Саха саарына Тэрис. Группа авторов

Саха саарына Тэрис - Группа авторов


Скачать книгу
анала тоҕус тускуллаах. Бу тускуллар айыы киһитэ сөпкө олорор суолун үөскэтэллэр. Саха итэҕэлигэр даҕаны, олоҥхолорго даҕаны бу суол Айыы суола (аартыга) диэн ааттанар.

      3. Орто дойдуга төрөөбүт киһи бу аналын билэр уонна толорор туһугар уһуйуллар. Ол гынан баран, араас тас сабыдыал түмүгэр аналын ситэ өйдөөбөт буолар. Ити түмүгэр Орто дойду дьоно иирсэллэр. Сороҕор бу иирсээн сэриигэ тиэрдэр. Олоҥхолорго этиллэринэн, айыы дьоно быстах кэмҥэ сэриилэһэллэр. Кинилэр тиһэҕэр тиийэн эйэлэһэллэр. Онон төрүкү аналы билии улахан суолталанан тахсар. Айыы дьоно аналларын быһыытынан сэриилэһиэ суохтаахтар.

      4. Абааһылары кытта охсуһуу киһи өйүгэр-санаатыгар буолар охсуһууну көрдөрөр. Киһи бэйэтин иһигэр араас сыыһа санаалар, адьынаттар, кыыбаҕалар бааллар. Балар, саха итэҕэлин быһыытынан, абааһы уобараһынан ойууланаллар. Киһи бу быстах санаалары, имэҥнэри кыайыахтаах. Онон үтүө уонна мөкү охсуһуута айыы уонна абааһы охсуһуута буолан көстөр. Бу охсуһууга үтүө кыайар, ити курдук киһи бэйэтигэр баар мөкү өрүттэрин кыайан уһун санааҕа, атыннык эттэххэ, айыы бырагырааматыгар киирэр.

      5. Бу этиллибиттэргэ олоҕурдахха, олоҥхо ойуулуур ньымата саха былыргы олоҕун кытта сибээстээх эбит, оттон ис хоһооно киһини иитэргэ аналлаах. Ол иһин бу айымньыны үөтүүлээх (духуобунай) айымньы диэн сыаналыыбыт.

      6. Олоҥхо үөтүүлээх айымньы быһыытынан төһө күүстээҕий? Манна биэс сүрүн сүдү сорук этиллэр:

      – айылҕаны харыстааһын;

      – удьуор ырааһын харыстааһын;

      – айыы киһитэ диэн үрдүк ааты бигэргэтии;

      – айылҕа күүһүн муҥутуу туһаныы;

      – кэскили оҥоруу.

      Бу биэс сүдү сорук бүгүн эрэ наадалаах буолбатах, кэлэр үйэ дьонугар ананар. Онон олоҥхо элбэх үйэни өтө көрөр айымньы».

      Тэрис олоҥхо киһи удьуор өттүнэн чөл буоларын харыстыырга аналлаах айымньы эбит диэн түмүккэ кэлэр. Бу түмүк сахаҕа олус улахан тыын суолталаах: «Са-ха киһитэ тыйыс дойдуга олорорун быһыытынан улахан сыыһаны оҥорор бырааба суох. Дьэ, ол иһин олоҥхо үөскээбит. Олоҥхо киһи өйүгэр-санаатыгар буолар охсуһууну салайыах тустаах эбит: киһи бэйэтин мөкү өттүн кыайарыгар көмөлөһүөхтээх, үтүө өттүн үрдэтиэхтээх. Онон саха киһитэ олоҥхону истэн сөп санааҕа иитиллэр, айыы бырагырааматын өйдүүр буолбут. Ити кини олох иһин охсуһарыгар сүдү суолталаммыт».

Г.С. Попова-Санаайа,профессор

      Сахалыы санааһыҥҥа олоҕуруу

      Тэрис суруйуутунан, өбүгэ үөрэҕин өйдүүргэ киһи сахалыы санааһыҥҥа үөрэниэхтээх. Сахалыы санааһын диэн өбүгэлэрбит үтүмэн үйэ тухары утумнаан кэлбит толкуйдуур ньымалара. Бу ньымаҕа тирэҕирэн, айыллыы бэрээдэгин тобулан өбүгэлэрбит Айыы үөрэҕин үөскэппиттэр диэн түмүккэ саха итэҕэлин чинчийээччилэр кэлбиттэр.

      Тэрис төрүт саха эйгэтин баттаһа төрөөн, иитиллэн сахалыы санааһынынан өйө-санаата сайдыбыт буолан, дириҥтэн этиттэриини баһылаан, онуоха эбии аныгы билим билиитэ Айыы үөрэҕин саҥалыы тыыннаан сурукка-бичиккэ тиһэн, кэмин баттаһа, күн сиригэр таһаарбыта саха аймах санаатын уһатарыгар


Скачать книгу