Чиҥ туруктаах оҕону иитии. Кулан хан
олус улахан оруолу оонньууллар.
Айылҕа кэлэр кэнчээри ыччат туһугар эппиэтинэһи эр киһиэхэ уонна дьахтарга тэбис-тэҥ гына үллэрэн биэрэр. Оттон олоххо оҕо иитиитигэр туох эмэ табыллыбатаҕар бэйэ-бэйэни буруйдаһыы хомойсууга, атааннаһыыга эрэ тиэрдэр. Бэйэтин иннигэр эппиэтинэһи сатаан туруорбат киһи, олоҕор туох эмэ куһаҕан буоллаҕына, чугас дьонун буруйдуур. Онтуката туох да үчүгэйгэ тиэрдибэт, кини олоҕун тупсарбат. Өйдөөн көрүҥ, дьону, ойоҕун эбэтэр эрин буруйдуур биир эмэ киһи бу олоххо дьоллоох буолбутун билэҕит дуо?
Оттон бэйэ-бэйэни өйдөһөн, көмөлөсүһэн сылдьар ыал эйгэтэ хайаан да сылаас тыыннаах, таптал уйалаах, дьиҥ дьол тыыннаах буолар. Оннук эйгэҕэ, биллэн турар, бөҕө туруктаах оҕо иитиллэр.
Ийэ, аҕа «охсуулаах» таптала
Өбүгэ да өйдөбүлүнэн, аныгы уйулҕа үөрэҕин да көрүүтүнэн, оҕо сааһыгар төрөппүт тапталынан иитиллибит киһи олоҕор бөҕө туруктаах, сүрэҕэ аһаҕас, киэҥ-холку, киһилии майгылаах буолар. Биһиги, билиҥҥи дьон, оҕоҕо таптал диэни төһө дириҥник өйдүүбүтүй, ону дьиҥ олоххо төһө арыйабытый, туһанабытый?
Биллэн турар, таптал туһунан суругунан тиһэн киһи сүрэҕэр (өйүгэр буолбатах) тиэрдэр сүрдээх уустук, сатаммата да буолуо. Ол да буоллар муҥ саатар сүнньүн өйдүүр курдук гына бу эйгэни бэрт кыратык сэгэтэн көрүөҕүҥ. Төрөппүт оҕотугар таптала «миэнэ» диэн көрүүгэ олоҕуруо суохтаах. Ол аата эн төрөппүт оҕоҥ бэйэтэ туспа олохтоох-дьаһахтаах, дьылҕалаах-төлкөлөөх буоларын букатын умнуо суохтааххын. Оҕо төрөппүтүн кытары олоҕун холбуур кыаҕа суох. Кини улаатан эр-ойох буолан дьылҕатын кимниин эрэ холбуоҕа, оттон эн, төрөппүт, төһө да баҕарбытын иһин, оҕоҥ дьылҕатын үллэстэр кыаҕыҥ суох.
Эн кинини оҕо сааһыгар иитэн, бэйэҥ тыыҥҥынан толорон баран улаатарын саҕана көҥүлгэ ыытаҕын, дьылҕатын бэйэтин илиитигэр туттараҕын. Онно төһө ис туруктаах гына ииппитиҥ көстөн кэлэр. Ол кэннэ оҕо улаатан, эр киһи, дьахтар буолан, аналын көрсөн, айылҕаттан кэлбит ыйааҕын толоруохтаах. Ону тутахтык «оҕо төрөтүөхтээх, дьиэ-уот булунуохтаах» диэнинэн муҥурдаммакка, дириҥ соҕустук хорутан көрүөҕүҥ.
Айылҕа үрүҥ уонна хара, тымныы уонна итии, үрдүк уонна намыһах, о.д.а. утарыта турар көстүүлэртэн турар. Бу көстүүлэр бэйэ-бэйэлэрин кытары утарылаһыылара, охсуһуулара, ылынсыылара, алтыһыылара олоҕу хамсатар. Ол сиэринэн орто дойдуга кэлбит дьахтар уонна эр киһи алтыһыылара – бу олох биир сүрүн үөрэҕэ буолар. Кинилэр бэйэ-бэйэлэригэр итэҕэйсиилэрэ эбэтэр атааннаһыылара, куттаныылара эбэтэр тапталлара, эрэнсиилэрэ эбэтэр күнүүлэһиилэрэ – киһи тус бэйэтигэр эрэллээх, итэҕэллээх буоларын туһугар ааһыахтаах сирдээҕи олох биир саамай сүрүн ирдэбилэ, үөрэҕэ буолар.
Эр киһи дьахтар айылҕатын өйдөөн, ылынан ис эр киһитин күүһүн арыйар, бэйэтигэр эрэллээх, итэҕэллээх буолар. Дьиктитэ диэн баар – эр киһини кыайан-хотон ол күүһү сатаан арыйбаккын. Тоҕо диэтэххэ, ити күүс тус-туһунан айылҕалаах күүстэр алтыһыыларыттан эрэ арыллар. Оттон дьахтар эмиэ