Ийээ, бырастыы гын... Степан Марков

Ийээ, бырастыы гын.. - Степан Марков


Скачать книгу
биир санаанан талбыттара. Кини эдэр сааһыгар тайҕаҕа түһэн, онтон көмүстээх Алдаҥҥа нуучча рабочай кылааһын кытта уонтан тахса сыл бииргэ үлэлээн, өй-санаа, билии өттүнэн сайдан кэлбитин ытыска түһэрэннэр, саҥа бөдөҥсүйбүт холкуос бэрэссэдээтэлинэн талан кэбиһэннэр, эдэр киһи үлэ үөһүгэр сылдьар.

***

      «Түмсүү» холкуос бастакы ыһыаҕа Табалаахха бэс ыйын 20 күнүгэр буолбута. Дьон-сэргэ холкуос учаастактарыттан, фермаларыттан хото кэлбитэ. Маннык улахан тэрээһиннээх ыһыах көрө-нара, сахалыы көрүҥнэргэ күрэхтэһиилэрэ, оһуокайдара сайыҥҥы аламай ыраас күн илин саҕахтан ойуор диэритин буолбута. Дьэбдьиэйдээх бу ыһыахтан олус астыммыттара, оҕолорун, ыалларын кытта биир түһүлгэҕэ олорон, ыһыах үтэһэлээх этин, кымыһын тото-хана сиэбиттэрэ, ирэ-хоро кэпсэппиттэрэ, үөрбүттэрэ-көппүттэрэ. Атын нэһилиэктэртэн, оройуон кииниттэн элбэх дьон кэлбитэ олус көхтөөх этэ. Холкуос бэрэссэдээтэлэ Баһылай Кынаачайап ыһыаҕы аһар этиитигэр, ону дакылаат диэбиттэрэ, холкуос бастыҥ үлэһиттэрин ахсааныгар киллэрэн кинилэр ааттарын ааттаабыта Дьэбдьиэйдээх үөрүүлэрин-көтүүлэрин өссө өрө көтөхпүтэ. Киэһэ дьиэлэригэр чэйдии олорон үөрбүт-көппүт Дьэбдьиэй кэргэнин таптыыр, ыраас харахтарынан саҥарбакка эрэ одуулуурун көрөн Дьөгүөрэ эйэҕэс баҕайытык мичик гынан:

      – Доҕоор, тугу этээри гынаҕын, этиий ээ, – диэтэ.

      – Олус да үчүгэй ыһыах буолла-а, өссө мантан киэһэ баран оһуокайдыахпыт, үҥкүүлүөхпүт… Барыахпыт буолбат дуо?

      – Баран буоллаҕа дии… Иккиэн бииргэ сылдьарбыт олус үчүгэй, олус астынабын.

      – Өссө мин эйиэхэ тугу эрэ этиэм этэ… Хайа, сэрэйбэккин да дуо? Ок-сиэ, ама, умна оҕустуҥ дуо?

      – Тугуй, Дуунньа? Этэ охсууй, муҥнаама… Тугу да өйдөөбөккө олоробун ээ…

      – Оо дьэ… Эр дьон диэн итинниккит ээ. Умна охсубут. Оттон мин олох умнубаппын ээ. Сыл, хонук аастаҕын аайы өссө кэрэтийэн иһэр курдук.

      – Тугу этэриҥ буолла, доҕоруом, – Дьөгүөр өйдөөбөт, Дуунньата тугу этиэҕин таайа сатыы олорор.

      – Чэ, Дьөгүөссээ, умнубут, ону улахаҥҥа уура сатаабатах киһиэхэ этэн, санатан да көрүүм. Иһит эрэ, эн биһиги бу манна урут Табалаахха буолбут кыракый ыһыахха аан маҥнай билсибиппит буолбат дуо? Эн биһиги ыһыахпытыгар кэлбит этиҥ дии. Урут хаһан да көрбөтөх уолбун көрөөт да олус сөбүлүү, таптыы көрбүтүм ээ… Сүрэҕим оҕото битигирии тэппитэ. Эн мин диэки хайыһан көрбүккэр, миигин көрөр диэн олус да кыбыстыбытым ээ…

      – Ээ, ону этэр эбиккин дии…

      – Ол киэһэ эн миигин үҥкүүгэ ыҥырбытыҥ дии. Олус даҕаны дьолломмут курдук санаммытым. Үҥкүү кэнниттэн чуумпурбут дэриэбинэ кытыытынан хаамсыбыппыт. Илиибиттэн ылан сиэппитиҥ, оо, онно көтүөхпэр кынатым эрэ суоҕа-а. Тугу эрэ кэпсэтэр этибит, долгуйбутум бэрт буолан өйбөр туппатахпын, арай ол кэпсэтиибитин сайыҥҥы нуурал түүн, сарсыарда эрдэ уһуктубут чыычаахтар иһиттэхтэрэ, биллэхтэрэ. Эн миигин уураан ылбытыҥ. Аан маҥнайгы уураһыым этэ… Кыбыстыбытым даҕаны-ыы. Ол уураһыыбыт


Скачать книгу