Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба. Дмитрий Колесов

Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба - Дмитрий Колесов


Скачать книгу
суол көстүбэт буолан испитэ. Халлаан быстаҕас былыттарын быыһынан, онон-манан сулустар кыламнаһан көстөллөрө. Аттара олус күүскэ айаннаан уонна аҕыс көстөн ордукка аһаабакка, тохтоло суох хааманнар, олус сылайбыттара. Кыайан барбакка турунан кэбиспиттэрэ. Муҥ сорунан биир көлүччэҕэ кэлбиттэрэ. Уу ото хойуутук үүнэр эбит. Оҕонньор онно аттарын аһата ыыталаан баран, сатыы, маһы тайахтанан, киһитин суолун батыһан баран испитэ. Сылайан, аччыктаан олус буорайбыта, санаата улаханнык түспүтэ. «Хайа үлүгэрий? Киһини буолбатах, илэ илиэһэйи батыһабын, быһыыта. Баччалаах ыраах сиргэ дьахтар сүгэһэрдээх тохтообокко айанныыра тугун сүрэй? Бука, мантан чугас тохтоотулар ини?» диэн иһигэр санаа кыыма кылам гынан ааһара.

      Түүн ырааппыта, хараҥата, тымныыта олус куһаҕана. Тыаҕа оҕонньор хаста да охтон ылбыта. Күөлү туораан иһэн, хайаан да уҥуоргутугар тохтообуттара буолуо диэн иһигэр эрэнэ саныыра да, кураанах буолара. Ол аайы хомолтотуттан күүһэ эстэрэ, санаата түһэн атаҕын арыыйда соһоро. Оннук айаннаан киэҥ күөлгэ киирбитэ: «Өскө бу күөл уҥуор тохтооботох буоллахтарына, өлөбүн, күүс эһиннэ». Кырдьык, сэниэтэ эстэн эрэр быһыылааҕа. «Туох гынаары кэлэн сору көрдөхпүнүй? Ымыыһыыр баайын ылар баҕаҕа. Хаарыаннаах халыым хаалыах бэйэтэ буоллаҕа…» Икки хараҕыттан бокуойа суох таммах уулар тохтубуттара, саҥа таһааран ытаабыта.

      Кэнники киһитин суолун сүтэрэн кэбиспитэ уонна онуоха кыһаммат да буолбута. Хараҕар төгүрүк уоттар көстөн ааһаллара. Онуоха «өйбүн сүтэрэн эрэбин» диэн куттанан, ол санаатыттан охтон түспүтэ.

      Халлаан саҥа сырдаан, күөл иэнэ бадыа-бүдүө этэ. Бу күөл уҥуоргутугар, аһаҕас халлаан анныгар, уот аттыгар Лойут Мачыаналыын олороллоро.

      Лойут эрдэ туран, кулуһун уотун күөдьүтэн баран, эт буһараары солуурчаҕар күөлтэн уу баһа, сүгэтин ылан, бэҕэһээ тэспит ойбонугар киирбитэ уонна үөс диэки көрбүтэ – киниттэн ырааҕа суох, мууска киһи сытар курдуга. Борук-сорукка хайдах эрэ хамсаан, мөхсөн ыларга дылы этэ. Кини түргэнник тыаҕа сүүрэн тахсан солууругар тайах этин толору күөстээбитэ уонна Мачыанаҕа эппитэ: «Доҕоччуок, эн күөспүтүн көрөөр. Мин күөл мууһугар дьиктини көрдүм. Ону дьиҥнээҕин билээри бардым». Кини сүрэҕэ сэрэйэр этэ: кыыс дьоно бардам санааларыгар батыһан кэлиэхтэрэ диэн. Ол сэрэйбитэ кырдьык буолбута. Күчүмэ оҕонньор илэ бэйэтэ кэлэн сытара. Кини тугу эрэ үлүгүнэйэр этэ, өйүн сүтэрбит быһыылааҕа. Лойут оҕонньору көтөҕөн ылан, кыра оҕо курдук тутан, кутаа аттыгар аҕалбыта.

      Сотору күөс буһан, маҥнай итии миини иһэрдибиттэрэ. Оҕонньор сэниэ киллэрэн, өйдөнөн кэлбитэ. Тоҥмута ааһан, сылыйан, олус сылайбыта баттаан, утуйуон наһаа баҕарбыта. Кыыһырар да кыаҕа суоҕа. Онуоха Лойут эппитэ: «Икки акаары төрөөммүт, эйигин кырдьар сааскар эрэйдээн өлөрө сыстахпыт, ону акаарылары хайыаҥый?» Оҕонньор саҥата суох баһын эрэ хамсатан кэбиспитэ. Утуйан хаалбыта.

      Лойут аһаан баран, оҕонньор аттарын аҕала сүүрэн кыырата турбута. Мачыана уотугар маһы эбэн, кутаатын күөдьүтэн иһэрэ. Аҕата тугу да билбэккэ, өлбүттүү утуйа сыппыта. Лойут


Скачать книгу