Уһаабыт сааскы түүн. Раиса Сибирякова
ийэм аһынан үөһэ тыынар. (Дьиэ кэргэни ааһан, бүтүн дойдуну, омугу үрэйбит ытылҕаҥҥа сэрии эрэ буолбакка, атын ынырыктаах сыһыан эмиэ сабыдыаллаабытын биһиги оччолорго төрүт билбэт этибит).
Иккис хаартыскаҕа наар оҕолор түспүттэр. Боччумнаахтык туттубут соломо кугас төбөлөөх, мап-маҥан алын кылаас үөрэнээччилэрин ортолоруттан хара баттахтаах Ноэли начаас булан ылабыт. Оттон били болоорон хаалбыт хаартыска куоппуйа эбит, кэннигэр «Покровск, 1952 год» диэн суруктаах. Кимнээхтэри эрэ кытары дьиэ иһигэр түспүттэр. Ноэль 18-таах хастаах быһыылаах, хап-хатыҥыр, үлэһит-хамначчыт көрүҥнэммит, боростуой сибиитэрэлээх. Ийэтэ, били талба-мааны дьахтар барахсан, ыран-дьүдьэйэн, баттаҕа убаан, сирэйэ харааран, кыччаан, хараҕа ыраах чөҥөрүйэн, мунна эрэ тоҥсойон хаалаахтаабыт. Баара-суоҕа 12 эрэ сыл иһигэр! «Кыһалҕа бөҕө кыһайан маннык көрүҥнэннэҕэ» диэн быһаарабыт. Астаах остуол тула сүрдээх иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн үөрэ-көтө олорор. Саас ортолоох саха дьахтара уонна кини бараллаата дьэбириэй киһитэ эт тутан мытырыйан эрэр сиэнчэр кыыһы ортолоругар уктубуттар. Бу – былырыын манна түспүт күлүкпүт. Онтон манна аҕабын кытары түспүппүн, кини олорор, мин турабын.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.