Саха саарына Тэрис. Группа авторов

Саха саарына Тэрис - Группа авторов


Скачать книгу
ытык сирдэригэр сүгүрүйүү (паломничество), айаннарга сылдьыы былаана ылыллыбыта. Ол былаан чэрчитинэн, ытык сирдэринэн экспедиция бастакы түһүмэҕэ Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан саҕаланна. Өбүгэлэрбит олорон ааспыт ытык сирдэригэр сылдьыбыт сырыыбыт табылынна диэн этиэххэ өссө эрдэ эбитэ буолуо эрээри, мин санаабар кыра түмүк санаа суруллара ордук. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа управлениетын начальнига С.М. Холмогоровы кытта көрсүһүүгэ Л.А. Афанасьев-Тэрис, В.Ф. Яковлев бу сырыы түмүгүнэн тус санааларын этиннилэр. Ол курдук эдэр ыччат ытык сирдэргэ тирэхтээх буоларын, маннык сир тыыныгар иитиллэллэригэр кинилэри түмэр наадатын уонна бу ытык сирдэргэ хайаан да болҕомто ууруллуохтааҕын ыйдылар. Урукку сылларга Мэҥэ сиригэр-уотугар археологическай хаһыылар барбыт сирдэрэ баалларын, ол барыта ытык сирдэргэ киириэхтээҕин эттилэр. Тэрис «100 сылы өтө көрбүт Порядин курдук күнү-дьылы билгэлээн үөрэппит Мэҥэ Мооругуттан төрүттээх киһигитин өрө тутан, сэргэ курдук туох эрэ бэлиэ туруоруоххутун наада» диэн сүбэлээтэ. Салгыы кэпсэтии сүнньэ, бу булуллубут ытык сирдэргэ реставрация үлэтэ күүскэ ыытыллыан наадата ыйылынна. Холобура, баай Пономарев олорбут алааһын, дьиэтин-уотун реставрациялаан, туспа хаһаайыстыба курдук оҥордоххутуна бэйэтэ туристическай маршрут тахсыа этэ диэн ытык дьоммут сүбэлээтилэр. Турбут сириттэн көһөрөн аҕалыы сэттээх буолуон сөп. Онон турар миэстэтиттэн көһөрбөккө, бэйэтигэр ытык сир быһыытынан хаалара ордук буолуо этэ. Уустаах Избеков уһаайбатын эмиэ «Айылҕа музейа» оҥороргут буоллар диэн ыллыктаах тылларын тиэртилэр. Онон итэҕэлбит биир сүрүн хайысхатыгар ытык сирдэри харыстааһын, үйэтитии үлэтэ сөргүтүллэн, бастакы олук оҥоһулунна. Бу айаммытыгар күүс-көмө буолбут, транспорынан хааччыйбыт улуус дьаһалтатын баһылыгар Н.П. Старостиҥҥа, култуура управлениетын начальнигар С.М. Холмогоровка махталбытын тиэрдэбит.

Сардаана БагынановаКиин куорат. – Атырдьах ыйын 6 күнэ. – 2015.

      II түһүмэх

      Норуотун туһугар туруулаҺыы

      Тэрис инники күөҥҥэ

      80-с сыллар ортолоро. Биир билэр математигым билиҥҥи Кулаковскай уулуссатыгар турар аспираннар уопсайдарыгар олорор. Мин кинини саха тылынан дьарыктанар кэскиллээх эдэр киһини кытта билиһиннэрэригэр көрдөстүм. Киһим: «Сөп, манна Лааһар диэн Бүлүүттэн кэлбит учуутал уол баар, ону кытта көрүһүннэриэм», – диэтэ. Лааһары кытта оннук билистибит. Онтон сотору 90-с сыллардааҕы күөрэ-лаҥкы буолуу саҕаланна. Лааһар саха тылын, политика, итэҕэл боппуруостарыгар ба-рытыгар киирсэн иһэр. Сотору Тэрис диэн аатынан Саха сирин үрдүнэн биллэр уопсастыбаннай диэйэтэл буолла.

      Алтан сэргэ. Оччолорго Пушкин аатынан библиотека аактабай саалатыгар Тэрис «Алтан сэргэ» диэн нэдиэлэ ахсын буолар мунньаҕын ыыта сылдьар. Дьэ онно итэҕэл боппуруоһугар анаммыт мунньахха сырыттым. Тэрис, Т.И. Петрова баалларын чопчу өйдүүбүн. Бука Дапсы баар буолуон сөп. Дьэ онно былыргы саха итэҕэлин сүрүн өйдөбүллэрэ ханныктар


Скачать книгу