиһиэ суохтаах. Кэнники кэмҥэ үгүс киһи өйүгэр эрэ болҕомто, суолта биэрэр буолан, кыыла мөлтүүр, оччотугар оҕо оҥорор, оҕо үөскүүр кыаҕа эмиэ сабыллан хаалыан сөп. Бу – айылҕа кэһиллиитин көстүүтэ. Ону таба өйдөөн, киһи бэйэтигэр үлэлиэхтээх, хайаан да ис эйгэтигэр тэҥ буолууну ситиһэ сатыахтаах. Оччотугар эрэ киһиэхэ дьол туруга кэлэр, үс айылҕа үһүөн тэҥҥэ дьүөрэлэһэр буолаллар.
Холобур, кыыла мөлтөөбүт киһи этэ-сиинэ мөлтөөн, түмүгэр иммунитета эмиэ мөлтүүр. Ол туһунан кэлин өссө кэпсэтиэхпит.
Оҕо сатаан үөскээбэтин өссө биир төрүөтэ – дьахтар эр киһилии күүстээх майгылаах буолуута, оттон эр киһи ис күүһүн сүтэриитэ. Олус күүстээх, барыны-бары хонтуруоллуу, дьаһайа, оҕолорун мөҕө-этэ сылдьар ийэлээх уонна дьахтарга баһый̆тарбыт аҕалаах ыал оҕолоро – кыыс эр киһини сыаналаабат, сэниир, уол дьахтартан толлор буола улааталлар. Оччотугар кыыс кэлин улаатан баран эр киһиэхэ сатаан арыллыбат, оттон уол кыыс аймахтан тэйэр. Иитии олус улахан суолталаах, онно төрөппүт икки ардыгар сыһыан бастакы миэстэҕэ турар. Итини өссө дириҥник салгыы таарыйан ааһыахпыт.
Суруллубуту аахтахпытына, эппиэтинэс барыта кыыска, дьахтарга, ийэҕэ эрэ сүктэриллэр курдук өйдүөххэ сөп. Ол сыыһа. Айылҕа тэҥнээн оҥорор. Ол гынан баран ийэ оҕону иһигэр тоҕус ый тухары илдьэ сылдьар, онтон кыратыгар көрөр-истэр, эмтэрэр. Ханнык баҕарар тыыннаах киһи ийэттэн тахсар уонна аан бастаан кинини кытары киининэн быстыбат ситимнээх буолар. Ол иһин ийэни кытта ситим, сирдээҕи таһымынан син биир аҕаны кытта ситимтэн күүстээх буолар. Оттон оҕо аҕатын кытта үрдүкү эйгэлэринэн ордук күүстээх ситимнээх.
Итини көннөрү тылынан быһаардахпына, маннык: ийэтигэр чугас, ийэтин ытыктыыр оҕо хаһан баҕарар киһилии майгылаах, сиэрдээх буолар. Онтон аҕатын күндүтүк саныыр оҕо көҥүл буола улаатар. Аҕатыгар хомолтолоох киһи бу олоххо хаһан даҕаны ис көҥүл диэни билбэт. Баҕар, сорох ааҕааччы маны олус быһаччы, кытаанахтык этиллибит дии саныан сөп. Ол эрэн Айылҕа биһиэхэ, бэйэлэрин оҕолоругар, сыһыана оннук, биһигини таптыыр буолан баран хаһан да атаахтаппат, тараҥнаппат, кытаанах ирдэбиллээх. Ол – биһиги бу орто дойдуга көрүлүү-нарылыы буолбакка, ситэ-хото, бөҕөргүү кэлэрбит