Ийээ, бырастыы гын... Степан Марков
күүстээх сэбилэниилээҕин, саба охсорун туһунан кэпсииллэрэ. Дьэбдьиэй кэргэнэ, соһуйа-өмүрэ истибэтэҕэ, көннөрү: «Кыһыл Аармыйа күүстээх, саба түспүт өстөөҕү үлтү охсуоҕа. Сотору сэрии бүппүтүн истиэхпит», – диэн эрэ кэбиспитэ. Ити итинэн хаалбыта. Дэриэбинэ иһигэр арҕаа сэрии буолбут диэн сурах тилийэ көппүтэ. Истиэнэҕэ ыйанар хара тэриэлкэ араадьыйалар ыал аайы баар курдуктара да, сороҕор саҥаран көрө-көрө тохтоон хаалар тэриллэр этэ. Хаһыат хойутаан, сонуна сойон кэлэрэ.
Нөҥүө күнүгэр күнүс оскуола оҕолоро ыаллары кэрийэ сылдьаннар: «Оскуолаҕа түргэнник бара охсор үһүгүт, оройуонтан киһи кэлбит, мунньах буолар», – диэн ааннары өҥөйөн туран этээт, төттөрү ыстаналлар. Дьэбдьиэйдээх Дьөгүөр оҕолорунуун күнүскү чэйдэрин иһэ олороллоро. Хайыахтарай, оскуолаҕа барбыттара. Дэриэбинэ биир киэн туттар тутуута, улахан киэҥ түннүктэрдээх сэттэ кылаастаах оскуола киэҥ көрүдүөрүгэр ыскамыайкалар тардыллыбыттарыгар дьон балачча муста охсубут этэ. Дьон саҥатын күүгээнин быыһыгар иһиттэххэ, сэрии, иэдээн буолбут. Ол эрээри «Кыһыл Аармыйа саба охсор ини» диэн саҥалар иһиллэн ааһаллар. Дьэбдьиэйдээх Дьөгүөр кырдьык алдьархай буолбутун сүрэхтэринэн сэрэйдилэр. Сцена үрдүгэр кыһыл сукуна сабыылаах остуол тардыллыбытыгар Сэбиэт бэрэссэдээтэлин кытта биир орто саастаах, хара баттаҕын кэтэҕин диэки ньалҕаарыччы тарааммыт, көстүүмнээх, хаалтыстаах киһи кэлэн олоруста. Дьэбдьиэй бу киһини ханна эрэ көрбүт, билиэх курдук сөбүлүү көрбүт хараҕынан одууласта. Ээ, өйдөөтө. Били, икки сыллааҕыта саас оройуон киинигэр Кыымнаайыга үлэ кыайыылаахтарын сүлүөттэригэр киирэ сырыттаҕына, киниэхэ «Хайҕал суругу» туттарбыт киһи эбит. Устинов диэн этэ, бадаҕа. Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Антон Сиидэрэп олорор дьону балачча сирийэн көрөн баран, дьон кэлбэхтэһэ сатаабыттар диэтэ быһыылаах, остуолга турар уулаах кырапыыны уруучукатынан охсон чуумпурта уонна туран:
– Табаарыстар! – диэн сөҥ куолаһынан киһи дьик гыныах курдук доргуччу саҥарда уонна олорор дьону үрдүнэн көрөн тугу эрэ толкуйдуур курдук тохтуу түстэ. – Бүгүн биһиэхэ оройуонтан партия райкомун инструктора Николай Николаевич Устинов кэллэ, киниэхэ тылы биэрэбин.
Николай Николаевич хайдах этиибин саҕалыырбыный диирдии, маҥнай күөмэйин оҥоһунна уонна кэһиэхтээх биир тэҥ куолаһынан бэс ыйын 22 күнүн сарсыардатыгар Гитлер сэриитэ биллэриитэ суох кыраныыссаны кэһэн дойдуга түөкүннүү саба түспүтүн, элбэх алдьаныы-кээһэнии, өлүү-сүтүү тахсан эрэрин, ол эрээри күүстээх Аармыйа өстөөҕү төттөрү охсуоҕун эттэ.
Түмүгэр:
– Туох да уолуйуу, ыксааһын дьон ортотугар тахсыа суохтаах. Үлэлиирбит курдук үлэлии туруохтаахпыт, онон Кыһыл Аармыйаҕа тирэх, көмө буолуохтаахпыт! Улуу сирдьиппит Күн-Сталин баарын тухары, кини муударай салайыытынан кыайыыттан-кыайыыга барыахпыт, – диэн түмүктээтэ.
Мустубут дьон сахсырҕа да көтөр тыаһа иһиллэринии чуумпуран, болҕойон иһиттилэр. Ким да тугу да бу диэн ыйыта охсубата, райком инструктора да ыйытыҥ