Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба. Дмитрий Колесов

Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба - Дмитрий Колесов


Скачать книгу
үөрэ-көтө туруммуттара.

      Дьиэлээхтэр сарсыарда турар бириэмэлэригэр уһуктан, уот сырдыгар көрбүттэрэ – Мачыана суоҕа. Бастаан чугас тахса сырыттаҕа дии санаабыттара. Онтон чэйдиэхтэригэр диэри киирбэтэҕиттэн дьиксиммиттэрэ. Ийэтэ тахсан чугастааҕы бүтэйдэри, хотоннору кэрийбитэ. Онтон ыксаан сүөһүлэрин көрөөччү Дайбанар Даарыйалаахха киирэн: «Мачыана киирэ сылдьыбатаҕа дуо?» – диэн ыйыппыта. Онуоха «суох» диэбиттэрэ. Эмээхсин дьэ ыксаабыта, ынырыктаах санаалар өйүгэр араастаан элэҥнэспиттэрэ. «Ханна барыан сөбүй? Мантан үс көстөөх Хахыр ыалыгар барыан сатаммат, ырааҕа бэрт. Итиэннэ чугаһынан ыал суохха дылы…» Эмээхсин таһырдьа тахсан турбута. Онтон эмискэ өйдөөн, кыраһа хаарга кыыһын суолун булбута, кыыһа ойбон суолунан күөлгэ киирэн тохтообокко, сүүрүүнэн үлдьү ааспыт суола тыргылла сытара, оттон бэйэтэ ханна да көстүбэт этэ. Хаһан баҕарар ийэ сүрэҕэ уйан диэччилэр, кини икки хараҕын уута сарт түһэн, ытаан-соҥоон айманан дьиэтигэр киирбитэ. Дьоно хайыы-үйэ чэйдээн бүтэн эрэллэрэ. Эмээхсин аймалҕаныттан соһуйан Күчүмэ оҕонньор уолаттарын кытта тас таҥастарын сыыһа-халты кэтээт, таһырдьа тахсан ойбон суолунан сүүрбүттэрэ. Итиэннэ ойбон дьайыҥар икки хонуктааҕыта ууга өлбүт атыырдара сытарын көрбүттэрэ. Онтон Күчүмэ уолаттарыныын олус соһуйбуттара. «Хайдаҕый, харахпыт иирэр дуу?» – диэбиттэрэ.

      Суоллаан көрбүттэрэ, кыраһа хаар үрдүнэн сатыы киһи сүгэн аҕалан түһэрбит суола баара. Бары олус саллыбыттара, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн эрэ кэбиспиттэрэ. Мачыана суолун батыһан тыаҕа тахсыбыттара, суол уҥа өттүттэн били атыыры сүгэн аҕалбыт киһи атаҕын суола киэҥник хардыылаан кэлэн, көрсүһэн бииргэ тэпсэҥнээбит, тохтоон турбут суоллара баара. Тииккэ, балтараа саһаан үрдүккэ, сылгы сиэлэ уонна кыһыл таҥас кырадаһына баайыллыбыт этэ. Ити кыыс, төһө да күрээн барар буоллар, төрөөбүт-үөскээбит төрүт буорун кытта арахсыһар бэлиэтин хааллардаҕа. Онтон эр киһи кыыһы көтөҕөн баран, ыстаҥаһыт курдук, ыраах-ыраах олук хааллартаан, сүүрэн бурҕаппыта ырылыйа сытара. Батыһааччылар бары саллыбыттара, саҥата суох оргууй төннөн унньуҥнаспыттара. Били көстөөх сиртэн сүгэн аҕалыллыбыт атыыры кэлэн тула хаамсыбыттара.

      – Сир-дойду да син маннык күүстээхтэри уйан сырытыннарар эбит. Бу ханна батан сылдьыах күүһүй? Сүрүн баҕаһын, бу атыыр муустуун отут буут баар ини? Ону көстөөх сиртэн куобах курдук сүгэн аҕалар киһи күүһэ сатаан холоммот. Кини биир сиргэ туран төһөлөөҕү көтөҕүө этэй? Хайаан да бүтүн күүстээх киһи буолуо ээ, – диэтэ Чиркэйэр Дьөгүөр, элбэх саҥалаах, омуннаах улахан уол.

      – Бу да киһи омуннуура сүрүн, саатар аҥаар күүстээх ини? Бүтүн күүстээхтэр сүүс бууту көтөҕөллөр үһү! Хайа, бу атыырбыт 20 бууттан ордуга суоҕа буолуо. Ону, күүстээх буолан, собус-соруйан биһигини дьулатаары, батыспатыннар диэн, күүһүнэн куттаары, төһө да ыарырҕаттар, аҕалбыт буолуохтаах. Кини улахан өйдөөх киһи эбит. Ити атыыры аҕалбатаҕа буоллар – биһиги билбэккэ эккирэтиэ этибит. Оттон билигин ити айылаах күүһүн көрөн туран барыа суохпун, син


Скачать книгу