Ийээ, бырастыы гын... Степан Марков
80-ча субан сүөһүнү үүрэн айаннаабыттара. Бу үрэх баһыгар хайа кыра оҕолордоох ыал барабын диэй? Ол эрээри бу кыһалҕалаах кэмҥэ, биригэдьиир Дьарааһын уонна бэрэссэдээтэл бараҕыт диэн эппиттэрин кэннэ, ким утарса туруоҕай?!
Дьэбдьиэйи, эдэр, кыайыгас үлэһит дьахтары, итиннэ, баҕар, ыытыахтарын сөп эбитэ буолуо да, аҥаардас диэн тохтоотохторо. Оттон хайаан да бардаххына табыллар диэбиттэрэ буоллар, бука, оҕолорун илдьэ барыа эбитэ дуу? Хата, инньэ диэбэтилэр. Аанчыгын оскуолаҕа интернакка ыллылар, төрдүс кылааска үөрэнэр. Сылаас кэмҥэ өрөбүлүгэр биир хонон барааччы, үксүгэр кэлбэт. Интернат оҕолоро, таҥастара-саптара мөлтөхтөрүн, чараастарын иһин, кыһыҥҥы тымныы ыйдарга дьиэлэригэр кэлэллэрэ да саарбах. Икки кыра уолунуун суулаһан олороллор. Үлэтигэр барарыгар дьиэҕэ хааллартаан, ааны баттатан барар. Кыһыҥҥы кылгас күҥҥэ хотонтон орпот. Күнүс бэрт тиэтэлинэн кэлэн оҕолорун аһата охсор. Күн аайы итинник, өрөбүлэ суох үлэ. Дьиэҕэр кэлэн олоро, сынньана түһэриҥ кэлиэ дуо? Сүүрбэччэ ынаҕы ыаһын, саахтарын ыраастаан таһааран балбаахтааһын, кыбыыттан от киллэрэн аһатыы, уулатыы, аны торбосторго хас биирдиилэригэр ойбонтон биэдэрэнэн уу баһан таһаарыы элбэх бириэмэни, сыраны-сылбаны ылар эбээт. Аны ферма сэбиэдиссэйэ, биригэдьиир эн үлэҕин көрө-истэ сылдьаллара, кинилэр харахтарын далыгар баарыҥ илиигин-атаххын баайар.
Биир кыһыҥҥы киэһэ Дьэбдьиэй дьүөгэтиниин Сөдүөрэлиин тымтык уотунан бэйэ-бэйэлэригэр сырдатыһан, тиһэх ынахтарын ыан бүтэрэн, илиилэригэр үүттээх биэдэрэлэрин тутан, хотон боруогун атыллаан тахсан иһэн, Дьэбдьиэй туохтан эрэ халтарыйан тобуктуу түһүүтүгэр уҥа илиитигэр баар биэдэрэлээх үүтүн тоҕо түһэн кэбистэ. Соһуйан да, куттанан да өмүрэ түһээт, биэдэрэтин көннөрү тарпыта, төһө ордоохтуой, түгэҕэр эрэ баар тыаһа чалымнаан иһилиннэ.
– Тыый, үүппүн тохтум дии! – Дьэбдьиэй ыксаабыт куолаһынан саҥа аллайда.
– Төһө тоҕунна? Түгэҕэр эрэ хаалла дуо? – кэнниттэн иһэн дьүөгэтэ Сөдүөрэ ыйытар.
– Туох да орпото… Этэрбэһим инчэҕэйгэ тоҥон хаалан, муус буолла, халтархайа да бэрт эбит, – ытамньыйбыт куолаһа иһиттэн нэһиилэ таҕыста.
– Чэ, бээ, олус уолуйума, хайыахпытый, буолбут буолбутун кэннэ, соруйан тохпукка дылы, алҕас халтарыйдаҕыҥ дии. Ыксаама…
– Наһаа куттанабын ээ. Бу үлүгэрдээх ас суоҕар биэдэрэнэн үүтү соруйан тохпут диэн сууттуохтара дии, бэйэҥ билэҕин, оннооҕор буолуох туох буруйа суох дьон сууттанан хаайыыга бараллара дии. Үүт тутааччы, ферма сэбиэдиссэйэ Марыына кэтэһэн олордохторо. Хайыахпытый оттон, кырдьыкпынан этэн, көрдөһөн көрүөм буоллаҕа… Хайыыллар… – Дьэбдьиэй ытыырын быыһыгар куттанан сап-салыбырас буолан хаалла.
– Дьэбдьиэй, ыксаама, доҕоор… Мин ити тохтубут биэдэрэҕэр үүттэрбиттэн көҕүрэтэн кутуталыым, эн биир биэдэрэҕиттэн эмиэ көҕүрэт. Биэдэрэлэрбит быһаҕас соҕус буоллуннар. Бу киэһэ, кырдьык, хойутаатыбыт дии. Сүөһүлэрбит киэһэ туохтан эрэ үргэннэр, аанньа иэппэтилэр, мөхсөллөр диэххэ, сөп дуо?
Кураанах биэдэрэлэригэр атын биэдэрэлэриттэн